Үөскээбит боппуруоһу билсэн баран, Айсен Николаев эрэгийиэн Тутууга министиэристибэтин кытары юридическэй боппуруостары быһаарсан баран, дуогабары көтүрүөххэ сөбүн эттэ. Ил Дархан сири-уоту көрөрүгэр олохтоохтору кытары сэһэргэстэ, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматын олоххо киллэрии мэхэньиисимнэрин туһунан быһаарда.
Дьиэ-уот тутуутун боппуруоһугар бөһүөлэк баһылыга Ольга Игнатенко, үс дьиэни тутуу бырайыагар олохтоохтор ирдэбиллэрэ учуоттанарын эттэ. Уон түөртүү кыбартыыралаах икки уонна 23 кыбартыыралаах биир дьиэни «Монтажник» ПК тутар былааннаах. Билиҥҥитэ бырайыактыыр-сметнай докумуон оҥоһуллар. Докумуон ситтэҕинэ-хоттоҕуна судаарыстыба эспэртиисэтигэр ыытыллыахтаах.
Нерюнгри оройуонугар «2019-2025 сс.саахалланар туруктаах хаарбах дьиэттэн гражданнары көһөрүү» өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагыраамаҕа элбэх кыбартыралаах 186 дьиэ (МКД) киллэриллибит, уопсай иэнэ 81 тыһ.кв.м.тахса. Ол иһигэр элбэх кыбартыыралаах 60 дьиэ (МКД) Нерюнгрига, 71 — Чульман бөһүөлэгэр, 26 — — Иенграҕа, 12 — Беркакит бөһүөлэгэр, уо.д.а. Бу 2012-2017 сылларга хаарбаҕынан быһаарыллыбыт дьиэлэр.
СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата