Игирэлэр төрөөтөхтөрүнэ ийэ хапытаала хайдах төлөнөрүй?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Объясняем.рф саайт ыал игирэ оҕолонноҕуна ийэ хапытаала хайдах төлөнөрүн быһааран суруйда. 

Ол курдук, РФ Үлэҕэ министиэристибэтэ быһаарарынан, саҥа төрөөбүт игирэлэр ыалга бастакы оҕолор буоллахтарына ийэ хапытаалын суумата 693 144,1 солкуобай буолар (524 527,9 солкуобайа — бастакы оҕоҕо, 168 616,2 солкуобайа — иккис оҕоҕо).

Өскөтүн төрөппүттэр игирэлэр иннинээҕи оҕолоругар ийэ хапытаалын туһаммыт эбит буоллахтарына, игирэ оҕолоругар 168 616,2 солкуобайы ылаллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0