“Ийэ Албан аата” бэлиэни хайдах биэрэллэрий?

Бөлөххө киир:

“Ийэ Албан аата” бэлиэ Саха сиригэр бэрэсидьиэн ыйааҕынан аан бастаан 2003 сыллаахха олохтоммута.

edersaas.ru

Маннык бэлиэнэн Саха сиригэр 15 сылтан итэҕэһэ суох олорбут, 7 оҕону (III истиэпэннээх), 8 оҕону (II истиэпэннээх), 9 оҕону (I истиэпэннээх) төрөппүт уонна ииппит ийэлэр наҕараадаланаллар.

Бэлиэни кытта дастабырыанньа уонна харчынан төлөбүр бэриллэр: III истиэпэннээххэ — 50 000 солкуобай, II истиэпэннээххэ — 75 000 солкуобай, I истиэпэннээххэ — 100 000 солкуобай. Харчынан төлөбүртэн нолуок тутуллубат.

Балаһыанньа быһыытынан, оҕо ахсааныгар сокуоннай саастарын туола илик уонна күнүскү үөрэххэ үөрэнэр 23 сааһын туола илик оҕолоро киирэллэр. Иитиллибит оҕолор эмиэ буолуохтарын сөп.

“Ийэ Албан аата” бэлиэни Дьахталлар аан дойдутааҕы күннэригэр уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ күнүгэр туттараллар.

Олохтоох дьаһалта бу бырааһынньык буолуо 3 ый иннинэ Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин докумуоннары, оҕону иитиигэ ийэ характеристикатын ыытыахтаах. Матырыйааллары Ил Дархан иһинэн судаарыстыбаннай наҕараадалары аныыр хамыыһыйа көрөр.

Маннык докумуоннар наадалар (2-лии экземпляр):

  1. Олохтоох дьаһалта түһэрбит хадатаайыстыбата (министиэристибэ бигэргэппит көрүҥүнэн).
  2. Дьаһалта биэрбит характеристиката (ийэҕэ уонна дьиэ кэргэҥҥэ).
  3. Оҕолор төрөөбүттэрин туһунан сибидиэтэлистибэлэрин куоппуйалара.
  4. Оҕону иитэ ылыы туһунан сибидиэтэлистибэ куоппуйата.
  5. 7 саастарын туолбут оҕолорго үөрэнэр сирдэриттэн характеристика (үөрэххэ ситиһиилэрин, көхтөөх кыттыытын, наҕараадаларын, о.д.а. туһунан).
  6. Дьахтар урут “Ийэ Албан аата” бэлиэнэн наҕараадаламмытын туһунан сибидиэнньэ.
  7. Тус дааннайдары туһанары сөбүлэһии.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0