Иитии туһунан хоһоон тылынан (Адамов строфалара)

11.04.2020
Бөлөххө киир:

Мин остуолбар эһиэхэ кэпсиэхтээх киһим Гавриил Иннокентьевич Адамов-Сайдам “Үтүө баҕа санаам миэнэ” диэн эдэр дьоҥҥо сүбэ, алгыс тыллардаах хоһоонунан суруллубут кинигэтэ  хаһан соло булан ааҕарбын, ырытарбын кэтэспитэ номнуо ыраатта. Онон, бүгүн санаабын үллэстэбин.

edersaas.ru

Санаатын толлубакка этэр уратылаах

Кинигэ ааптара 1946 сыл олунньу 13 күнүгэр, оруобуна сахалар төрүт ийэ тылбытын бэлиэтиир күммүтүгэр Чурапчы оройуонугар саха биир бастакы прозаига Семен Яковлев-Эрилик Эристиин төрөөбүт сиригэр, кэпсээҥҥэ кэпсэммит, хоһооҥҥо хоһуллубут кэрэ айылҕалаах Чакыр нэһилиэгин Эбэ диэн учаастагар күн утаҕын туппута. Күөх окко оройунан түһэн, Гавриил диэн сүрэхтэнэн, ситэн-хотон, улаатан “Гавриил Иннокентьевич Адамов дуо?” дэппитэ. Оччотооҕу сэбиэскэй былаас оскуола, үлэ, аармыйа, үрдүк үөрэх, сайдыы суолугар сирдээн киллэрэн, буһаран-хатаран, тургутан үлэ киһитэ, салайааччы гыммыта. Аармыйа, үрдүк үөрэх кэнниттэн биир дойдулааҕа суруйааччы Эрилик Эристиин аатын сүгэр өрөспүүбүлүкэ биир улахан холхуоһугар успуорт инструктарынан, хомсомуол тэрилтэтин солбуйааччы сэкирэтээринэн, Чурапчыга ССКП РК тэрийэр отделын сэбиэдиссэйинэн, райисполком солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Онтон Одьулууҥҥа оскуолаҕа, училищеҕа дириэктэринэн, 2004 сылтан «Туймаада Нефть» АО генеральнай дириэктэрин көмөлөһөөччүтүнэн, билигин Учууталлар идэлэрин үрдэтэр институкка иитии кафедратыгар ыстаарсай преподавателинэн айымньылаахтык үлэлии сылдьар.

Ханнык да таһымнаах мунньахтарга, кэмпэриэнсийэлэргэ санаабыт санаатын аһаҕастык, толлубакка этэрэ, иитии-үөрэх, төрүт тыл, олох сайдар хайысхатыгар кэскиллээх санаалара, киэҥ билиитэ- көрүүтэ, айар-суруйар дьоҕура, дьон-сэргэ туһугар олоҕо сатабыллаах салайааччы буоларыгар биир тиһик буола ситэн олук уурдахтара.

… мин прозаикпын”

Гавриил Иннокентьевич сөбүлээн ааҕар суруйааччылара Эрилик Эристиин, Амма Аччыгыйа, Далан, Суорун Омоллоон буолаллар. Кини олох уустук, мунаарар боппуруостарын быһаараары, бу суруйааччылар айымньыларыгар тирэҕирэн, санаата сааһыланан, сытыыланан эппиэт булан ылааччы.

Онтон хоһоону, үгүс оҕолор курдук, оскуолаҕа сылдьан суруйар буолбута. Ол эрээри, Гавриил Иннокентьевич-Сайдам: “Мин бэйиэппин дэммэппин, прозаикпын”, – диир. «Быыбар? Быыбар!», «Хаһан итэҕэйэллэр, бу?», «Дьыбардаах дьылга» диэн айымньылара бэчээттэнэн тахсыбыттара, ааҕааччыларын булбуттара. Билигин биир арамаан, икки улахан сэһэн суруллан сыталлар, өссө икки улахан айымньыны бүтэрээри үлэлии сылдьар.

Сайдам наар үлэ үөһүгэр сырыттар да, быыс-арыт булан дьарыгыран (үксүн эдэр ыччаты кытта үлэлээбит буолан), иитии-үөрэтии боппуруостарыгар туһуламмыт кинигэлэри хомоҕой хоһоон тылынан бэчээттэтэн таһаарбыта эмиэ бу боппуруостары интэриэһиргиир дьоҥҥо сонун көстүү буолбута:

Сүбэ хоһооннор

Холобур, “Үтүө баҕа санаам миэнэ» диэн сүбэ хоһооннордоох кинигэни ылан көрүөҕүҥ, ырытыаҕыҥ. Ааптар ”мин ыанньыйбыт санааларбын Эйигин кытта хоһоон тылынан үллэстиэхпин баҕарабын… Эдэр киһи, сэһэргэһиэх”, – диэн ааҕааччыны ыҥырар.

Кинигэ түөрт балаһаттан турар: «Төрөөбүт түөлбэ “ (7-20 с.), “Куһаҕан майгы-киһиэхэ
ыарык “ (21-54 с.),” Өбүгэ үөрэҕэ-үтүө санаа үтүөнэн эргиллэр” (55-88с.), “Олох тутулун
сүрүн өйдөбүллэрэ” ( 89-102 с.). Хас биирдии балаһаҕа анал киирии тыллардаах, кинигэ
сүрүн ис хоһооно – үүнэр ыччаты киһи киһитэ буоларга, өбүгэ үгэһин ытыктыырга, төрөөбүт түөлбэни таптыырга, ийэ тылы сайыннарарга төрөппүттэри ыҥырыы, үөрэтии….

Адамов Г.И. бу сүбэ хоһоонноро алталыы устуруокалаах биир строфанан, а.э. секстинанан суруллубуттар. Хас строфа ис хоһооно уонна формата бэйэ-бэйэлэрин кытта быстыспат ситимнээхтэр. Этэргэ дылы, айымньыга туох туһунан этиллэрэ – ис хоһооно уонна хайдах этиллэрэ – “ис хоһооно форманан бэриллэр, форма нөҥүө ис хоһоон арыллар” (Литература теорията, В.Окорокова). Гавриил Иннокентьевич строфалара 12 сүһүөхтээх тыллартан таҥыллан суруллубуттар. Ол иһин, строфа ритмическай тутула олус үчүгэйдик, чуолкайдык сөп түбэсиһэр буолан, чэпчэкитик, иҥнигэһэ суох ааҕыллаллар.

Холобур, төттөрү майгы (кэмэлдьи) курдук олоххо баар көстүүнү суох гынарга ыҥыран, ааптар “Өһүөн” диэн хоһоонугар бу “маннык кэмэлдьини аргыс гыныма, олоххун алдьатыма” диэн эдэр киһиэхэ сүбэлиир:

“Өһүөннэһэн өрөлөһө эрэ сатыыр, (12 сүһүөх)
Өстөнө сатаан өргөһү өрө тутар (12 сүһүөх)
Өйү-санааны быстах аргыс гыныма! (12 сүһүөх)
Өйдөө-өргөстөн охтор өртөн буолбатын, (12 сүһүөх)
Өһүөн өһөх, хара дьай аргыстаах санаа, (12 сүһүөх)
Өнүйбэт дьылҕаҕа соҥнонор аналын! “ (12 сүһүөх)

Сайдам бу орто дойдуга ордуҕурҕааһын олоҕу ордук алдьатар диэн эдэр ыччаты эрдэттэн сэрэтэр:

“Олоҕуҥ бэриллэр үөһэттэн ыйыллан,
Олуга ураты – Эйиэхэ ананан,
Ону тутар, киэргэтэр бэйэҥ буолаҕын!
Сүбэлиим-көрдөөмө барыны туораттан,
Ордук санаан, ымсыыран, үтүктэ сатаан.
Онтон алдьаныаҕа, Эйиэнэ, уйулҕан!”

Бу икки хоһоон 12-лии сүһүөхтээх, алталыы устуруокалаах строфалар, туруору аллитерациянан суруллубуттар. Билэргит курдук, строфалар көрүҥнэрин судургутук кинилэр хас устуруоканан суруллубуттарынан араарыахха сөп: 2 устуруока- двустишие, 3-трехстишие, терцина, 4-четверостишие, катрен уо.д.а. Онтон А. Пушкин аатырбыт “Евгений Онегин” арамаана 14 устуруокалаах строфаттан турар. Иван Гоголев “Күн хайата” диэн хоһоонунан арамаана 12 строфаттан, Р.Баҕатаайыскай “Уолаттар уонна кийииттэр” айымньыта 13 устуруокалаах строфаттан тураллар.
Оттон “Үтүө баҕа санаам миэнэ” диэн кинигэҕэ болҕомтолоох ааҕааччы сорох хоһооннор катрен форматынан, онтон 76 хоһоон алталыы устуруокалаах строфанан суруллубутун сэргии көрөр, ааҕар.

Бу кинигэҕэ ааптар катрен форматынан суруллубут хоһоонноругар тыл дьүөрэлэһиитин (рифма) араастара үгүстэр. Аҕыйах холобур:

“Тыыннаах барыта уйгу кээһэр уйалаах,
Тулхадыйбат тутул төрөөбүт
түөлбэлээх,
Айыллан тиксэр, ситими кээһэр ыырдаах,
Ананан саҕыллар аартык буолар суоллаах” (кэрискэ дьүөрэлэһии)

“Билэ-көрө, сыаналыы, быһаара улаатар,
Була-тала, оҥоро, кэрэхсии сайдар,
Бэриллэр төрөппүт түөлбэ силигинэн,
Бараммат талба мааны сиэрин мүөтүнэн” (Пааралыы дьүөрэлэһии).

Бу хоһооннорго ааптар кэрискэ уонна пааралаһыы дьүөрэлэһиини сатабыллаахтык туттубут.
.

Аллитерация – саха поэзиятын уратыта

Биллэрин курдук, аллитерация саха омук поэзиятын уратыта буолар. Сайдам хоһоонноругар аллитерацияны кыайа-хото туттарын бэлиэтиэххэ наада,

Алгыс” диэн хоһоонугар:
“Алдьархай сатаҕай кэм түгэннэригэр
Абырал, үөрүү тосхойор кэмнэригэр,
Анаан арый Айыыһыккар өркөн өйгүн,
Айах тута үллэстиий бары бааргыттан
Атастаһа илбий иэйэхсит санааҕын-
Алгыс буолан эргиллиэ сырдык эн ыраҥ” (58 с.)

Айымньы тыла-өһө хас биирдии ааҕааччыга тиийимтиэ, өйдөнөр тылынан суруллубут, хоһоонноругар метафоралар, сэргэх уобарастар, тэҥнэбиллэр элбэхтэрэ ааҕааччыны үөрдэр. Ааптар эдэр ыччакка туһаайан, “Дьоҥҥо үтүөнү эрэ санаа, оҥор” диэн ыҥырар. Элбэх хоһоонноро өрө күүрүүлээхтик суруллубут буоланнар, элбэх күүһүрдүү бэлиэтин туттан санаатын тоһоҕолуур эбит:

“Төрүттэрбит кэриэстэрин умнумуохха,
Төлкөбүт биир дьайыҥын куруук саныахха,
Түөн саҕа үтүөнү-көмүскэс санааны!
Кэрэ, үтүө, сырдык сыдьаайыа Эйиэхэ,
Күннэтэ саҕар көмүскэс майгылаахха,
Киһи сырдык аатын өрө тутааччыга!”

Саха киһитэ Гавриил Иннокентьевич-Сайдам бу кинигэтин ааҕа олорон, ис-иһиттэн долгуйан, сырдаан барар эбит. “Сырдык ыра санаа алааска иитиллэр” диэбит устуруокаларын аахпыт киһи хайдах долгуйбат буолуой? Саха аймах, ордук ыччаты иитии боппуруостара, кини дьылҕата барыбытын долгутар эбээт… Ол да иһин, Гавриил Иннокентьевич ССРС норуодунай учуутала М.А. Алексеев «Өбүгэҥ үгэһин ытыктаа!” диэн ыстатыйатын остуолуттан араарбат.

Төрөппүтү иитэр сорук туруохтаах

Гавриил Иннокентьевич-Сайдам кинигэтин кылгас ырытыыбытын кини кэскиллээх санааларынан түмүктүөххэ: “Көлүөнэлэр алтыһыылара, эйэ дэмнээх ситимнэрэ – олох ураты тутула. Сөпсөһөр, сөпсөспөт да буоллахтарына, бииргэ буолар, олорор аналлаахтар. Онно сүрүн оруол аҕа көлүөнэҕэ сүктэриллэр. Билиҥҥи кэмҥэ олус судургутук ыччаты мөҕөллөр, ыччаттан хомойоллор, бары оҕону эрэ иитэр туһунан айдаараллар. Майгы-сигили сиксиллибит кэмигэр оҕону буолбакка, төрөппүтү иитэр туһунан кэпсээн, сорук туруохтаах. Дьиҥинэн, төрөппүт хайдаҕый да, оҕо оннук. Онон, ким бары билигин дуоһунаһын урут туппакка, төрөппүт буоларын, көлүөнэ иннигэр иэстээҕин аан бастаан саныахтаах, ол сиэринэн толкуйдуохтаах, дьаһаныахтаах, дьайыахтаах”.
Дьэ бу туһунан, ааҕааччы толкуйдуо, сыаналыа, ырытыа диэн эрэниэххэ.
Гавриил Иннокентьевич бу үүнэр ыччаты иитии-үөрэтии туһунан алталыы устуруокалаах (1 строфанан) хоһоон тылынан (секстинанан) ылыннарыылаахтык, ылбаҕайдык суруйбута – саха литературатыгар сэдэх көстүү. Ону мин “адамов строфата” диэн ааттыахпын баҕардым.
Онон Гавриил Адамов-Сайдам бэйэтэ туспа буочардаах, өссө да ситэри үөрэтиллэ, ырытылла илик айымньылардаах ааптарга ситиһиини баҕарабын.

«Саха сирэ», edersaas.ru анаан Светлана ЕГОРОВА (ГАБЫШЕВА)-ТУЛУЙХААНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0