Иэстээх кыбартыыраны атыылаһан, төлөбүргэ киирэн биэрэртэн сэрэниҥ!

Бөлөххө киир:

     “Хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун булгуччу төлүөхтээххин”, — дииллэр Элбэх кыбартыыралаах дьиэ хапытаалынай өрөмүөнүн фондатын исписэлиистэрэ. Төлөөбөтөххө, син биир иэстэбиллээх буолар. Дьиэ-уот кодексын 169-с ыстатыйатыгар олоҕуран, ыстарааптыыр миэрэ туттуллан, пеня ааҕыллар. Кыбартыыраны бас билээччи ону билиэхтээх,edersaas.ru

Хапытаалынай өрөмүөн фондатыгар 4 тыһ. солк. элбэх иэстээх дьоҥҥо суутунан ирдэбил түһэриллэр. Быйылгыттан ирдэһэр үлэ саҕаланна. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн былырыын 228 мөл. солк. суумалаах иэс мунньуллубут буоллаҕына, быйыл ити мөкү көрдөрүү 353 мөл. солкуобайга тиийэ оҕуста. Онон сылыктаатахха, иэстээх кыбартыыра хара баһаам.

Дьиҥэр, усунуос кээмэйэ оннук айылаах улахан буолбатах: 500 кв. м иэннээх икки этээстээх, 12 кыбартыыралаах мас дьиэҕэ олорор ыаллар ыйга холбоон 1800 солк. харчыны угаллар, ол аата сылга – 21 тыһ. 600 солк. киирэр. Оттон кырыыһаны саҥалыы оҥоруу 800 тыһ. солк., дьиэни кэлимник өрөмүөннээһин 6 мөл. солк. турар. Мас дьиэлээхтэр 277 сыл тухары төлөөтөхтөрүнэ итиччэ суума мунньуллар. Онон судаарыстыба өйөбүлэ улахан. 

Хас биирдии кыбартыыралаах киһи кини хапытаалынай өрөмүөн харчытын бэйэтин туһугар буолбакка, дьиэ 1 кв. миэтэрэтигэр угарын өйдүөхтээх. Ол эбэтэр кини атын дьиэҕэ көстөҕүнэ, угуллубут харчы ол дьиэ туһатыгар хаалар. Уонна киллэрбит харчыта (мунньуллубут үп) хапытаалынай өрөмүөҥҥэ эбэтэр эргэ дьиэни көтүрүүгэ, көһөрүүгэ туһаныллар. 

Манан сиэттэрэн эттэххэ, кыбартыыра атыылаһаргытыгар Элбэх кыбартыыралаах дьиэ хапытаалынай өрөмүөнүн фондатыгар хайаан даҕаны эрийэн эбэтэр сылдьан, атыылаһыахтаах кыбартыыраҕыт иэстээҕин-иэһэ суоҕун чуолкайдаһыҥ! Кыһыл тылга итэҕэйдэххитинэ, кыбартыыра мунньуллубут иэһин бэйэҕит төлүүргүтүгэр күһэллиэххит. Өссө төгүл тоһоҕолоон этэбит: хапытаалынай өрөмүөн харчыта кыбартыыраны бас билээччигэ буолбакка, дьиэҕэ «үлэлиир».

Василий НИКИФОРОВ, “Саха сирэ” хаһыат,edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0