“Росрыболовство” федеральнай агенство Өлүөнэтээҕи территориальнай управлениета Нам, Бүлүү, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас уонна Өлүөхүмэ улуустарын 21 күөлүгэр балыгы (быраҥаатта, чорбоҕор (муксун), муҥур (чыыр), күндүөбэй, собо, сордоҥ) үөскэтиигэ аукцион биллэрдэ. Кыттааччылартан сайаапкалары кулун тутар 23 күнүгэр диэри хомуйар уонна аукциону Дьокуускайга кулун тутар 29 күнүгэр ыытар. Кыайбыт тэрилтэлэр 25 сылга дуогабар түһэрсэн, туһааннаах күөлгэ хаһаайынныыр бырааптаныахтара.
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Биллэрин курдук, уу федеральнай бас билиигэ киирэр. Онон тыа сирин олохтоохторо күөллэрэ туора дьоҥҥо “атыыланан” эрэрин истэн-билэн соһуйан эрэ хааллылар. Этэргэ дылы, уйаларыгар уу киирдэ. Тастан атын киһи кэлэн хаһаайынныырын ким сөбүлүө баарай. Төһө даҕаны бас биллэрбэтэхтэрин иһин, өбүгэ саҕаттан илимнээн-муҥхалаан, оттоон-мастаан кэлбит эбэлэрэ буоллаҕа. Чопчу Нам улууһун ыллахха, испииһэккэ Өлүөнэ өрүс уҥуор сытар II Хомустаах нэһилиэгин 5 күөлэ киллэриллибит.
— Ити бэһис күөлү сыыһа киллэрбиттэр, аппаанылар киэннэрэ, — диир II Хомустаах нэһилиэгин баһылыга Афанасий Дмитриев. – Аукциоҥҥа биирдиилээн дьон кытталлара көҥүллэммэт, тэрилтэлээх, ИП-лаах юридическай сирэй буолуохтааххын. Росрыболовство аквакултуураҕа бырагырааматын сүнньүнэн “бачча күөлгэ балык үөскэтэбит” диэн сыл аайы былаан ылыналлар. Онно ити бөһүөлэктэн 1-3 көс иһигэр сытар күөллэрбит хабыллыбыттар. Биһигиттэн ыйыппатахтара. Үрүҥ балык кыайан үөскээбэт, кыһын салгына суох, чычаас, кыра соҕус эбэлэр. Соболоохтор. Сайын оттонор дьон харчынан кыттыһан, муниципальнай автономнай тэрилтэбит нөҥүө киирсэр санаалаахтар. Онон аукциоҥҥа бэлэм олоробут.
Афанасий Кирсанович салгыы кэпсээбитинэн, 2014 сыллаахха аквакултууранан дьарыктана сылдьыбыттар. ХИФУ-ы кытта дуогабардаһан, нэһилиэк үс күөлүгэр – Эбэҕэ, Кыдьаайыга, Туора Күөлгэ быраҥаатта ыаматын аҕалан ыыталаабыттар. “Үчүгэйдик үөскүөх эбит гынан баран, үптэн иҥнэн, салгыы кыайан сайыннарбатыбыт. Түөрт сыл субуруччу ыытыахтаах этибит. Балыгы үөскэтии – олус элбэх үбү эрэйэр үлэ”, — диэн санаалаах Нам улууһун биир кытыы нэһилиэгин баһылыга.
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru