Идэлээх сойуус үлэһиттэргэ бэртээхэй бэлэҕи оҥордо

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

“Хатастааҕы сибиинньэ комплекса” ХЭТ үлэһиттэрин идэлээх сойууһа өрөспүбүлүкэҕэ биир бастыҥ үлэлээҕинэн биллэр.
edersaas.ru.

Идэлээх сойуустар икки ардыларынааҕы куоталаһыыга сибиинньэ комплексын үлэһиттэрин идэлээх сойууһа кыайыылааҕынан тахсан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Идэлээх сойууһа олохтообут С.Н.Маркин аатынан 100 тыһ. солк. суумалаах бириэмийэни ылар чиэскэ тиксибитэ. Бэрэссэдээтэл Вероника Кириллина кэлэктииби кытары сүбэлэһэн баран, ол харчынан Дьокуускайтан Хатаска кэлэр суолга оптуобус тохтобулун оҥорорго быһаарбыта. Онон, Арассыыйаҕа тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин идэлээх сойууһа тэриллибитэ 100 сылын көрсө үлэһиттэргэ бэртээхэй бэлэх оҥоһулунна: саҥа тохтобул дьэндэйдэ! Ону үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыы сиэрэ бүгүн, ол эбэтэр от ыйын 23 күнүгэр, сарсыарда 10 чааска буолла.


Саҥа тохтобул кыһыл лиэнтэтин соторутааҕыта хаһаайыстыба генеральнай дириэктэринэн анаммыт Николай Кларов, өрөспүүбүлүкэ АПК-тын үлэһиттэрин идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлэ Борис Николаев уонна ХЭТ үлэһиттэрин идэлээх сойууһун салайааччы Вероника Кириллина быһа кырыйдылар.


—Бу бырайыак олоххо киириитигэр көмөлөспүт дьоҥҥо: бириэмийэбит харчытынан тохтобулу оҥорор туһунан санааны сахпыт Ыччат сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Розалия Маслацоваҕа, бэйэбит бэтэрээммит Клара Захаровҕа, итиэннэ бу ааспыт алта сыл устатыгар генеральнай дириэктэринэн таһаарыылаахтык үлэлээбит Роман Дмитриевка махтанабын, — диир Вероника Иннокентьевна. – Бу күнтэн ыла биһиги үлэһиттэрбит итиэннэ комплекса араас нааданан кэлэр-барар дьоннор сайыҥҥы өҥүрүк куйааска, кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга оптуобуһу аһаҕас халлаан анныгар буолбакка, анал оҥоһуулаах тохтобулга кэтэһиэхтэрэ.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0