Мэҥэ Хаҥалас улууһун II Наахара нэһилиэгэр эр дьону түмэр, сомоҕолуур сыаллаах эр дьон алгыһа түстэннэ. Бу сонун тэрээһиҥҥэ бэйэбит ыччаттарбыт Егор Ермолаев, Руслан Никаноров, Владимир Петров Дьокуускайтан, Намтан, Майаттан Наахараттан төрүттээх эр дьону көҕүлээн аҕалан кытыннылар. Дьоро киэһэни алгыс тылынан нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа Иван Никаноров аста.
Алгыс түстэниитин ытыктабыллаах ыалдьыттарынан буоллулар: мэдиссиинэ магистра, норуот эмчитэ Александра Егорова -Тупсууна, “Сүр көтөҕүү” бырайыак ааптара Василий Винокуров-Кыталык, улуустааҕы култуура управлениетын салайааччыта Д.И.Аргунов, төрүт дьарыгы илдьэ сылдьааччы, бастыҥ уопсастыбанньык П.П.Васильев.
Саҥа кулууп сырдык саалатыгар мустубут уолаттарга, эр дьоҥҥо эр дьон оһуохайыгар Дархан этээччи Станислав Иванов түһүлгэ олохтоон сомоҕолоото.
Түмүккэ нэһилиэк баһылыга Петр Никитин тохсунньу ый бүтэһик өрөбүлүн Эр дьон күнүнэн биллэрдэ. Ити кэнниттэн нэһилиэк дьахталларын сүбэтэ (сал. Никанорова И.Д.) астаабыт баай-талым астаах сандалытын тула олорон инники үлэни былааннаан, ирэ-хоро кэпсэтии буолла.
Елена Прокопьева, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн.