«Ийэ Албан аата» бэлиэлээх ийэлэргэ биир кэмнээх төлөбүр кээмэйэ үрдээтэ

Бөлөххө киир:

Саха сиригэр «Ийэ Албан аата» бэлиэлээх элбэх оҕолоох ийэлэргэ биир кэмнээх төлөбүр кээмэйэ үрдээбитин туһунан СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

«Маннык быһаарыныыны Ил Дархан Айсен Николаев элбэх оҕолоох ийэлэргэ махтанан туран уонна демографическай балаһыанньаны бөҕөргөтүүгэ дьоһун кылааттарын иһин,  төлөбүр кээмэйин үрдэттэ. Сэттэ оҕону төрөппүт уонна ииппит  ийэлэргэ, «Ийэ Албан аата» үһүс истиэпэннээх бэлиэлээхтэргэ биир кэмнээх төлөбүр  100 тыһ. солк., аҕыс оҕолоохторго (иккис истиэпэннээх) 200 тыһ. солк., итиэннэ 9 оҕону төрөппүт уонна ииппит ийэлэргэ (бастакы истиэпэннээх) төлөбүр кээмэйэ 300 тыһ. солк. буолла, — диэн үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова иһитиннэрбит.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0