Игнатий Спиридонов: «Кытайдар Ньидьили соботугар ымсыыраллар»

31.10.2016
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр промышленность аан бастаан Кэбээйи улууһуттан сайдан барбыта. Манна 1926 сыллаахха Сангаардааҕы шахта үлэлээн, чох хостооһуна саҕаламмыта.  Үйэ аҥара ааспытын кэннэ биир үтүө күн «Шахтанан үлэ тохтуур, үлэлээн бүтүҥ» диэн ис хоһоонноох илдьит кэлбитэ тигинэччи үлэлии турбут шахтаҕа күннээх халлааҥҥа этиҥ эппитинии буолбута. Билигин быраҕыллыбыт шахтаҕа, Сангаар бөһүөлэгиттэн икки биэрэстэ эрэ тэйиччи турар сир анна умайа сытар. Сир аннынааҕы чох умайбыта, кыһыннары-сайыннары бөһүөлэккэ буруо турбута уонча сыл буолла. Маны тохтоторго араас дьаһаллар ылыннылар даҕаны, улахан хамсааһын тахса илик. Онон Кэбээйи улууһун баһылыга Игнатий Николаевич Спиридоновы кытта кэпсэтиибин улуус бу биир улахан сытыы боппуруоһуттан саҕалаатым.

«Баһаары бэйэҕит умуруоруҥ!» диэтилэр

  • Игнатий Николаевич, Сангаардааҕы шахта билигин ким бас билиитигэр баарый? Шахта иһинээҕи баһаар туохтан барарый? Дьон киирэн уоттуур дииллэрэ кырдьык дуо?
  • Бу эргэ шахталар умайаллар. Урут шахтаҕа кабель уора киирэр дьон уоту ыыталлар диэн саныыр этибит. Ол эрээри, онно киһи ылбычча киирбэт сирэ. 1998 с. шахтаны сабалларыгар, киирэр дьөлөҕөстөрү барытын салгын киирбэт гына бетоннаан кэбиспиттэрэ. Хаачыстыбата суохтук бүөлээбиттэрэ дуу, эбэтэр сир сиҥнэн салгын киирэрэ дуу… Уопсайынан, салгын быыһылаан киирэр буолан уот күөдьүйэр. Салгын суох буоллаҕына умуллан хаалыахтаах эбэтэр, көннөрү сыыгыныы сытыахтаах этэ. Бу түбэлтэҕэ саамай кутталлааҕа диэн, ити сир аннынааҕы уот Сангаар бөһүөлэгиттэн отой чугас баар. Бөһүөлэккэ начаас кэлиэн сөп. Ити бастакыта. Иккиһинэн, федеральнай суолталаах баай-дуол умайа сыттаҕа дии.
  • Ааспыт ый саҕаланыыта Москваттан учуонайдар кэлэн, шахтаҕа бара турар баһаары көрөн-истэн бардылар. Туох диэн буолла?
  • Москваттан судаарыстыбаннай шахталары реструктуризациялыыр тэрилтэ (дириэктэр Андрей Моисеенков) оробуочай бөлөҕө кэлэ сырытта. Хайа анныгар эргэ шахтаҕа бара турар баһаар бөһүөлэктэн икки биэрэстэлээх сиргэ баарын көрөн, бөһүөлэккэ ыксаллаах быһыы-майгы балаһыанньата тахсыбатын туһугар бэйэҕит күүскүтүнэн умуруоруҥ диэн быһаарда. «Атын шахталарга маннааҕар буолуох кутталлаах аһаҕас баһаардар буола тураллар, онон федеральнай бүддьүөттэн үп сатаан көрүллүбэт”, — диэн Моисеенков тоһоҕолоон эттэ. Саха сирин бырабыыталыстыбатыгар умайа турар сир учаастагын быһаарарга, чох мониторинын бырайыагын оҥорорго, ыытыллыбыт үлэни оробуочай бөлөххө тиэрдэргэ, Кэбээйи улууһунааҕы айылҕа харыстабылын инспекцията уонна СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ кэтээн көрөллөрүгэр сорудахтаан бардылар. Сир аннынааҕы баһаар хаһан, ханан күөдьүйэн тахсан кэлиэ биллибэт, онон олохтоохтор дьиксинэллэрэ оруннаах.
  • Шахтаны хаттаан үлэлэтэр туһунан кэпсэтиилэр бараллар дуу?
  • Суох. Шахтанан үлэлиир билигин ыарахан. Сангаартан чугас Белогорскайдааҕы чох баайдаах сир баар, онно аһаҕастык хостуур карьернай ньыманан үлэлии сылдьыбыттара. Туһанааччы көстүбэккэ, билигин онно үлэ тохтоон турар. Онон чохтоох Кэбээйигэ чоҕу Дьабарыкы Хайаттан таһынан олоробут. Дьиҥэр, чоҕу Белогорскайдааҕы чохтоох сиртэн ылбыт быдан барыстаах буоллаҕа дии, мантан 400 тыһыынча туонна кэриҥэ чоҕу хостуохха сөп. Табыгастааҕа диэн, улуустар икки ардыларыгар суол аартыгар турар, чоҕун саппааһа элбэх, лицензия баар, онон экономика өттүнэн быдан барыстаах. Мантан чоҕу тута Бүлүүгэ, Өлүөхүмэҕэ, хоту улуустарга илдьиэххэ сөп. Арай, туһанааччы суоҕа эрэ атахтыыр.

Собо аҕыйаата

  • Кэбээйи улууһа тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга туох былааннардааҕый?
  • Эндыбал диэн сиргэ үрүҥ көмүһү хостоору сылдьаллар эрээри, улуус бүддьүөтүгэр киирэр үбэ кыра. Биһиэхэ сапропель диэн медицинаҕа, оҕуруокка, сүөһүнү иитиигэ уо.д.а туттуллар күөлтэн хостонор дьапталҕа баар, ону анал учуонайдар үөрэтэ сылдьаллар. Ол эрээри, экономическай барыһа эмиэ улахана суох. Ол иһин, Ньидьили соботун күөллэрбитигэр тарҕатан иитиэҕиҥ диэн дьоммор-сэргэбэр өйдөтө сатыыбын. Кэлиҥҥи кэмҥэ собобут олох аҕыйаата. Биһиги, кэбээйилэр, собонон, оҕуруот олордор курдук дьарыктанан, соҕотуопка оҥорон, өрөспүүбүлүкэни биир гына тарҕатан, бренд оҥоруохпутун наада. Билигин хатыыһы, били, тууччаҕы иитиэххэ, тарҕатыахха дииллэр да, онон дьарыктаныы сыаната олус ыарахан. Онно холоотоххо, собо түргэнник улаатар. Ньидьили соботун хайыы-үйэ кытайдар интэриэһиргээтилэр, “биир тыһыынча туонна собону хатырыктаабакка ыытыҥ, биһиги барытын туһаҕа таһаарыа, соҕотуопка оҥоруо этибит”, диэн этии киллэрэ сылдьыбыттара. Ону аккаастаабыппыт. Билигин собону тарҕатаары, учуонайдар күөллэри үөрэтэ сылдьаллар. Барыта орун-оннугар табылыннаҕына, промышленнай барыска тиийиэхтээхпит.
  • Кэлиҥҥи кэмҥэ Кэбээйигэ дьон олохсуйа кэлэрэ элбээтэ дииллэр…
  • Кырдьык, кэнники кэмҥэ дьон манна көһөн кэлиитэ элбээтэ. Улуус үрдүнэн 13 тыһ. кэриҥэ киһи олорор. Урут шахта үлэлиир эрдэҕинэ аҥардас Сангаар бөһүөлэгэр 14 тыһыынчаттан тахса киһи олорбута, билигин 4 тыһыынча киһи эрэ хаалла. Нэһилиэктэргэ улахан кэлии-барыы суох. Мин санаабар, тыа сиригэр дьиҥнээхтик тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар, үлэлиир эрэ дьон олорор. Сибээһэ, суола суох сиргэ хайдах дьону күүскүнэн хаалларыаххыный. Ол эрээри биирдиилээн үлэһиттэр уонна ыаллар даҕаны дэриэбинэлэргэ, киин бөһүөлэкпитигэр олохсуйа кэлэллэриттэн үөрэбин. Тыа сиригэр олорор ыччаппыт грант сүүйэн, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанара элбээбитин бэлиэтиибин. Кэбээйи үлэһит, сүрэхтээх киһи аччыктаан өлбөт сирэ — булт-алт, балык барыта баар, дэриэбинэлэргэ гаас киирбитэ.

Суол уонна сибээс – сүрүн кыһалҕабыт

  • Игнатий Николаевич, бүгүн улуус сүрүн кыһалҕата тугуй?
  • Суол уонна сибээс. Урут Бүлүү суола Кэбээйи, Тыайа, Мастаах нэһилиэктэрин таарыйан, быһалыы Бүлүү Хампатыгар тиийэрэ — Лүүчүн суола диэн ааттанара. Билигин да манна элбэх киһи олорор. Ол эрээри суолга сыл аайы тарыҥ, маар уута тахсар буолан, сотору тимирэр кутталлаах. Оччоҕо олохтоохтор суола суох хаалаллар. Онон өрөспүүбүлүкэ суолталаах суол буолан, анал бырагыраамаҕа киириэн наада. Суол суох буолан, ыраах дэриэбинэлэри кытта сибээспит эмиэ суох. Билигин Сибээс министиэристибэтин кытта үлэлэһэбит. Былаан быһыытынан Интернети холбуур оптическай волокно гаас ситимин устун тардыллан киириэхтээх. Онно Сибээс министиэристибэтэ 70 мөл. солкуобайдаах бырайыак оҥорбута да, ону уйунар инвестор көстүбэккэ сылдьар. Онуоха диэри сибээһэ суох олоробут.
  • Оттон Чагда нэһилиэгин муосталара ким дьаһалыгар баалларый? Муоста тутуута тоҕо тохтоон турарый?
  • Чагда муосталара мин дьаһалбар суохтар. Саха сирин Ил Дарханын сорудаҕынан СӨ Транспорт уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр ананан сылдьаллар. Онон кинилэр субсидия көрөн быһаардахтарына, биһиги муостаны тутуохпут. Муоста улахана тутуллан турар гынан баран, бырайыага суох. Бастаан тендеринэн кыайбыт тэрилтэ туһааннаах анал бырайыагынан туппатах. Онон саҥаттан бырайыак оҥорон, эбии харчы көрдөөн, тендер биллэриэххэ наада.
  • Улууска туох улахан тэрээһиннэри ыытар былааннааххытый?
  • Үөһээ Бүлүүтээҕи Манчаары оонньууларын кэнниттэн, 2019 сыллааҕы оонньууларга сайаапкалаһыахпытын баҕарабыт, Сангаарга ыытарга былаанныыбыт. Саха сирин норуоттарын оонньууларын кыаныахпыт суоҕа. Аны туран, эмиэ 2019 сылга Кэбээйиттэн төрүттээх суруйааччыларбытыгар – Тимофей Сметаниҥҥа, Николай Лугиновка, Андрей Кривошапкиҥҥа, Владимир Федоровка анаан литературнай ыһыах оҥоруохпутун саныыбыт. Тимофей Сметанин “Егор Чээрин” сэһэнинэн биир дойдулаахтарбыт “Саллаат сүрэҕэ” киинэни, оттон “Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ” айымньытынан мультипликационнай киинэ уста сылдьаллар. Салгыы Сангаарга промышленность мусуойун тэрийиэхпит, тоҕо диэтэххэ Саха сирин промышленноһа – тутуу, балыктааһын, гааһы, чоҕу хостооһун – барыта Кэбээйиттэн саҕаламмыта.
  • Элбэх былааннаах, сонун санаалардаах баһылыкка ситиһиилэри баҕарабыт!

Айтана АММОСОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0