Дьахтар барахсан ис дууһатын айылгытынан, ханна да сырыттар, үтүөнү эрэ оҥорор аналлаах.
edersaas.ru
Ол холобурун мин бу күннэргэ кырдьаҕас дьону көрөр «Милосердие» чааһынай пансионакка «Иэйии» дьахталлар уопсастыбаннай түмсүүлэрин кытта сылдьан көрдүм.
Айар куттаах бу алта дьахтары Дьокуускайдааҕы Үһүс көлүөнэ оскуола иһинэн үлэлиир биэнсийэлээх дьон доруобуйаларын бөҕөргөтөр күнүскү режимнээх «Эрчим» санаторий билиһиннэрбит. Бу манна 50 саастарыттан тахсыбыт дьону таһыттан сылдьан эмтэниилэрин хааччыйалларын таһынан, айар дьоҕурдарын кытта сайыннараллар. «Эрчимҥэ», санаторий тылынан нууччалыы эттэххэ, хас биирдии «заезд» талаанын уонна дьоҕурун көрдөрөр ытык эбээһинэһэ. Дьэ, мантан куорсун анньынан сынньанааччылар икки нэдиэлэ иһигэр бэйэ-бэйэ бэйэлэрин кытта чугастык алтыһан, эдьиийдии-балыстыы, аймахтыы курдук буолаллара баар суол. Аныгы үйэ буолан, «Эрчим» бары бөлөхтөрө тус-туһунан батсаап бөлөхтөөхтөр. «Иэйиилэр» эмиэ тутуспутунан сылдьан, «Эрчим» санаторий биир саамай көхтөөх бөлөҕүн быһыытынан күн бүгүҥҥэ диэри бэйэ-бэйэлэриттэн арахсыбаттар. Буолаары буолан, дьоҥҥо, ытык кырдьаҕастарга үөрүү кыымын саҕаллар, кинилэр дууһаларыгар сырдык кыымы уматаллар. Биһиги тиийиибитигэр «Милосердие» кырдьаҕастара эбиэттээн баран, кэнсиэр көрөөрү саалаларыгар мустан олороллоро.
Арай «Иэйиилэр» муусукаларын холбоору гыммыттара — мэлигир… Аппаратуралара аккаастаан кэбистэ. Мин испэр: «Дьиэлиир буоллубут быһыылаах», — дии саныы олордохпуна, эмискэ конферансье тахсан: «Үтүө күнүнэн, күндү доҕоттор! Үүнэр-сайдар ыччаттардаах, кэрэ алгыс тыллардаах үөрүүнү эрэ өрө туппут ийэлэр уонна эбээлэр эһиэхэ анаан ис сүрэхтэн тахсар эһиги ахтылҕаннаах ырыаларгытын бэлэхтиибит«, — диэн биллэрдэ. Дьон ытыстарын таһынааттарын кытта, хотугу таба курдук чэпчэкитик үктэнэн Өймөкөөн улууһун Томторуттан төрүттээх Валентина Прокопьева «Таба» үҥкүүтүн үҥкүүлээн барда. Доҕуһуола — дьүөгэлэрин толорууларыгар Виталий Андросов «Туундара» ырыата. Бу түгэн сэбиэскэй кэм ыччаттарын санатта. Ходуһаҕа агитбиригээдэ буоллун, кулуупка кэнсиэр буоллун, итинник эмиэ муусука тэрилэ аккаастаатаҕына, ыччаттар санааларын түһэрбэккэ ыллыыры ыллаан, үҥкүлүүрү үҥкүүлээн тэйэллэрэ. Валентина үҥкүүтүн көрө олорор дьон, эмиэ оччотооҥҥу кэми санаан буоллаҕа буолуо, хоту дойду маанылаах «табатыгар» дохсун ытыс тыаһын бэлэхтээтилэр. Хас да ырыа ылланаатын кытта Валентина Прокопьева аны «Цыганочканы» үҥкүүлээн элээртэ.
Онтон киһи этин сааһын ортотунан киирэр күүстээх куолас сааланы толорон кэбистэ. Бу Уус Алдан улууһуттан төрүттээх, хоровик-дирижер идэлээх Татьяна Бурнашева. Кини «Иэйии» уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта. Биллэн турар, маннык кэрэ куоластаах киһиэхэ муусука доҕуһуола да наадата суох. Татьяна ыллаан бүтээтин кытта кырдьаҕастар: «Өссө ыллаа дуу…» — диэн көрдөстүлэр. Бу ис дууһаттан тахсар көрдөһүүнү Татьяна быһа гыммата, эмиэ ыллаата. Уу-чуумпуга туох да муусука доҕуһуола суох кутуллар кэрэ куолаһы истэр үчүгэйиин! Дэлэҕэ да Татьяна Бурнашева төрөөбүт Уус Алданын улууһугар үгүс ырыа куонкурустарын хас да төгүллээх лауреата, дипломана, Гран-при курдук номинация кыайыылааҕа эбит.
Татьяна ыллаан бүтээтин кытта Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан төрүттээх үҥкүүһүт бэрдэ Елена Поскачина «Сэлээппэлээх» үҥкүүнү «анньан» кэбистэ! Доҕуһуола — эмиэ дьүөгэлэрэ. Кырдьаҕастар үҥкүүһүтү кытта бэйэлэрэ эмиэ хамсана, ытыстарын таһына олордулар. Онон бу нүөмэр эмиэ дохсун ытыс тыаһын ылан, көрөөччү биһирэбилин ылбытын бигэргэттэ.
Айар куттаах дьонунан аатырар-сураҕырар Сунтаар улууһуттан төрүттээх Евгения Игнатьева көмүс куолаһа эмиэ доҕуһуолга наадыйбат буолан, көрөөччүлэр тыыммакка да олорон иһиттибит. Биллэн турар, Евгения көрөөччүлэр көрдөһүүлэринэн эмиэ ыллыыр буолла.
Сценканы уонна хоһоону Усуйаана улууһуттан төрүттээх, доруобуйа харыстабылын туйгуна Елена Кузнецова баһылыан баһылаабыт эбит. Онон кэнсиэр ытык кырдьаҕастарга олох сэбиэскэй кэмнэрин санатта. Кинилэр эдэр саастарыгар биир да кэнсиэр сценката, хоһооно суох барбат этэ буоллаҕа. Онон Елена кырдьаҕастар санааларын тапта.
Кэнсиэри талыы Тааттаттан төрүттээх педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, худуоһунньук Люция Андросова сатабыллаахтык салайан ыытта.
Ити курдук, араас улуустартан сылдьар биир эйгэлээх айар куттаах алта дьахтар «муусукабыт табыллыбата…» диэн санааларын түһэрбэккэ, биир тыынынан кэнсиэрдээн, барыга бары үөрүйэх дьон быһыытынан сүүрбэччэ нүөмэри көрдөрөн кэбистилэр. «Милосердие» кырдьаҕастара барахсаттар үөрэн бөҕө буоллулар.
— Киһи бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор кэмигэр күн бокуойа суох сылдьара, сөбүлүүр дьарыктаах буолара олус наада эбит. Айар куттаах киһи ис эйгэтигэр баар талаанын дууһатыгар сөҥөрөн илдьэ сылдьыбакка, бэйэтин курдук олоххо көхтөөх дьонун кытта ыллыы-туойа сылдьарыттан күндү суох. Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан мустан «Иэйии» түмсүүбүтүн тэрийбиппит үһүс сыла. Биһигини барыбытын дьүөгэбит Евгения Игнатьева түмпүтэ. Уопсастыбаннай олоҕу көҕүлүттэн туппут дьахталлар дьоҥҥо үтүөнү, үөрүүнү бэлэхтээн, бэйэбит эмиэ дууһалыын байабыт, үйэлээҕи оҥорорго дьулуһабыт. Бириэмэбитин таба аттаран, кырдьаҕастар дьиэлэринэн сылдьан кэнсиэрдиибит, чугастааҕы улуустарга баран кэлэбит. Куһаҕана диэн, мустар сирбит суох этэ. Бу күннэргэ Дьахтар күнүн көрсө көрдөһүүбүтүн ылынан, Үһүс көлүөнэ оскуолатыгар кыракый хос биэрдилэр. Онон оскуола салалтатыгар махталбыт муҥура суох, — диэн санаатын үллэстэр Валентина Прокопьева.
Бу күннэргэ кэлэн иһэр сааскы бырааһынньыгы — Дьахтар күнүн көрсө «Иэйии» түмсүү дьахталлара олох солото суох сылдьаллар. Итиннэ ыҥырыы, манна ыҥырыы. Бу буоллаҕа, дьахтар сирдээҕи дьоло диэн — тулалыыр эйгэҕэр сырдыгы уонна кэрэни саҕыы.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.