«Иирээки олоҕу талымаҥ» (отучча сыл куһаҕан дьаллыкка ылларбыт киһи кэпсээниттэн)

11.11.2019
Бөлөххө киир:

Дмитрий билигин 44 саастаах. Кини “Дьоллоох Дьокуускай” диэн дорҕоонноохтук ааттыыр Дьокуускай куораппытыгар төрөөбүтэ уонна улааппыта. Оҕо-оҕо курдук, мэниктээн да ылара, араас бэтиэхэни да оҥороро, ол быыһыгар түргэнник “улаата” охсуон баҕарара…

Дойдуга улахан уларыйыылар тахсар сибикилэрэ ыраах сытар Саха сиригэр эмиэ биллэн барбыттара, көҥүл олох тыала охсуллан ааһара. Кистээн да буоллар, тустаах эргимтэҕэ үүнээйи састааптаах наркотиктар, чэпчэки сыаналаах, суррогат “бормотуха” арыгы көҥүл атыыланар этилэр. Бу кэмҥэ, 1987 сыллаахха, Дима 13 сааһыгар үктэммитэ. Кини төрөппүттэринээн олорор бөһүөлэктэриттэн чугас сиргэ наркотикка туттуллар от үүнэрэ. Уол бэйэтин саастыылаахтарын кытары матасыыкылынан тиийэн, туох да мэһэйи, харгыһы көрсүбэккэ, ол оту хому¬йан туһанар буолан барбыттара.
“Оччолорго тулалыыр эйгэбитин оруосабай ачыкы нөҥүө көрөрбүт. Наркотигы туһанан, саарбах арыгылары, кутуу пиибэни киллиргэччи иһэн, бэйэбитин “крутой” майгылаах дьон курдук сананарбыт. Билигин санаатахпына, ис турукпутун ити дьа¬йыыларбытынан биллэрэ, кимтэн да тутулуга суох дьон буоларбытын дакаастыы сатыыр эбиппит. Биир саастыылаахтарбытыттан харыс үрдээн көстө сатыырбыт. Обургу оҕо максимализма эбит. Уопсастыбаҕа өчөһүү, бэйэҕэ олус эрэнии да баара. “Биһиги барытын билэбит, оттон төрөппүттэрбит тугу да өйдөөбөттөр” диэн сыыһа санаанан салайтаран сырыттахпыт”, — диэн Дмитрий оччотооҕу бутуурдаах кэмнэрин ахтан-санаан ааһар.
Итинник санаалаах оҕочоос киһи бэйэтэ да билбэтинэн, сыыйа-¬баайа куһаҕан дьал¬лыктарга ылларан барбыта. Дьалхааннаах олоҕун сабыдыалынан биирдэ, онтон иккистээн хаайыы киһитэ буола сылдьыбыта. Бу эдэркээн 15-16 сааһыгар!
Майгы-сигили сыаннастара, төрөппүттэрин долгуйуулара, ааттаһыылара-көрдөһүүлэрэ кинини долгуппаттара. Обургу сааһыттан үөһээ-аллараа түһүүлээх-тахсыылаах олоҕу билбит эдэр киһи 18 сааһыгар ыал буолбутун, кыыс¬чаана төрөөбүтүн түүл-бит курдук өйдүүр. Өй-санаа өттүнэн сайдыбакка, биир сиргэ тэпсэҥнээн хаалбыта. Төрөппүттэрин, дьиэ кэргэнин ытатан-соҥотон туран, кинилэртэн атах-балай барбыта. Кинини хайалара даҕаны сатаан кыайан туппатаҕа, тохтоппотоҕо. Оннук күүстээх этэ – наркотик, арыгы, чэпчэки харчы сабыдыаллаах, уол бэйэтэ талбыт олоҕо. Бэйэтин эрэ таптыыра баһыйбыта.

АТТЫБАР ПААСПАРЫМ ЭРЭ БААРА

Итинник түүл-бит олохтоох сылдьан, 39 сааспар эрэ тиийэн, дууһабар, сүрэхпэр олус ыараханын, кимиэхэ да туһата суох киһи буоларбын сыыйа-баайа оройдотон барбытым. Тулабар тугум да, кимим да суоҕа. Аттыбар, арай, хаартыскабыттан уонна ааппыттан-суолбуттан атын тугу да кэпсээбэт пааспарым баара. Дьиктитэ диэн, ханнык да бэйэлээх ыарахан түгэннэргэ ити докумуоммун биирдэ да сүтэрбэтэҕим. Орто дойду олоҕуттан баҕа өттүнэн барыахпын баҕарталаан ыларым. Ол да кыаллыбата, олоҕум эмиэ сатаммата. Күн аайы сибиэн курдук сылдьарым. Тугум да сатамматыттан киэһэ эмиэ арыгылааһын саҕаланара.
Нууччалыы эттэххэ, алдьаммыт харыытам таһыгар соҕотоҕун хаалбытым. Киһи аатыттан ааһан эрэрбин биллэрбин да, кимтэн да көмө, өйөбүл көрдүүр кыаҕым суоҕа”,Дмитрий дууһатын аһаҕастык арыйар.

СААРБАХТААҺЫННАР ДА БААЛЛАРА…

2015 сыллаахха кини Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерыгар үстэ киирэ сылдьыбыта.
Маннык түгэҥҥэ “куһаҕан үчүгэйдээх” диэн тэҥнэбили туттуохха сөбө эбитэ дуу, суоҕа дуу?! Арыгылааһынтан атын олоҕу билбэтэх киһи биир күн улаханнык сүһүрэн, наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерыгар эмиэ киирбитэ. Арыгыттан ииримтийбит (белай горячка) этэ. Үһүс күнүгэр, киһини билэр буолбутугар, эмтиир бырааһа 3 лиитирэлээх бааҥкаҕа туох эрэ сыанан бүрүллүбүт хойууну көрдөрбүтэ уонна: “Бу эн хааныҥ. Салгыы бу олоххун талар буоллаххына, эйигин өлүү эрэ күүтэр”, — диэбитэ.
Ити эрэ кэнниттэн манна эмтэнэн, доруобуйатын чөлүгэр түһэрэргэ (реабилитация) сөбүлэспитэ.
Ол туһунан Дмитрий: “Куһаҕан дьаллыктартан аккаастанарга, бигэ быһаарыныыны ылынан, киһилии олоҕунан олорорго биир сыл наада этэ. Өлүөхпүн да баҕарталаабытым, ол гынан баран, тоҕо эрэ өлбөккүн, ол оннугар эрэйи-муҥу көрөҕүн, санааҕа-онооҕо ыллараҕын, эрэйдэнэҕин. Маны барытын эппинэн-хааммынан, өйбүнэн-санаабынан билэн эрэ баран, урукку олохпуттан аккаастанар бигэ санааҕа кэлбитим. Саарбахтааһыннар да бааллара. Онуоха духуобунай, социальнай уонна психологическай көмө тэҥник барыахтаах. Оччоҕо эрэ бэйэҕин кыайаҕын. Наркология диспансерыгар сытаммын, амарах санаа¬лаах эмчиттэр көмөлөрүнэн эмтэнэн, уорганнарбын чөлүгэр түһэрбитим, бэл, ас амтанын билэр буолбутум. Доруобуйаны чөлүгэр түһэрии бастакы ыйа саамай ыарахан эбит – бэйэҕин кытары охсуһаҕын. Нус-хас турукка кэлиэххин, бэйэҥ санааларгар сөптөөх сыанабылы биэрэр буолуоххун, тугу баҕараргын билиэххин уонна ону барытын толоро сатыаххын наада. Анал бырагырааманы билсибитим.
Билигин киһилии олоххо иккистээн эргиллэн баран, ийэбин кытары истиҥник кэпсэтэбин. Ийэм барахсан: “Эйигин ханна, хаһан мүччү туппутум, куоттарбытым буолуой?!” – диэхтиир. Онуоха мин: “Ийэкээм, санаарҕаама. Урукку хомолтону, өйдөспөт буолууну билигин тоҕо саныы сатаатахпытый? Буруйдааҕы көрдөөмүөх, сыыһа ииппиппин диэн бэйэҕин буруйданыма. Дьиҥэр, олох миэхэ буолбакка, мин олоххо итинник сыһыаннастаҕым. Барыта ааспыта, билигин саҥа олоҕу саҕалыыбын”, — диэн Дмитрий күндү киһитин уоскута сатыырын, төрөппүт аҕатын күн бүгүнүгэр диэри билбэтин, ол эрэн, кинини үтүө санаалаах киирии аҕа ииппитин туһунан кэпсиир.

АККААСТАНАР БЫРААБЫМ СУОХ

Сэһэргэһээччим Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерыгар доруобуйатын чөлүгэр түһэрбитин, олоххо тардыһыыта күүстээҕин көрөн, 2017 сыллаахха диспансерга сытааччылары кытары үлэлэһэригэр этии киллэрэн, толкуйдууругар бириэмэ биэрбиттэрэ. Дмитрий сөбүлэспэт буолар бырааба суоҕа. Онон кини билигин – Кангаласстааҕы доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр киин социальнай үлэһитэ.
Билиҥҥи үлэтэ да ирдииринэн, олус элбэҕи ааҕар, сурунар, дойду араас куораттарыгар элбэх доҕоттордонно.
“Дмитрий, куһаҕан дьаллыктартан сылтаан олоххун алдьаппыт киһи, билигин иккистээн эргиллибит олоххор арыый атын эйгэҕэ үлэлиэххин баҕарбаккын дуо?” — диэн ыйыттым. Онуоха: “Мин бэйэм сөбүлүүр буоллахпына, онтон тоҕо аккаастаныахтаахпыный? Үлэбин сөбүлүүбүн. Аккаастаннахпына, ол аата миигин олохпор иккистээн төнүннэрбит үтүө санаалаах дьоммун таҥнарабын, кинилэр эрэллэрин толорбоппун. Оччоҕо мин кимминий?” – диэн кытаанах санааны ылынан, номнуо үһүс сылын үлэлии сылдьар.
“Билиҥҥи үлэбэр саамай ыарахана – хас биирдии киһиэхэ бэйэбин, бүдүрүйбүт кэмнэрбин көрөбүн”, — диэн аһаҕастык билинэр.
Дмитрийи кытары кэпсэтэн баран, хаһан эрэ Алампа айымньытынан Саха тыйаатырыгар туруоруллубут “Бүдүрүйбүт көммөт” испэктээги көрөн баран, биир ¬саастыылаахтарбын кытары улаханнык мөккүспүт, ырытыспыт кэмнэрбин санаан ыллым. Туох да диэбит иһин, бүдүрүйбүт көнөр. Ол тыыннаах холобура – бүгүҥҥү дьоруойум.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0