Идэҕэ урутаан үөрэтэр киин – сонун үөрэх бырагыраамаларыгар үөрэтэр тэрилтэ
СӨ Идэҕэ урутаан үөрэтэр киин 2020 сыллаахтан тэриллэн үлэлиир. Сүрүн уратыта – профессиональнай үөрэхтээһиҥҥэ, бэлэмнээһиҥҥэ, идэни үрдэтиигэ, ордук ирдэнэр, саҥа уонна кэскиллээх идэлэргэ, компетенцияларга тэрийэр уһулуччулаах оператор. Холобур, оскуола оҕолоро бастакы идэни ылыахтарын, оттон улахан дьон квалификацияларын үрдэтиэхтэрин, эбэтэр атын идэлэргэ үөрэниэхтэрин сөп.
Биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ ырыынагын үөрэтэн, чинчийэн, өрөспүүбүлүкэ орто үөрэх кыһаларын кытта кылгас болдьохтоох үөрэх бырагыраамаларын тэрийэн, өрөспүүбүлүкэҕэ наадалаах каадырдары бэлэмниир сүрүн соруктаахпыт. Ону таһынан, олохтоох дьон идэтин сөпкө таларыгар көмөлөһөр аналлаах тэрилтэ буолабыт.
Өрөспүүбүлүкэ орто үөрэҕин систиэмэтигэр биһиги саҥалыы көрүүнү киллэрэбит. Орто үөрэх кыһаларын кытта материальный баазабытын, методическай күүспүтүн холбоон, өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтигэр туһалаах уонна наадалаах каадырдары бэлэмниэхтээхпит. Бүгүҥҥү күҥҥэ уопсайа 50-тэн тахса кылгас кууруһу тэрийдибит.
Киин үлэтэ сүрүннээн 3 хайысханан ыытыллар.
Бастакытынан, үлэ ырыынагын ырытан, кэтээн көрүү. Бэйэбит дойдубутугар инникитин ханнык идэлэр уһулуччу суолталаах буолалларын ырытан, чинчийэн билиэхтээхпит.
Иккиһинэн, кылгас болдьохтоох үөрэх бырагыраамаларын тэрийии. Үөрэҕирии систиэмэтигэр араас куурустары, таһымы үрдэтэр бырагыраамалары оҥорон олоххо киллэрэбит. Манна этэн аһардахха, аҕам саастаах дьоммутун эмиэ саҥа идэлэргэ үөрэтэбит.
Үсүһүнэн, алтыс кылаас үөрэнээччилэриттэн саҕалаан, биэнсийэҕэ тахсыан иннинээҕи саастаах дьоҥҥо тиийэ профориентационнай үлэ хаамыытын тэрийэн ыытабыт.
Куурустар болдьохторо идэтиттэн көрөн араас. Онон манна оскуола оҕотуттан саҕалаан, пенсиялаахтар кытта кэлэн үөрэх ылар кыахтаах. Сиһилии информацияны Киин саайтыттан, эрийэн, биитэр социальнай ситимҥэ баар сирэйдэртэн билсиэххэ сөп.
Идэҕэ урутаан үөрэтэр киин үс сыл устата 178 үөрэх бырагырааматын саҥа болдьоххо киллэрдэ, 90 кэриҥэ өрөспүүбүлүкэ уонна Арассыыйа таһымнаах тэрилтэлэрин кытта сөбүлэҥ түһэрсэн үлэлиир. Уопсайа, 200 тыһ. тахса киһи киин тэрээһиннэригэр кыттыыны ылла, онтон 11 тыһ. киһи үөрэнэн, кввалификацияларын үрдэтиннилэр, 33 тыһ. оҕо профориентационнай тэрээһиннэргэ кыттан бэйэ идэлэрин тобулуннулар.
Киин 7 өрөспүүбүлүкэ уонна бэдэрээлинэй флагманскай бырагыраамалар сүрүн операторынан үлэлиир.
- «Содействие занятости» – «Демография» национальнай бырайыак биир сүрүн үөрэх хайысхата. Сүрүн сыала: анал бөлөххө хапсар дьону босхо үөрэтии.
- «Первая профессия» – IX-XI кылаас оҕолоругар сөптөөх бырайыак. Сүрүн сыала: оскуола оҕото бастакы идэтин баһылаан инникитин булунуу.
- «Вверх». Оскуола оҕолоругар профориентация көмөтүнэн «Оператор беспилотных летательных аппаратов» идэтигэр бэлэмниир бырайыак.
- «СВОи» — Ил Дархан гранын кыайыылааҕа. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар көмө быһыытынан идэҕэ үөрэтии, профориентационнай үлэ.
- «Билет в будущее». Профориентационнай тэрээһин быһыытынан, оскуола оҕолоругар аныгы олоххо сүрүн идэлэри сырдатыы, инники хайысхаларын булалларыгар өҥө.
- «Proопережение» – Уһук Илиҥҥи үөрэх кииннэриттэн бастыҥ онлайн-куурус ааптардарын быһаарыы.
- «Профориентация. Перезагрузка». Өрөспүүбүлүкэ профориентолог-исписэлиистэрин үөрэх формуҥугар түмэн, профориентационнай үлэ биир сүрүн суолун булуу, уопсай тутулун оҥоруу.
- «Пуск». Оробуочай идэлэри баһылыан баҕалааах дьоҥҥо үөрэх кииннэригэр тиийэн үөрэтии.
Үөрэниэн баҕалаахтар 89244602260 нүөмэргэ билсэн, сайаапканы хаалларыахтарын сөп. Ону таһынан, copp14.ru саайтынан быһа сайаапканы ыытыахха сөп.
Идэҕэ урутаан үөрэтэр киин