Игирэ иитээччилэр Герман, Геннадий Ивановтар

Ааптар: 
20.06.2019
Бөлөххө киир:

Кырачаан Герман аҕыйах күн уһуйааҥҥа сылдьан баран, “аны барбаппын” диэн кыккыраччы аккаастанна. Эмдэй-сэмдэй уолаттартан биирдэстэрэ эмиэ убайын үтүктэн “мин эмиэ” дии оҕуста. Инньэ гынан, кырачаан уолаттар оҕо уһуйаана диэн тугун, иһин-таһын билбэккэ, тута оскуолаҕа киирбиттэрэ.

edersaas.ru


Бу, бүгүн кэпсиир дьоруойдарбыт, аҕыйах хонуктааҕыта “Сыл иитээччитэ” куонкуруска кыттан лауреат үрдүк аатын ылбыт Геннадий Иванов игирэтин аҥаара Германныын. “Арааһа, уһуйааҥҥа сылдьыбатах “буруйбутугар”, Үрдүк Айыылар биһигини кырачааннары кытта үлэлииргэ сирдээбиттэр”, — диэн үөрэ-көтө кэпсээннэрин саҕалыыллар. Ити курдук, дьиэлэригэр олорон күнү күннүктээн бэйэлэрин бэйэлэрэ аралдьытыналлара. Ийэлэрэ Валентина Васильевна, аҕалара Владимир Дмитриевич кумааҕынан, кыптыыйынан, харандааһынан, пластилинынан хото хааччыйаллара. Киэһэ үлэтиттэн кэлэригэр уолаттара кумааҕыттан, пластилинтан оҕо бөҕөнү оҥорон, олору дьаһайталыы олорор буолаллара үһү. Ити туох билгэлээҕин билигин эрэ, уолаттар улаатан, үөрэхтэрин бүтэрэн, иккиэн Сунтаардааҕы “Чебурашка” уһуйааҥҥа педагогунан үлэлии киирбиттэрин кэннэ таайаллар.

Үөрэх

Эмдэй-сэмдэй улаатан эрэр уолаттар оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар бибилэтиэкэттэн арахпаттара. Иннэлээх сап кэриэтэ батысыһа сылдьан иккиэн тэҥ кинигэни уларсан, ким хаһыс сирэйгэ тиийбитин баһыйса-баһыйса ааҕаллара: “Аахпыт кинигэбитин киинэ курдук бэйэ-бэйэбитигэр кэпсиирбит, тугунан бүппүтүн, ким-туох буолбутун… “Төлкө”, “Сааскы кэм” курдук бөдөҥ айымньылары сыттана сытан ааҕарбыт. Ханнык баҕарар тыа оҕотун курдук таһырдьаттан арахпат этибит. Хомойуох иһин, эһээ, эбээ тапталын билбэккэ улааппыппыт, биһиги төрүөхпүт иннинэ күн сириттэн барбыттар этэ. Ийэбит, аҕабыт такайан улаатыннартаабыттара. Кырабытыттан нэһилиэкпит, улууспут, өрөспүүбүлүкэбит киэн туттар дьонун туһунан дакылааттары ааҕарбыт”, — диэн быйылгы куонкуруска лауреат аатын сүкпүт Геннадий кэпсиир.

“КВН киһини бары өттүнэн сайыннарар эбит. Бүлүүтээҕи педагогическай кэллиэскэ үөрэнэр кэммитигэр “Ыллыыр кумах ыччаттара” диэн Бүлүү КВН-ын хамаандатыгар киирэн, өрөспүүбүлүкэҕэ хас да төгүл кыттан миэстэлэһэн турабыт. Дьон иннигэр тахсан саҥарарга, төрөппүтү кытта алтыһарга улаханнык туһалаата. Аны итинтэн сиэттэрэн, иллэҥ кэммитигэр тамадалыыбыт”, — диэн убай киһи Герман кэпсэтиини салгыыр.

“Эр киһи иитээччи буолар”

— Дьоҥҥо-сэргэҕэ күн бүгүҥҥэ диэри иитээччи хайаан даҕаны кэрэ аҥаар буолуохтаах диэн өйдөбүл баар. Маҥнай оҕолор биһигиттэн куттаныахтара диэн толло саныырбыт. Иккиэммитин тус-туспа орто бөлөхтөргө анаабыттара. Александра Сергеевна Николаева, Анна Николаевна Пахомова курдук уопуттаах иитээччилэр биһиэхэ күүс-көмө буолбуттара. Методиспыт Саргылаана Степановна Ю букатын оҕолорун курдук үөрэппитэ. Дьарыктары ыытарбытын, оҕолорго сыһыаммытын барытын көрөрө-истэрэ, быһаарара. Уопсайынан, Бүлүүтээҕи педагогическай кэллиэстэн саҕалаан уһуйбут, үлэҕэ-хамнаска үөрэппит дьоммутугар, сэбиэдиссэйбитигэр Августина Прокопьевна Егороваҕа махталбыт муҥура суох.

Убайбыт ядернай физик идэтигэр үөрэнэ сылдьыбыта. Биһиги суолбутун батыһан, билигин Намнааҕы педагогическай кэллиэскэ алын кылаас учууталын идэтигэр үөрэнэр.

Иитээччи — “универсальнай” артыыс

Эдэр педагогтар ситиһиилэрэ үгүс. Төһө даҕаны педагог быһыытынан түөрт эрэ сыл үлэлээтэллэр, Герман “Я — педагог” өрөспүүбүлүкэтээҕи эр дьон педагогтар ортолоругар ыытыллар куонкуруска кыттан муҥутуур кыайыылааҕынан тахсыбыта. Онтон былырыын “Сыл иитээччитэ” куонкуруска лауреат буолбута. Ону таһынан, робототехниканан дьарыктанан Арассыыйаҕа тиийэ миэстэлэһэллэр.

Геннадий убайын тилэх баттаһа, быйыл “Я — педагог” күрэскэ кыттан муҥутуур кыайыылаах аатын ылбыт. Бүлүү бөлөх улуустарын икки ардыларыгар ыытыллар “Үрдүк дабаан” диэн учууталлар уонна иитээччилэр куонкурустарыгар эмиэ бастаабыт. Оттон бу аҕыйах хонуктааҕыта буолан ааспыт “Сыл иитээччитэ” куонкуруска лауреат аатын сүгэн үөрүүтэ үгүс. “Куонкурус биир түһүмэҕэ – оҕолору кытта дьарык. “Сюрприз для бабушки” тиэмэни талбытым, түүн иһигэр хамаанданан дьарык толкуйдуу охсон ыыппытым – оҕолору кытта тыыннаах сибэккини олордуу. Оҕолор улаханнык сэҥээрдилэр. Дьүүллүүр сүбэ даҕаны эр киһи сибэкки олордорун көрөн сөхтө быһыылааҕа. Ол иһин этэбин, иитээччи “универсальнай” уонна артыыс буолуохтаах диэн”, — диир. Эдьиийдэрэ сытар ыарыһах буолан, уолаттар ийэлэригэр илии-атах буола улааппыттара, эр киһи, дьахтар үлэтэ диэн араара барбакка, дьиэ ис-тас үлэтигэр барытыгар ылсаллара — иһит, таҥас, муоста сууйуута, оҕуруот үлэтэ кинилэр үрдүлэринэн барара, муус, мас үлэтин этэ да барыллыбат.

Оҕону гаджеттан тэйитии

“Бэйэбитигэр тэҥнии көрдөхпүтүнэ, аныгы оҕо олус сайдыылаах. Барыны-бары түргэнник ылынар, билбитэ-көрбүтэ эрэ баар буолар. Олоххо букатын атын көрүүлээхтэр, кыраларыттан бэйэлэрин-бэйэлэрэ көрүнэллэр”, — диэн эдэр педагогтар санааларын үллэстэллэр. Геннадий Владимирович бөлөҕөр 22 оҕолоох. Кинилэргэ анаан “Кырачаан уус” диэн 10 мас оонньуурдаах набору толкуйдаабыт. “Сорох дьон тоҕо кырааската суоҕуй диэн ыйытар. Кыра оҕо оонньууру маҥнай тутан-хабан, сыттаан, ытыран көрөр. Бу доруобуйаҕа туох даҕаны буортута суох, ыраас матырыйаалтан оҥоһуллубут. Бэйэм бөлөҕүм оҕолоругар биирдиилээн оонньотобун. Кыраларыттан үлэҕэ уһуйарга табыгастаах. Өтүйэттэн саҕалаан, күрдьэҕэр тиийэ барыта баар. Билиҥҥитэ сыанатын быһа иликпит. Сыыйа сэртипикээттэтиэхпитин да сөп дии саныыбын”, — диэн Геннадий быһаарар.

Эдэр педагогтар: “Ийэбит иһигэр бииргэ сылдьыбыппыт, бииргэ үөрэммиппит, олоххо интэриэспит да биир. Улахан үлэни барытын иккиэн сүбэбитин холбоон оҥоробут. Биирбит суох буоллаҕына, табыллыбаппыт. Иннэлээх сап кэриэтэ батысыһа сылдьан ситэрсэн-хоторсон биэрэбит. Педагог идэтин сөпкө талбыппыт”, — диэн кэпсээннэрин түмүктүүллэр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0