Иенгралар Өймөкөөнтөн сүүс табаны ылан илтилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Нерюнгри улууһун Иенгратыгар баар «Золотинка» муниципальнай-унитарнай тэрилтэ табатын боруодатын тупсарар сыалтан, ыраах Өймөкөөн улууһуттан, “Үчүгэй” УоПХ-тан сүүс табаны атыыласпыта.

Кыһыҥҥы суолу баттаһа ол табаларын массыынан тиэйэн аҕалла. Хаһаайыстыба үлэһиттэрэ саҥа кэлбит табалары Огорычы диэн сиргэ харантыыҥҥа туруордулар. Бэтэринээринэй сулууспа исписэлиистэрэ табалары көрдүлэр-иһиттилэр итиэннэ бүрүсүлүөскэ серологическай чинчийиигэ анаан хаан анаалыһын ыллыллар.

Харантыын кэнниттэн табалар «Золотинка» МУТ ыстаадаларынан тарҕатыллыахтара, таба хаанын уларытан, боруоданы тупсарыыга “үлэлиэхтэрэ” диэн улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета иһитиннэрэр.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0