Оскуоланы бүтэрээри сылдьар ханнык баҕарар оҕо биир толкуйдаах – ханнык идэни талабын диэн. Талан ылбыт идэтинэн үйэтин тухары үлэлиир, айаҕын ииттэр, дьиэ кэргэнин иитэр. Онон идэтин төһө сөпкө таларыттан инники дьылҕата быһаччы тутулуктаах. Идэҕэ эрдэттэн бэлэмнэнии диэн тугуй? Идэни хайдах сөпкө талабыт? Бүгүн бу ыйытыыларга хоруйдуурга холонуохпут.
“Эксээмэни хайдах туттарарбыттан тутулуктаах”
Сорох оскуоланы бүтэрээри сылдьар оҕолортон ханнык идэни талыахтарын баҕаралларын туоһуластахха: “Билбэппит, биир кэлим эксээмэни хайдах туттарарбытыттан тутулуктаах”, — диэн хоруйдааччылар. Дьиҥэр, оҕо эрдэттэн сыаллаах-соруктаах буолара ирдэнэр. Билигин хас даҕаны эксээмэни талан баран, биэс үөрэххэ тэҥинэн сайабылыанньа биэрэр буолан, барыстаах.
Аны сорохтор үөрэххэ киирэн үөрэнэ түһэн баран, быраҕан кэбиһэллэр. Эбэтэр, тааҕы-таах бу идэни таламмын, үөрэниэхпин баҕарбаппын диэччилэр эмиэ баар буолаллар. Бары билэҕит, ырыынак бэйэтэ быраабылалаах. Хас даҕаны сыл үөрэнэн баран, талан ылбыт идэнэн үлэ булумуохха эмиэ сөп. Ити курдук буолбатын туһугар, киһи идэтин эрдэттэн сөпкө талыахтаах. Ол инниттэн ахсыс-тохсус кылаастарга үөрэнэр сылларга идэ хайысхатын сөпкө талыыга (профориентация) болҕомто ууруллуохтаах.
Профориентация диэн тугуй?
Кистэл буолбатах, билигин уопсай үөрэхтээһин элбэх оҕолоох оскуолалара ыстандаартынан көрүллэр чааһы биэрэн баран, оҕо эксээмэнин туттарда да атааран кэбиһэллэр. Оҕо инники дьылҕатыгар төрөппүт эрэ эппиэттиир. Ол иһин төрөппүт, оҕото идэтин сөпкө таларыгар эрдэттэн интэриэстээх буолуохтаах. Маныаха профориентация көмөтө улахан оруоллаах. Профориентация – ыччат тус көрүүтүттэн, интэриэһиттэн сиэттэрэн, идэтин эбэтэр идэтин хайысхатын сөпкө таларыгар көмөлөһөр наукаҕа сигэниллибит ситимнээх тэрээһин. Чопчу идэтин талбатаҕын да иһин, хайысхатын быһаарыныан сөп. Манан сүрүннээн үөрэх тэрилтэлэрэ дьарыктаналлар. Ол эрээри…
Тест даҕаны араастаах
Ол эрээри, профориентацияҕа дьон болҕомтотун уурарын билэн, итинтэн “ас таһаарынар”, “килиэптэнэр” дьон бааллара кистэл буолбатах. Сорохтор харах быһыытынан, тарбах суолунан, ыйытыыларга хоруйунан, элбэх эппиэттэн биири талыынан, о.д.а. быһаараллар. Ол иһин угаайыга киирэн биэрбэт туһугар, тэрилтэ эрэкэлээмэтин эрэ эккирэппэккэ, сылдьыбыт дьон санаатын истэр, онтон түмүк оҥостор эрэллээх.
ХИФУ Үрдүк үөрэх иннинээҕи уонна профориентацияҕа факультетын декана Светлана Федорова: “Тестирование, диагностика барыах иннинэ, маны кимнээх оҥорбуттарын, ааптардара кимнээҕин, төһө элбэх киһи ааспытын уонна ханна ыытыллыбытын туоһулаһыллыахтаах. Ол эрэ кэнниттэн ааһыахха сөп”, — диэн сүбэлиир.
Кыра кылаастарга — куруһуок
Дьон оҕотун инники дьылҕатыгар кыһаллар. Идэтин сөпкө таларын туһугар эрдэттэн араас куруһуоктарга, сиэксийэлэргэ төлөөн туран дьарыктыыр. Сороҕор: “Мин эйигин харчы төлөөн куруһуокка суруйтарбытым. Эн сөбүлээбэккэ быраҕан кэбистиҥ”, — диир төрөппүттэр эмиэ бааллар. Оҕо баҕарбат, ол аата интэриэһэ суох. Ол эбэтэр ити идэни талбат эбит диэн төрөппүккэ “сигнал” тиийиэхтээх. Сөбүлээбэтэ — атыҥҥа суруйтар. Кыра кылаастан араас куруһуоктары боруобалаан, оҕо сөбүлүүр, бэйэтигэр чугас дьарыгын хайаан даҕаны булар. Уонна, үксүгэр сөбүлүүр куруһуогар дьүөрэ үөрэҕи талан ылар. Ол эбэтэр кыра, орто сүһүөх кылаастарга идэҕэ эрдэттэн бэлэмнэнии хайысхатынан куруһуоктарга, сиэксийэлэргэ дьарык буолар.
ХИФУ холобура
Соторутааҕыта ХИФУ төрүттэммитэ 10 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх мунньах дакылаатыгар, университет ааспыт сыл түмүгүнэн оскуолалары кытта үлэлэһиигэ дойду үрдүк үөрэхтэрин кыһаларыгар 4-с миэстэҕэ тахсыбытын истэн, кырдьыгын эттэххэ, улаханнык соһуйбутум. Ол иһин тустаах хайысхаҕа туох үлэ-хамнас ыыталларын билээри, деканы кытта бириэмэ болдьоон кэпсэппитим. Оҕоҕо тестирование ыытыыттан саҕалаан, үөрэҕин бүтэриэр диэри арыаллыыллар эбит. Маны тус-туспа хардыыларга араарбыттар:
1 хардыы – “Бэйэҕин бул”. Бастатан туран, оҕо бэйэтэ туох интэриэстээҕин, тугу сөбүлүүрүн, ол кини майгытыгар-сигилитигэр сөп түбэһэрин дуу, суоҕун дуу быһаарыахтаах. Аныгы ыччат үксүн үрдүк хамнастаах буолан полиция үөрэҕэр киириэн баҕарар эбит. Ол эрээри, кини истириэһи төһө тулуйарый? Бэйэтин төһө хонтуруолланарый? Ол иһин исписэлиистэр икки чаас кэриҥэ оҕону кытта уун-утары олорон тест толорторон, диагностика ыытан, бэйэтин билэригэр көмөлөһөллөр. Ханнык идэ киниэхэ барсыан сөбүн быһаараллар.
2 хардыы – “Идэлэри бил”. “Арассыыйатааҕы тарифнай-квалификационнай ыйынньыкка, уопсайа, 450 идэ суруллубут. Итинтэн 28 идэ киэҥник тарҕаммыт. Ол иһигэр үс ордук ирдэнэр идэҕэ ыытааччы (водитель), атыыһыт уонна учуутал идэлэрэ киирбиттэр. Онтон хаалбыт идэлэри оҕо иҥэн-тоҥон билбэт. Олох биир сиргэ турбат, ханнык эрэ идэ сүтэр, ол оннугар саҥа идэлэр баар буолаллар”, — диэн Светлана Федорова бэлиэтиир. Ол эбэтэр, оҕоҕо “Атлас новых профессий”, “Мир будущих профессий” билиһиннэрэллэр, “Курьер, прощай” курдук араас оонньуулары, тэрээһиннэри ыыталлар.
3 хардыы – “Биридимиэттэргэр бэлэмнэн”. Эрдэ этэн аһарбыппыт курдук, оскуолаҕа ыстандаартынан көрүллэр чааһынан үөрэтэллэр. Ким эрэ билиини иҥэринэр, ким эрэ суох. Ол иһин оскуоланы бүтэрээччилэргэ анаан ХИФУ араас дьарыктары ыытар.
4 хардыы – “Үрдүк үөрэххин тал”. Оҕо талан ылбыт идэтигэр ханнык үөрэх кыһата бэлэмниирий? Хас даҕаны саайты тэҥинэн үөрэтэн көрөллөрө ирдэнэр. Талан ылбыт үөрэхтэрин кыһата туох ирдэбиллээҕин, хайдах гынан эбии баалы ылыахха сөбүн үөрэтэллэр. Холобура, ХИФУ 100-тэн тахса тус ситиһиини учуоттуур.
5 хардыы – “Тус ситиһии баалын эбин”. Университет араас олимпиадалары ыытарын таһынан, оҕолору онно эрдэттэн бэлэмниир араас бырагыраамалардаах. Манна хаһыс даҕаны сылын кэлэн дьарыктанар оҕолор бааллар.
Ити курдук, олохтоох университет оҕо идэтин хайысхатын сөпкө таларыгар сирдээн биэрэриттэн саҕалаан, үөрэҕи бүтэриэр диэри арыаллыыр. Сэҥээрбит дьон ХИФУ Үрдүк үөрэх иннинээҕи уонна профориентацияҕа кафедратыттан, саайтарыттан сиһилии билсиэххитин сөп.
Улуус үөрэнээччилэрин кытта үлэ
Хаһыаты ааҕар уонна оҕотун дьылҕатыгар кыһаллар төрөппүт хайаан даҕаны: “Оттон улуустар арыыланан хаалабыт дуо?” — диэн сөптөөх ыйытыыны бириэ. Суох. Улуустары кытта араас үлэлэри ыыталлар эбит. Ол курдук, улуустар сүрүннээн кылааһынан эрдэттэн сайаапка биэрэн, сынньалаҥ кэмигэр кэлэн анаан-минээн диагностика баран, хайысхаларын быһаартаран бараллар. Оттон сорох чугастааҕы улуустар оскуолалара исписэлиистэр айаннарын ороскуотун уйунан, миэстэтигэр ыҥыраллар эбит.
Аармыйа кэнниттэн бэлэмнэнии – босхо
ХИФУ-га бэлэмнэнии салаата үлэлээбитэ быданнаата. Үрдүк үөрэххэ киириэн баҕарар дьон чопчу биридимиэттэргэ тиийэн бэлэмнэнэн, биир кэлим эксээмэни туттараллар. Манна даҕатан эттэххэ, Светлана Федорова иһитиннэрбитинэн, аармыйа кэнниттэн бэлэмнэнии салаатыгар (подготовительнай отделение) кэлбит эдэр дьон босхо үөрэниэн сөп эбит. Бүддьүөт миэстэтигэр киирэр инниттэн хамандыырдарыттан ирдэбилгэ толору сөп түбэһэр мэктиэ суруктаах (рекомендация) кэлэллэрэ ирдэнэр. “Хамандыырдарыттан ылбыт ыспыраапкаларын биһиэхэ аҕалаллар, бэлэмнэнии бөлөххө босхо үөрэнэллэр, ону таһынан, 4,5 тыһыынча солкуобай истипиэндьийэ ылаллар”, — диэн декан быһаарда. Бастакы потокка алтынньыттан үөрэнэн баран, кулун тутарга эксээмэн туттараллар. Иккис потокка тохсунньуттан бэс ыйыгар диэри үөрэнэллэр. Билигин иккис потокка кэлиэхтэрин сөп диэн быһаарар. Бэлэмнэнии бөлөҕөр сыллата 30 бүддьүөт миэстэтэ көрүллэр. Ол иһигэр аармыйаттан кэлбиттэр, тулаайахтар, инбэлииттэр киирэллэр. Үөрэнэр дьон университет бибилэтиэкэтигэр сылдьыахтарын, куруһуоктарга дьарыктаныахтарын сөп, хоту улуустарга уопсайга миэстэ көрүллэр. Быһатын эттэххэ, устудьуон олоҕунан олороллор.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru