Идэһэни астыырга Эдьиий Дора сүбэлэрэ

08.11.2017
Бөлөххө киир:

Тымныйан, эт тоҥор кэмэ кэллэ. Онон сүөһүнү иитэн олорор дьон идэһэлэнэр дьоро күннэрэ чугаһаата. Идэһэ – бэйэ ииппит, көрөн-истэн улаатыннарбыт, экология өттүнэн ыраас алаастарга мэччийбит сүөһү этэ буолан, бастатан туран, доруобуйаҕа туһата улахан. Киһи тугу сиириттэн доруобуйата эмиэ тутулуктааҕын бары билэбит. edersaas.ru

Бэйэ сүөһүтүн кытары хантан эрэ аҕалыллыбыт эти тэҥнээн көрдөххө, Алтаай, Амур, о.д.а. эттэрин хаачыстыбата ханан да тиийбэт. Сөп ээ, тугу сиэн-аһаан, туох укуолу ылан кэлбит сүөһү этэ буолара биллибэт. Онон бэйэбит идэһэбит этин өрө тутарбыт оруннаах.

Идэһэни өлөрүүгэ өбүгэлэрбит улахан суолта биэрэн, сиэри-туому тутуһан өлөрөллөрө. Холобур, өлөрдүү куттаммыт сүөһү этэ элбэх адреналиннаах буолан, кытаанах, амтана суох. Ону тэҥэ, куттал, абааһы көрүү, ыарыы информацията кистэнэ сылдьар буолуон сөп. Сүөһү да тыыннаах дууһа буоллаҕа…

Ол иһин биһиги өбүгэлэрбит сылгыны хараҕын баайан, атын сүөһүгэ көрдөрбөккө эрэ,“бу кыһалҕаттан туттан эрэбит, баалаама, туйаҕыҥ суола сүтүө суоҕа” диэбит курдук ботугураан көрдөһөн баран, соһуччу сүүскэ охсоллоро. Хаста да охсон, эрэйдээн өлөрүү эмиэ соччото суох.

Идэһэни өлөрүү туспа сиэрдээх-туомнаах, ымпыктаах-чымпыктаах. Онуоха Эдьиий Дуора сүбэлээбитин аныгы дьон тутуннуннар диэн, бэчээттиибит.

Астааһын кистэлэҥнэрэ

Аһы ас курдук астыахтаахпыт. Сорох киһи убаһатын, кыайан туттарбат диэн, саанан ытар. Бу улахан сыыһа, ханнык да түбэлтэҕэ сүөһүнү, сылгыны ытан өлөрүллүбэт. Хас биирдии ыалга идэһэни астыыр миэстэ баар буолуохтаах. Сылгы турар далыгар, хотон тиэргэнигэр, от кыбыытыгар буолбатах.

Сүөһүнү сүөһүгэ, сылгыны сылгыга көрдөрөн туран астаныллыбат. Сүөһүгүтүн үөрэ-көтө астыахтааххыт. Сороҕор кырдьаҕастар уонна оҕолор, анаммыт сүөһүлээх буоллахтарына, аһыйар идэлээхтэр. Идэһэни аһыйан туран астааһын бобуллар. Киһи кыратык соҥуоран, саҥатыттан матан ылыан сөп. Өлүк салгынын үллэстиэ суохтаах, ол аньыы буолар эбит. Куттанар дьоҥҥо, оҕоҕо көрдөрүллүбэт. Идэһэни өлөрөр күн дьиэлээх хаһаайын дуу, убай-быраат дуу, туохха эрэ тардыллан хойутаан кэллэхтэринэ, ол күн идэһэ сиэммэт, кэмэ кэлэ илик эбит.

Сылгыны, сүөһүнү эбэ диэки, ол эбэ­тэр дьиэлэр быыстарынан, арыы тыаларынан аһаҕас сир диэки хайыһыннарабыт уонна сүүһүн охсобут. Оччоҕо өлүк салгына охсубут киһинэн буолбакка, эбэнэн тахсан барар эбит. Эбэни таҥнары көрдөрөн туран охсуллубат, ити кэһиллибэт улахан сиэр-туом. Идэһэни охторон баран, быатын ньылбы таһыйан ылан мээнэ элитиллибэт, суулуу, хомуйа тутан, кэлин диэки чөкө ууруллар. Дьэ уонна хабарҕатын хайа тардыллар уонна ыраас хаарга, эбэтэр күөх кырыска хаанын чоккураччы тэптэриллэр. Ону кытта өлүк салгына барар. Кини ыылаах, дьаардаах, ыарыылаах буоллаҕына, ону хааны кытта сир оборон ылар.

Хабарҕатын хаанын сүүрдэн баран, тааспытын соһон ылан анньабыт, дьиҥнээх субай хаан дьэ кэлэр. Тохтубут хааны киһи тэпсиэ суохтаах. Хоолдьугун эрийэн ылабыт, муоһунан сири хорутардыы чөкө умса уурабыт. Туйахтарын быһаҕынан араартаан ылабыт, сүгэнэн быһыта охсубаппыт, мээнэ элитэлээн кэбиспэппит, илин, кэлин атахтарын кэккэлии төбөтүн аттыгар тиэрэ уурталыыбыт.

Кутурук өҥүргэһэ эмтээх

Сүлэрбитигэр эбэ өттүттэн саҕалыыбыт. Убаҕаһын миэстэтин, мааны тэрилин турута ыыппакка ылабыт, кэннин диэки уурабыт, киһилии үчүгэйдик дьаһайабыт. Сүлэр кэмҥэ быһаҕы куҥ эккэ батары анньыллыбат, оннооҕор хаарга туруору аспаккын, сытыары уура сылдьан туттаҕын. Тириитин ал­дьаппакка сүлэҕин, кутуругун төрдүттэн элийэн ылаҕын. Кутурук өҥүргэһэ эм­тээх, ол иһин иһэ-үөһэ, сүһүөхтэрэ ыалдьар киһиэххэ биэриэххэ сөп. Ону оргутан истэҕинэ, көмөлөөх буолуо.

Сүрэҕин хаанын били хабарҕа хаана сүүрбүт сиригэр тоҕобут. Быарын сэрэнэн ылабыт, үөһүн иһигэр тоҕуо суохтаахпыт. Тоҕуннаҕына, аһы барытын сутуйар, ол киһи доруобуйатыгар буортулаах. Үөһүн быраҕыллар, туох да туһата суох. Буотараҕын, ханнын сааҕын, оһоҕоһун ырытыыта барыта биир сиргэ буолар. Итинтэн сиргэниллибэт, ити ыһыы сиэмэтэ, ситэ буспатах от сиэмэтэ. Итинник сиэри-туому тутуһан, биир сиргэ сүөкүү сылдьар буоллахпытына, төһө сүөһүлээхпитий, сылгылаахпытый да, соччонон бу ыһыы сиэмэтэ ходуһаларбытыгар тиийиэҕэ… Онон сүрэҕин чопчутуттан, быарыттан, иһиттэн, этиттэн чэпчэки соҕустук элийэ сотон ылан, хабарҕатын хаана тохтубут сириттэн миэтэрэ аҥара сиргэ ас тардан кэбиһиэхтээхпит. Манна бу сүөһү ыылаах, чэлкэхтээх, арыый атын салгыннаах буоллаҕына, ыыта-чаана күдэриккэ күдэн буолан көтөр. Маны сиэбит ыкка көспөт. Ырыган сүөһү да этэ, итинник сиэри тутустахха, миинэ барымтыа буолар эбит. Доруобуйаҕа да туһалаах.

Электрическэй эрбиинэн эттиэххэ сөп дуо?

Сылгыны киирии-тахсыы үмүрүйбүтүн кэннэ киэһээҥҥи дьыбарга, эбэтэр дьон тура илигинэ сарсыардааҥҥы дьыбарга, хараҕын маҥан таҥаһынан саба баайан баран, эбэ диэки хайыһыннаран астаныллар. Сылгы наһаа кэбирэх, астанара эмиэ сүөһү курдук.

Тыа киһитэ сүгэнэн эттиирэ – биһиги үгэспит. Куоракка олорор дьон электрическэй эрбиинэн эрбэтэн эрдэхтэрэ. Ол эрээри кыаллар буоллаҕына, киһи бэйэтин салгынынан охсон эттиирэ быдан ордук буолуо. Идэһэни хоннорон, тоҥорон баран сиэниллэр. Тымныы сиргэ олорорбут сиэринэн, чаанын таһааран, нууччалыы эттэххэ, стерилизациялаан, сойутан баран сиибит. Ол оннугар иһиттэн, быарыттан, чохочутуттан сэмсэ аһы буһара охсон сиэххэ сөп.

Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Виктор Эверстов түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0