Бэс ыйын 1 күнүгэр Оҕо көмүскэлин күнэ бэлиэтэнэр. Оҕо диэн – үрдүк дьол, истиҥ таптал, олоҕу киэргэтээччи, утуму салҕааччы. Оҕо доруобай, дьоллоох буоларыттан ордук суолталаах төрөппүккэ суох.
Кэнники 3 сыл иһигэр Саха сиригэр ийэ буолууну, оҕолору өйүүр көмө кээмэйэ 4 төгүл улаатта. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ төрөөһүн көрдөрүүтэ үрдүк, Уһук Илин эрэгийиэнигэр бастакы миэстэлээх.
2022 сылга 8-16 саастаах оҕолорго босуобуйаны 41 тыһыынча кэриҥэ оҕо ылыаҕа. Ону тэҥэ, төрөппүттэр 3-7 саастаах оҕолорго, хат буолууга, о.д.а. босуобуйалары ылар кыахтаахтар. Дьиэ кэргэҥҥэ үс игирэ төрөөтөҕүнэ, эбэтэр, сокуоннай саастарын туола илик 5-тэн уонна 10-тан элбэх оҕолоох ыаллар олорор усулуобуйаларын тупсарыыга туһуламмыт бырагыраамалар үбүлээһиннэрэ эбиллэн, бу сылга 500 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэстэ. Быйыл 124 дьиэ кэргэн бу бырагырааманан дьиэ атыылаһар, туттар кыахтаныа. Элбэх оҕолоох ыаллар төһө кыаналларыттан-кыамматтарыттан тутулуга суох, Уһук Илинтэн субсидиялаах билиэтинэн сылы эргиччи көтөр бырааптаахтар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ Аҕа күнэ, Ийэ күнэ, Кыыс оҕо күнэ, Уол оҕо күнэ бэлиэтэнэллэр. “Сыл бастыҥ ыала” күрэскэ кыайбыт дьиэ кэргэттэр 300 тыһыынча солкуобайынан наҕараадаланаллар.
Саха АССР 100 сылыгар ийэ буолуу, оҕону иитии эйгэтигэр уопсастыбаннай көҕүлээһиннэри өйүүргэ Ил Дархан гранын кээмэйэ улаатан, 5 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэстэ.
Онон, оҕолоох ыалларга судаарыстыба өттүттэн болҕомто улахан. Оҕолорбут дьоллоох, доруобай эрэ буоллуннар, күн курдук мичилийэ, үөрдэ эрэ сырыттыннар!
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: СИА.