Идэлээх сойуустар быйылгы лозуннара: Уопсастыба сиэрдээх сайдыытын түстүөххэ!

Бөлөххө киир:
Быйыл иккис сылын Маай бырааһынньыга онлайн эрэсииминэн ыытыллар. Улуус кииннэригэр, куораттарга, нэһилиэктэргэ сарсыардаттан куйаар ситиминэн араас тэрээһиннэр саҕаланнылар.

Маай, Үлэ бырааһынньыгынан СӨ Идэлээх сойуустарын федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Николаевич Дегтярев:

Саха сирин профсоюзтарын федерациятын аатыттан эһигини Сандал саас уонна үлэ бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин! 2020 сылга биһиги коронавируһу утары охсуһууга  элбэх кыһалҕаны көрсүбүппүт.  Ону тэҥэ биһиги олохпутугар үлэ дьоһун суолталааҕын өссө төгүл өйдөөтүбүт. «Уопсастыба сиэрдээх сайдыытын түстүөххэ— бу идэлээх сойуустар быйылгы  лозуннарынан буолла. Дойду үрдүнэн үлэтэ суох буолуу ахсаана  улаатта, нэһилиэнньэ дьиҥнээх дохуота намтаата. Биһиги үлэһиттэр хамнастарын үрдэтии, үлэ түмүгүн сөптөөхтүк үллэрии туһугар сүрүн болҕомтону уурар санаалаахпыт. Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ, бастатан туран, үлэһит  киһи туһугар үлэлиир эбээһинэстээх. Үлэлиир киһи дьадаҥы буолуо суохтаах, хамнаһы индексациялааһын булгуччулаах буолуохтаах, — диэн эҕэрдэтигэр эбэн эттэ.
Өрөспүүбүлүкэ идэлээх сойуустара быйылгы тэрээһиннэрин иккис сылын онлайн ыытыллар.
edersaas.ru
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0