Дьокуускайтан Мэҥэ Хаҥалас Майатыгар диэри 66 килэмиэтир. Аллараа Бэстээххэ диэри өссө чугас. Ол эрээри өрөспүүбүлүкэ киин куоратын кытары ыаллаһа олорор улууска айаннааччылар сааскы-күһүҥҥү ыйдарга үгүөрү үбү-харчыны тэбээн туран айанныыллар.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Ким эрэ балыыһаҕа көрдөрө барар, сорохтор наадаларынан куоракка тиэстэллэр. Аны мэҥэлэргэ илин эҥээр бары улуустарын олохтоохторун эбиҥ. Хас да сүүһүнэн тыһыынча киһи. Билигин Даркылаахтан Аллараа Бэстээххэ диэри 2000 солкуобайдаах эрэ киһи туоруур кыахтаах. Ол гынан баран, «Хивус» сымнаҕас сыттыктаах суудуна суоҕа буоллар, айан-сырыы олох даҕаны тохтуо эбитэ буолуо…
2000 солкуобайа суох туораабаккын
Өлүөнэни туоруур кыһыҥҥы суол сабыллаатын кытары, муус устар 18 күнүттэн сымнаҕас сыттыктаах суудуналар Даркылаахтан Аллараа Бэстээххэ диэри пассажирдары таһан барбыттара. Урбаанньыттар сыаналарын, бастаан утаа, 1000 солкуобайынан олохтообуттара уонна муус устуутун саҕана тарыыптарын үрдэтиэхтэрин туһунан эрдэттэн сэрэппиттэрэ. Аҕыйах хоноот, муус хамсаары гыммытынан куоһурданан, тарыыптарын икки бүк үрдэппиттэрэ. Сүүрбэччэ мүнүүтэ айаҥҥа 2000 солкуобай диэн балай эмиэ ыарахан. Киһи эрэ барыта төлүүр кыаҕа суох. Былырыын күһүн суол сабыллыбытын кэннэ, сымнаҕас сыттыктаах суудунанан урбаанньыттар эмиэ 2000 солкуобайга таһар этилэр.
Миниистирдэр орооһуулара
Сыана аһара үрдээбитин нэһилиэнньэ айдааран, аны тарыыбы СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтэ хонтуруоллуур буолан, судургутук эттэххэ, илиитигэр ылбыта. Бу туһунан туһааннаах кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Антонина Винокурова итиэннэ СӨ тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Семен Винокуров суруналыыстарга иһитиннэрбиттэрэ. Инньэ гынан, муус устар 29 күнүттэн тарыып улахан дьоҥҥо 1000 солк., оттон оҕолорго 500 солк. быһыллыбыта. Хомойуох иһин, тырааныспар миниистирин быһаарыныытыгар суудуналаах урбаанньыттар кумаардаан да көрбөтөхтөрө.
Кыһамматылар
Бирикээс олоххо киирбитин кэнниттэн, Даркылаах – Аллараа Бэстээх уонна Хаҥалас – Суотту хайысхаларынан айаннаабытым эрээри, син биир тарыыптарын уруккулуу тутан олороллоро. Холобур, Даркылааҕынан 2000 солк., Хаҥалаһынан 1500 солк. Төлөөбөт буоллаххына, тахсан бар дииллэр. Аны, суудунаҕа олорсооккун кытары, тута харчыларын көрдүүллэр. Киһи кыһыйыах, өссө төттөрү нөҥүө кытылтан айаннаан кэлэрбэр, билиэттэрэ бүппүт аатырбыттара. «Билиэккэ тоҕо наадыйаҕыт? Ол бары командировкаҕа сылдьаҕыт дуо?», – диэн өссө суоһурҕаммыттара.
Урбаанньыттар бэринэр санаалара суох
Кыһалҕаттан, «Хивуска» олорсоргор эрэ тиийэҕин. Атыны талар кыахпыт суох. Урукку курдук, көтөр ааллар сылдьыбаттар. Ол эрээри, бөртөлүөт эмиэ «бас» быстар сыаналаах буолааччы. Өлүөнэни туоруур муоста хаһан тутуллуор диэри, илин эҥээр олохтоохторо күһүҥҥү-сааскы ыйдарга үлүгэрдээх үбү-харчыны тэбээн айанныылларыгар тиийэллэр. Муоста тутулла сатаабыта ыраатта. Быһыыта, бырайыак оннуттан хамсыа суох быһыылаах. Үбүлээһин көһүннэҕинэ даҕаны, бырайыагы оҥорторон, тутуу ыытарга элбэх сыл ааһар. Онон икки кытылы холбуур «далаһа» ууруллуор диэри, суол алдьаныыта, анал суудуналаах урбаанньыттар күннүүллэр, хармааннара халыҥыыр. Сокуон хараҕынан көрдөххө, урбаанньыттар дьыалаларыгар судаарыстыба орооһор бырааба суох. Өскөтүн бүддьүөттэн субсидия быһыытынан көмө көрүллэрэ буоллар, тарыыбы тутан олоруо эбиттэрэ буолуо. Ону өйдөөннөр, суудуналаах урбаанньыттар судаарыстыбаҕа бэринэр санаалара суох.
Биир тыһыынча сөрү-сөп
Ыам ыйын саҥата Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин, тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин салйааччылара туһааннаах урбаанньыттары, ол иһигэр Борис Строевы, Николай Высоцкайы, Никита Безбородовы уонна кинилэр интэриэстэрин көмүскүүр албакаат Егор Холмогоровы кытары көрсөн кэпсэппиттэрэ. Урбаанньыттар судаарыстыбаттан туох да көмөтө суох, бэйэлэрин күүстэринэн үлэлиир дьон. Онон сыллата туох кыһалҕаны көрсөллөрүн, уматыкка, саппаас чааска төһө ороскуотуралларын кэпсээбиттэрэ. Онуоха министиэристибэ исписэлиистэрэ миэстэтигэр тиийэн биир суудуна күҥҥэ төһө рейси оҥорорун, хас пассажиры таһарын, ону таһынан, тиэхиньикэ кыһыҥҥы өттүгэр үлэтэ суох төһө уһуннук турарын, төһө уматыгы ороскуоттуурун үөрэтэн көрөн баран, тарыып 1000 солк. быһыллыбыта сөптөөҕүн быһаарбыттара.
Сыананы «киксэн» үрдэтэллэр
Сыана бэлиитикэтин кэмитиэтэ бигэргэппит тарыыбын утаран, ыам ыйын 12 күнүгэр «Хивус» суудуналаах урбаанньыттар собостуопкалаан, биир даҕаны киһини нөҥүө кытылга туораппатахтара. Дьону эрэйдии, «сыһыта» түһэр санаалаахтар, быһыыта. Биир тыһыынчаҕа сөп буолбакка, урбаанньыттар иккилии тыһыынчаны ылан тэйэр санаалаахтар. Онон, күн бүгүҥҥэ диэри «Хивустаах» «тойоттор» таптаабыттарынан айбардыы олороллор.
«Хивустаахтар» үгүстэрэ сайын катердарыгар көһөн эмиэ өрүһү туоратар дьон. Монополистар!
Туһааннаах исписэлиистэр этэллэринэн, урбаанньыттар бэйэ-бэйэлэрин кытары «киксэн», тарыыптарын олохтууллар, улаатыннараллар. Бу салааҕа конкуренция диэн суох. Туораттан кими да киллэрбэттэр. Инникитин судаарыстыбаннай, биитэр муниципальнай суудуналар навигацияҕа тахсаллара эбитэ буоллар, сыаналарын сиэри таһынан үрдэтиэ суох этилэр.
Борис Строев өссө өрө барда
[vc_text_separator title=»» i_icon_fontawesome=»fa fa-anchor» color=»pink» add_icon=»true»]
Урукку «Ирбиспит» баара буоллар…
Ыстатыйам «төбөтүн» ылбычча «Иирбит «ирбистэр» диэбэтим. Билигин киһи барыта сымнаҕас сыттыктаах суудунаны барытын «Ирбис» быһыытынан билинэр. Уонча сыллааҕыта СӨ Бырабыыталыстыбата 600 тыһ. долларга (оччотооҕу сыананан) Санкт-Петербурдааҕы фирматтан «Ирбис» суудунаны атыыласпыта. Саҥа суудуна тута «Дьокуускайдааҕы өрүс порда» ААУо илиитигэр киирэн, навигацияҕа үлэлээн барбыта. Интэриниэти хасыһан көрдөххө, суудуна «Алмаз» фирматтан атыылаһыллан баран, өрүс пордугар биэс сыл болдьохтоон лизиҥҥэ бэриллибит. «Р» кылаастаах «Ирбис» куорпуһа 17,5 миэтэрэ уһуннаах, 6,2 миэтрэ кэтиттээх. 32 миэстэлээх, биир чааска муҥутаан 55 килэмиэтири айанныыр кыахтаах.
Хомойуох иһин, бу суудуна билигин ханна баара биллибэт. Сураҕа, сымнаҕас сыттыга «тэстибит» аатырбыта. Дьиҥэр, бу суудунаны киһилии көрөн-истэн, алдьаппакка илдьэ сылдьыбыттара буоллар, чааһынайдары кытта конкуренция баар буолуо, маннык айдаан тахсыа суох этэ.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/