Иитээччилэр Ил Дархантан 100 000 солк. бириэмийэ туттулар

Ааптар: 
26.09.2017
Бөлөххө киир:

СӨ Бырабыыталыстыбатын 2-с №-дээх дьиэтигэр  кэлии-барыы, оҕо саҥата сарсыардаттан ыраатта. Бүгүн манна Иитээччилэр бүтүн Арассыыйатааҕы күннэрин чэрчитинэн, СӨ Ил Дарханын бириэмийэтин туттараллар итиэннэ “Тыа сирин бастыҥ уһуйаана-2017” куонкурус түмүгүн таһаараллар.

edersaas.ru

Ыытааччылар: “Бырааһынньыктааҕы тэрээһини саҕалыырбытын көҥүллээҥ!”, – диэн биллэрээттэрин кытта сырдык, киэҥ-куоҥ саалаҕа “Якутяночка” оҕо саадын муусукаҕа салайааччыта Валентина Готовцева тахсан бэрт нарын куолаһынан, киһи эрэ истэ олоруохтуу, омуктуу ырыаны ыллаан дьиэрэһитэр.

СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирин бастакы солбуйааччы Феодосия Габышева: “Министиэристибэ уонна тус бэйэм ааппыттан махтал тылларын этэбин. Оҕо кыра сааһыттан личность быһыытынан үүнэн тахсар укулаатын олохсутаҕыт. Эһиги бары, биһиги олоххо киирэр киэҥ далааһыннаах, кэскиллээх бырайыактарбытын олоххо киллэрсэҕит. Өссө ханна даҕаны ыытылла илик Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин сылын биллэрбиппит, тэрийбиппит. Аҥардас “Арктика оҕолоро. Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин” бырайыак улахан суолталаах. Итинэн муҥурдунан хаалбакка, иннибит диэки салгыы хардыылыахтаахпыт. Билигин биһиги иннибитигэр уһуйааннарга 23 тыһ. тахса саҥа миэстэни таһаарар сорук турар. “Кыраларыттан айдарыылаахтар” бырайыак, инклюзивнай үөрэхтээһин чэрчитинэн үгүс үлэ ыытыллара эрэйиллэр. Бүгүҥҥү бырааһынньыгынан оскуола иннинээҕи үөрэх тэрилтэтин үлэһиттэрин, бука барыгытын эҕэрдэлиибин! Айымньылаах үлэни баҕарабын!”, — диэн этэн туран, ытыс тыаһын доҕуһуолунан, Ил Дархан аатыттан 36 кыайыылаахха бириэмийэлэри туттартаата.

Пилотнай уһуйааннар ортолоругар “Айдарыылаах оҕо” өрөспүүбүлүкэтээҕи инновационнай бырайыак кыайыылааҕынан “Чэчир” оҕо саада (Уус Алдан, Балыктаах нэһилиэгэ), “Саахыматы — оҕолорго”  бырайыак кыайыылааҕынан “Родничок” оҕо саада (Бүлүү, Кыһыл-Сыыр бөһүөлэк) ааттаннылар.

Онтон “Тыа сирин бастыҥ уһуйаана-2017” куонкурус кыайыылаахтара:

  1. “Кэскил” (Уус Алдан, Дүпсэ),
  2. “Үрүйэчээн” (Үөһээ Бүлүү),
  3. “Мичээр” (Сунтаар, Кутана),
  4. “Сардаана” (Мэҥэ Хаҥалас, Майа)
  5. “Кустук” (Нам, Партизан),
  6. “Аленушка” (Хаҥалас, Мохсоҕолоох),
  7. “Мичил” (Бүлүү, Бөтүҥ),
  8. “Сулусчаан” (Чурапчы, Толоон),
  9. “Колокольчик” (Горнай, Дьиикимдэ),
  10. “Чэчир” (Амма, Соморсун) таҕыстылар.

Быйылгы куонкуруска номинацияларынан кыайыылаахтар:

  1. “Арктика бастыҥ уһуйаана” – Дьааҥы улууһун 1-кы №-дээх уһуйаана,
  2. “Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһиҥҥэ вариативнай көрүҥнэри бастыҥ киллэрээччи” – “Кэскил” (Үөһээ Бүлүү, Хоро),
  3. “Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһиҥҥэ федеральнай судаарыстыбаннай ыстандаарды бастыҥ киллэрээччи” – “Хатыҥчаан” (Сунтаар, Бордоҥ)
  4. “Үөрэх бастыҥ бырагыраамата” – 103 №-дээх оҕо саада (Дьокуускай куорат, Табаҕа)
  5. “ИКТ бастыҥ туһанааччы” – “Сулусчаан” (Нам улууһа, Нам)
  6. “Тыа сирин бастыҥ үлэлээх социума” – “Кэскилчээнэ” (Томпо, Кэскил)
  7. “Бастыҥ чэбдигирдэр бырагыраама” – “Колосок” (Өлүөхүмэ, Үҥкүр)

Кыайыылаахтарга “Катюша” оҕону сайыннарар киин муускаҕа салайааччыта, СӨ үөрэҕириитин, култууратын туйгуна, мелодистар Сойуустарын чилиэнэ Николай Слепцов “Оҕо олох дьоло” диэн ырыатын бэлэхтээн, мустубут дьон куттарын тутта. Талааннаах даҕаны педагогтар! Ол да иһин кырачааннар талааннара “тыга” турар. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ мустубут педагогтары “Катюша”, “Кэнчээри”, “Кустук” о.д.а. уһуйааннар иитиллээччилэрэ ырыаларынан эҕэрдэлээтилэр.

Ааспыт сылтан ыла, Ил Дархан бириэмийэтигэр тиксибит 36 педагокка 100-түү тыһ. солк. харчынан, онтон бастыҥ уһуйааннарга оонньуур миэбэллэри, тэриллэри туттараллар.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0