Игирэлэр

Ааптар:  Ородьумаан
25.02.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: https://pxhere.com/ru ылылынна

(Салгыыта)

Галя Сарыал кинини албыннаабатаҕыттан үөрдэ. Эмиэ да бу куоракка кинини сүтэрэн кэбиспититтэн хом санаалаах. Аадырыһын да билбэт. Кыыс таптала саҕах уотунуу кыла­йан иһэн өһүөн былыт бүөлээбитинии ыаһырда. Муунтуйбут санаатын устунан түүлүгэр көрдө. Арай түһээтэҕинэ Славалаах Сарыалы кытта сиэттиһэн баран иһэр. Славата эмиэ кэп­­сээн айаҕа хам буолбат. Сарыал дириҥ далай санааҕа ылларбыт көрүҥнээх.

— Галя, биһигиттэн хайабытын талаҕын?

— Биллэн турар, Сарыалы.

— Чэ, эрэ, кини ханна баарый, тал эрэ, – уолаттар күлсэллэр.

Кыыс хайатын да араарбат, иккиэн үүт-үкчүлэр. Биирдэһин талан ыйбыта Славата эбит. Сарыал хомойон бара турда. Славаҕа чугаһаан эрдэҕинэ, ханнык эрэ кыыс кэлбитигэр ик­­киэн сиэттиһэн бара турдулар. Галя Сарыалы ыҥыран үөгүлээн сырыс­та даҕаны, уол ханна эрэ ыраах бара турда.

Галя эмиэ оптуобуһунан дьиэлээн истэҕинэ биир билэр уола кэлэн кэпсэтэ турдулар. Арай биир тохтобулга Сарыал дуу, Слава дуу киирдэ, кыыһы соһуйбуттуу көрдө уонна кондукторга хайыста. Кыыс дорооболоһон кэҕис гыммытын да көрбөтө быһыылаах.

— Парень, пройдите дальше, – диэбиттэригэр Сарыал Галялаах аттыларынан көхсүнэн буолан ааста. Олорор миэстэ суох буолан тураллар. Галя биир дойдулаах уолун кытта кэпсэппэккэ буола сатыыр да, биирэ арааһы бары ыйытан кэпсэтэ сатыыр. Галя Сарыал диэки кылап гынан көрөн ылар. Уол кэлэйбиттии уулусса диэки хайыһар. Сарыал, түһэр сирэ кэллэ бадахтаах, аан диэки барда. Галя эмиэ аан диэки дьулуруйда.

Оптуобус тохтоон аан нэлэс гынна. Сарыал түспүтүгэр Галя эмиэ түстэ, ону кытта кыыс аргыһа уол саппай уопсар.

— Галя, манна түһэҕин дуу? – диэт, эмиэ түһүстэ.

Кыыс Сарыал хааман бара турбутун сайыһа көрөн хаалла.

*  *  *

— Вера, мин кинини көрдүм, – Галя дьүөгэтигэр кэлэн кэпсиир.

— Кими, Сарыалы дуо?

— Ханна? Баҕар эмиэ убайа буолуо.

— Оптуобуска… Суох, кини, мин кинини хараҕыттан билэр эбиппин. Бииринээҕэр санньыардык көрдө… Слава эбитэ буоллар кини обургу кэпсэтиэ этэ.

— Даа…

— Миигин кытта тугу да кэпсэппэтэ. Миигин кэлэйбиттии көрбүтүгэр барытын өйдөөтүм. Барыта биһиги сэрэйбиппит курдук быһыылаах.

— Слава кэлэн бутуйбута дуо?

— Оннук, – Галя Сарыалы олус таптыыр эбитин биллэ уонна бэйэтиттэн абара санаата. Итинник уолу кыргыттар биллэн турар «сыыска түһэрбэттэрэ» биллэр.

Сарыал Галяны «билсэр уоллаах буолан чугаһаппат эбит» дии санаата. Дьиэтигэр кэлэн хараастан сытта. Үнүр интернетинэн биир кыыс билсэ сатаабытын эппиэттээбэтэҕэ. Билигин киниэхэ суруйан ыытта. Эппиэт өр кэтэһиннэрбэккэ кэллэ.

Слава кэлэн аттыгар олорон ыйытар.

— Галяҕын кытта кэлин кэпсэтэҕин дуу?

— Суох.

— Мин Галяны кытта сылдьар кэмҥэр киниэхэ бара сылдьыбытым.

— Мин барбат кэммэр дуо, онно туох диэбитэй?

— Мин дьээбэҕэ… эн ааккыттан кэпсэппитим.

— Ол тоҕо?..

— Таах мээнэ… биһигини хайабытын да араарбаттар дии, ону кини билэр эбит дуу диэн дьээбэлэммитим… – Сарыал ханарыта соҕус эттэ.

— Онно өһүргэттэҕиҥ дии оччоҕуна, ол иһин миигин кытта кэпсэппэт.

— Ол кэннэ мин атын кыыһы кытта оптуобуска кэпсэппиппин истибитэ, көрбүтэ. Уонна эйиэхэ күтүрүүр буолуохтаах. Сарыал, мин баран билиниэм, оччоҕо эһиги эйэлэһиэххит дии, – Слава буруйдаммыттыы көрөр.

— Кини уже атын уоллаах.

— Эс, ама тоҕо түргэнэй…

— Баарыан иккиэн сылдьалларын көрбүтүм.

— Таах быстах кэмҥэ ини, Галяҕа баран буруйбун билинэбин дуо?

— Суох ини… наадата суох! – Сарыал кэлэйбиттии көрбүтэ, сарылаан баран сирэйгэ биэрбиттээҕэр да ордук Славаны нүһэрдик таарыйда.

Сарыалы хаартысканан эрэ көрөн интернетинэн билсибит кыыһа ватсапка бэйэтин группатыгар киллэрбит.

Сарыалга бэйэтин араастаан түспүт хаартыскатын ыытар. Оттон Сарыалтан көрдөөбүтүн Славалыын түспүтүн ыытта. Ону кыыс бэйэтин гиэнин үс гына оҥорон ыыппыт.

Убайбынаан түспүтүм диирин итэҕэйбэт. Кэнники кэнсиэркэ сылдьан түспүтүгэр дьэ итэҕэйдэ. Кэнники арай кинилэр группаларыгар Галя киирбит.

— Сарыал, привет, манна баар эбиккин дуу? – Галя ыйыппыт.

— Тыый даа, хантан билсэҕитий бу? – Сарыал оннугар саҥа билсибит кыыһа Марина ыйыппыт. Галята суруйбатах.

Галя бииргэ үөрэнэр кыыһа Марина группатыгар Сарыал баарын көрөн үөрбүтэ. Сүтэрбит киһитин кытта кэпсэтиэн баҕарбыта сатаммата. Уол эппиэттээбэт. Марина обургу Сарыалы бэйэтэ эрийэн ылбыт буо­луохтаах. «Өссө киниттэн уолун былдьаан баран доппуруостуур курдук ыйытар», – Галя күнүүлүөх санаата кэллэ. Хаста да Сарыалга эрийээри ылан баран төттөрү уурда.

Эбиитин кыһытаары Марина: «Мы с Сарыалом сегодня идем на дискотеку, так что бесполезно тебе!» – диэн суруйбут. Киэһэ ханна дискотекалыылларын билэн баран Галя дьүөгэтинээн ол кулуупка тиийдилэр. Маринаны булан көрдө да, аттыгар Сарыал баара көстүбэт.

Үҥкүү-битии бөҕө, музыка уота араас уотунан күлүмнүү оонньуур. Араас өҥнөөх синньигэс сардаҥаларынан үрүө-тараа курбуулуур.

* * *

Эдэр ыччат араастаан туттан-хаптан үҥкүүлүүр. Галя хараҕа киирэр аан диэкиттэн арахпат, кэнники игирэ уолаттартан биирдэстэрэ киирдэ. Туттарыттан-хаптарыттан көрдөххө Славата быһыылаах, уолаттарга илиитинэн көрдөрөн тугу эрэ кэпсиир. Галяны дьүөгэтэ үҥкүүлүүр дьон түгэх өттүлэригэр кучуйан илтэ. Онно сылдьа түһэн баран аан өттүгэр кэлбиттэрэ биир куруукка икки тэбис-тэҥ уолаттар үҥкүүлүү сылдьаллар. Ортолоругар Марина үҥкүүлээн эриллэҥниир. Сарыалга кулгааҕар тугу эрэ кэпсиир. Уол төбөтүн кэҕиҥнэтэр. Музыка тохтообутугар ик­­киэн баран олордулар. Галя дьүөгэти­нээн кинилэр аттыларыгар баран турдулар. Сарыал Галяны соһуйбуттуу көрдө. Кэҕис гынан дорооболостулар. Марина ону билэн уолу таҥнар сир диэки сиэттэ. Сарыал баран иһэн эргиллэн Галя диэки көрөн ылла. Кыыс уйадыйан сиэркилэтин таһааран хараҕын уута кырааскабын суурайыа диэбиттии кыламанын симириҥнэтэр. Туран үҥкүүлүүрүн быыһыгар көрө сатаата да, таҥнар сиргэ киирэн олороллор быһыылаах. Сотору кэминэн Сарыал кэлэн иһэрэ көһүннэ, Марина кэнниттэн кэлэн аттыттан арахпат. Галя ону иэстэһэн атын уолаттары кытта дьүөгэтинээн үҥкүүлээтэ. Слава онно-манна киирэн үҥкүүлээн имитэр. Галялаахха да киирэн сиирэ-халты дорооболоһон ааста.

Ол быыһыгар Галяны ыҥыран буруйун билинэн бырастыы гынарыгар көрдөстө. «Сарыал эйигин син биир ордорор быһыылаах», – диэн кыыс кулгааҕар сипсийэн санаатын көтөхтө.

«Таптыыртан харах арахпат» дииллэринии, Галялаах Сарыал истиҥник көрсөн кэбиһэллэр. Марина ону сэрэйэн уолу дьалты тута сатыыр.

— Бэҕэһээ дискотекаҕа сырыттыбыт. Марина Сарыалы миэхэ олох чугаһаппат санаалаах, – Галя дьүөгэтигэр кэпсиир.

— Уол бэйэтэ кэлэн кэпсэппэтэ дуо?

— Мин диэки көрөр аҕай да, Марина сымалалыы сыстан баран сылдьар.

— Төһөтүн да иһин хайаҕытын эмэ талан быһаарыа эбит дии.

— Сарыал Славатааҕар саҥата аҕыйах. Марина ону туһанар.

Сарыал инитэ Слава биитин кыыһын кытта билсээччи буолан матарбыта. Аны билигин арыгы иһэн баран уолаттары кытта охсуһааччы буолан, Сарыалы түбэһиннэрдэ. Чэ, сиһилии кэпсээтэххэ маннык.

Слава доҕотторунаан биир уолларын төрөөбүт күнүн бэлиэтээтилэр. Арыгы иһэн чэпчээтилэр. Күөх моҕой обургу истэрин аһытан, эттэригэр-хаан­нарыгар эймэнитэ оонньоон, устунан быччыҥнара күүрэн барда. Ким эрэ охсуһуу туһунан кэпсээбитигэр, ону иилэ хабан ыллылар.

(…) Сарсыныгар сорохторун тутаттаабыттара. Ол быыһыгар буруйа суох уолу, Сарыалы, Славаҕа майгыннатан туппуттара. Уулуссанан ааһан истэҕинэ тутан ылбыттара. Сарыал өмүттэн хаалан саҥарбакка хаалбыта. «Эмиэ Слава туох эрэ буруйу оҥорбута буолуо» дии санаата. «Эн бу күн, бу чааска ханна баар этигиний?» «Дьиэбэр». «Сымыйалаама!» – диэн буолбута.

(…) Кэнники Слава кэлэн бэйэтэ билиммитигэр эрэ босхолообуттара.

Биир үтүө күн Сарыал бибилэ­тиэкэттэн кэлэн иһэн көрбүтэ, Галялаах Слава кэлэн иһэллэр эбит. Сарыал көрбөтөх курдук ааһыах буолан эрдэҕинэ ыҥыран ыллылар. Слава туох эрэ урууга тамадалаан эрэр киһи курдук элбэҕи кэпсиир. Ол быыһыгар бэйэтин буруйун ахтар. Ол курдук инитин кытта Галяны эйэлэһиннэртээбитэ.

Ородьумаан «Суох, эн кэпсиэ» («Айар», 2023) кинигэтиттэн быһа тардан.

 Кинигэ «Айар» бары маҕаһыыннарыгар атыыланар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0