Идэлээх сойууска олоҕун 40 сылын анаабыт ытык киһи

27.11.2017
Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүү оройуонугар (улууһугар) АПК үлэһиттэрин идэлээх сойууһун өр сылларга салайан үлэлэппит Иннокентий Сидоров быйыл сайын «Тыа сирин үлэһиттэрин идэлээх сойууһа» диэн кинигэни бэчээттэтэн таһаарбыта. Бу – биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бэйэтин хайысхатыгар бастакы уонна билиҥҥитэ соҕотох кинигэ.

edersaas.ru


Өссө «сэдэх» диэн эбэн биэриэххэ сөп. Маны ааптар бэйэтин үбүгэр, кирэдьиит ылан туран, таһаартарбыт буолан, ахсаана аҕыйах. Баара-суоҕа 200 ахсаанынан тахсыбытыттан, Иннокентий Константинович этэринэн, билигин отучча эрэ экземпляр ордубут. Халыҥ тастаах, 12,5 усулуобунай бэчээтинэй илиистээх кинигэҕэ оччолорго оройуон, сопхуос, отделение таһымнарыгар үлэлээн-хамнаан ааспыт идэлээх сойуус лидердэрин, актыбыыстарын ахтыылара уонна хаартыскалара хото киллэриллибиттэр. Ааптар сыл кэриҥэ үлэлэспит. Кинигэ матырыйаалын тылын-өһүн уопуттаах суруналыыс Марта Силигиянова эрэдээксийэлээбит.

И.К.Сидоров Мэҥэ Хаҥалас I Мэлдьэхси нэһилиэгэр 1937 с. төрөөбүтэ. Университекка үөрэнэн, историк идэлэниэҕиттэн Үөһээ Бүлүүгэ ыал-күүс буолан олохсуйбута, эдэр-чэгиэн сааһын бүүс-бүтүннүү бу дойдуга атаарбыта. Иннокентий Константинович ол даҕаны иһин, дэлэҕэ, үбүлүөйдээх сылыгар күн сырдыгын көрбүт кинигэтин: «Төлкөбүн түстээбит, үлэҕэ-олоххо үөрэппит иккис дойдум буолбут Үөһээ Бүлүүбэр уонна кини үлэһит дьонугар аныыбын», – диэ дуо.

Иннокентий Сидоров профсойуус үлэтигэр өссө устудьуоннуур эрдэҕиттэн сыстыбыт, Сэргэлээххэ устудьуоннар идэлээх сойуустарын кэмитиэтигэр икки сыл бэрэссэдээтэллээбит. «Оройуоҥҥа профсойуус бэрэссэдээтэлэ үһүс бөдөҥ салайааччы суолталааҕа. Оннук күүстээх тэрилтэ этэ. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар туспа кэмитиэттэр тэриллибиттэрэ. Үөһээ Бүлүүгэ тыа хаһаайыстыбатын уонна соҕотуопка үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын оройуоннааҕы кэмитиэтигэр бэрэссэдээтэллэринэн Василий Ионович Барчахов (1974 – 1976 сс.), Елена Алексеевна Никитина (1976 – 1986 сс.) талыллан үлэлээбиттэрэ. Онтон 1986 с. аата уларыйан, АПК үлэһиттэрин идэлээх сойууһа буолбутугар Иннокентий Саввич Алексеев икки сыл салайбытын кэнниттэн мин отучча сыл үлэлээбитим», – диэн кэпсиир Иннокентий Константинович.

Кини ити иннинэ 1976 – 1980 сс. Исидор Барахов аатынан сопхуос идэлээх кэмитиэтин босхоломмут бэрэссэдээтэлинэн, 1980 сылтан оройуон кэмитиэтигэр киирэн, Е.А.Никитинаҕа сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. Онон олоҕун 40-ча сылын идэлээх сойууска анаабыта. Тыа сирин чэрдээх илиилээх үлэһит дьонун интэриэстэрин туруулаһыыга сыратын-сылбатын уурбута кэмигэр сыаналанан, СӨ идэлээх сойуустарын хамсааһынын уонна тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун ытык киһитэ ааты-суолу ылбыта, «Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн наҕараадаламмыта.

Үөһээ Бүлүүгэ тыа хаһаайыстыбатын идэлээх үлэһиттэрин сойууһа сэбиэскэй былаас саҕана муҥутуурдук үлэлээн-хамнаан ааспыт кэмигэр оройуоннааҕы кэмитиэт аппараата 6-ҕа тиийэ үлэһиттэнэ сылдьыбыта, бэйэтин тула 12 кэмитиэти, 29 сыахтааҕы кэмитиэти, 71 бөлөҕү түмэрэ, олорго холбоон 4164 чилиэннээҕэ. Онон тыа сиригэр сүдү күүс буолбута мөккүөргэ турбат. Иннокентий Константинович 2015 с. үлэттэн туоруоҕуттан Үөһээ Бүлүүгэ идэлээх сойуус үлэтэ-хамнаһа тохтоон турар сураҕа иһиллэр. Соҕотох киһиттэн тутуллан турбут тыа хаһаайыстыбатын муоһата быһа баран, улуус бааһынайдара, кэпэрэтииптэрэ дьаалаларынан устан хаалбыттара абалаах.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0