Оҕо сылдьан Элгээйи авиапордугар сөмөлүөт кэлэн түһэр тыаһыттан дьоллонор да буоларым. Ол аата буоста кэлэр, сурутан ааҕар хаһыаттарбыт, сурунаалларбыт күүтүүлээх кэһии буолан алаһа дьиэбитигэр киирэллэр. Буоста дьааһыкпар хаһан угулларын кэтэһэн, кыһын буоллун, сайын буоллун, кэлииккэ ааммын арыйа-арыйа почтальон кэлэр суолун тэһийбэккэ-тулуйбакка маныырым биир туспа кэпсээн.
edersaas.ru
Оскуолабытыгар аны бары сөбүлээн ааҕар “Бэлэм буол “ хаһыаппыт корреспондентскай поһа “Элгээйи кыымнара “ аһыллыбыта. Дьэ, онно баһаатайым Мария Егоровна Егорова салалтатынан пионерскай дружинам, оскуолам олоҕуттан кыра бэлиэтээһиннэри суруйар буолбутум. Онтум кыһыл уотунан кыыспыт өҥнөөх, типография сытынан аҥылыйар “Бэлэм буол “ хаһыаппытыгар бэчээттэнэн кэлэрэ үөрүүлээх да буолара. Дьэ итинтэн саҕалаан суруксут буолар суолу тутуһар санаа ханан эрэ саҕылыннаҕа, бүтүн өрөспүүбүлүкэ ааҕар хаһыатыгар кырачаан да буоллар, бэйэ сааһылаан, айан таһаарбыт аатыҥ илии баттааһыннаах суруйуугун көрөн үөрүү долгуттаҕа буолуо.
Бастаан, ол саҕана үрдүк үөрэхтэнэн, учуутал, быраас буолларбыт диэн ыра санаалаах биһиги көлүөнэ киһитин хаһыатчыт буолуу идэтигэр дьылҕам бэйэтэ аҕалбыт дии саныыбын. Кырдьык, учуутал буолуом, онтон хайаан да саха тылын уонна литературатын үөрэтии өттүгэр барабын диэн санаа үөскээбитэ. Бэйэм да билбэппинэн, тылтан тылы хомоҕойдук наардаан, киһини долгутар, уйулҕатын таарыйар хоһооннору сөбүлээн аахтым да, устан ылар идэлэммитим. Кинигэлэргэ эмиэ тыл урана киһини долгутарын астынар буолбутум. Дьэ онон, оскуолабын бүтэрэрбэр университет кэнниттэн учууталлыы барбакка, төрөөбүт тылбын үөрэтии өттүгэр барыам диэн санаалаах ол саҕана киирэргэ наһаа конкурстаах, учууталбыт тюрколог Николай Климович Антонов этэринэн “аан дойдуга суос соҕотох саха тылын уонна литературатын салаатыгар “үөрэнэ киирбитим.
Дьэ ол сырыттахпытына, дьылҕа эмиэ сайыннарар, идэҕэ сирдиир суолугар таһаарарын кэриэтэ уопсастыбаннай идэлэр факультеттара диэн эбии факультативтар баар буолбуттара. Биллэн турар, үс идэттэн суруналыыстыкатын талбытым. Учууталбыт—“Якутский университет “ хаһыат эрэдээктэрэ, ис иһиттэн интэллигиэн, холку, үтүөкэн майгылаах Николай Николаевич Алексеев этэ. Кини сорудахтарынан эмиэ университеппыт олоҕун сырдатар суруйууларбыт хаһыакка бэчээттэнэн барбыттара. Бастакы суруйууларбыттан биирдэстэринэн биир кууруска үөрэнэр устудьуон доҕорбут Петр Оготоев хомуска ситиһиилээхтик оонньоон саҕалаан эрэрин туһунан “Играет Петр Оготоев “диэн кылгас иһитиннэрии этэ.
Факультативпытын бүтэрэр сылбытыгар Урал киин куоратыгар (билигин Екатеринбург) М.Горькай аатынан, Үлэ Кыһыл знамята уордьаннаах Ураллааҕы судаарыстыбаннай университет суруналыыстыка факультетыгар көһөн үөрэнэргэ миэстэлэр кэлбиттэрэ. Эмиэ олус соһуччу дьыала этэ. Өрөспүүбүлүкэлэргэ национальнай каадырдары бэлэмнээһин быһыытынан тэрээһин этэ. Бастаан ботуччу миэстэни биэрэллэр диэн буолан баран, барарбыт чугаһыгар үс киһи барыан сөбө быһаарыллыбыта. Онон биир кууруска үөрэнэ сылдьар биир дойдулааҕым, Сунтаар Хоротуттан төрүттээх Марта Николаевалыын уонна урут билбэт үөлээннээхпитин, Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх Роман Попову кытта суруналыыс идэтигэр уһуйуллаары ыраах айан суолун туппуппут.
Күөххэ сууламмыт, биир мөлүйүөн нэһилиэнньэлээх Свердловскай куорат сылаастык, истиҥник көрсүбүтэ. Биһиги иннибитигэр эмиэ көһөрүү бырагырааматынан тиийбит Тааттаттан Ольга Корякина, Чурапчыттан Лена Унарова, Сунтаартан Ольга Захарова үөрэнэ сылдьаллара.
Университеппыт преподавателлэрэ эмиэ олус үтүө санаалаах, ис истэриттэн интеллигиэн дьон этилэр. Ураллааҕы университет суруналыыстыкаҕа факультета МГУ суруналыыстыкаҕа факультетын кэнниттэн суруналыыстары бэлэмниир иккис үрдүк таһымнаах кыһанан биллэрин киэн тутта кэпсииллэрэ. Үс сайын быраактыкабар “Бэлэм буол “, “Эдэр коммунист “, “Кыым “ хаһыаттар эрэдээксийэлэригэр буһа-хата үлэлээбитим. Кырдьык, инники үлэҕэ уһаарыллыы, бэлэмнэнии кэминэн буолбуттара.
Дипломнай үлэбин “Молодой учитель в селе: проблемы становления” диэн тиэмэҕэ бэлэмнээбитим. Манна быраактыкабын “Кыым” хаһыат иһинэн барбытым, Таатта, Сунтаар оройуоннарынан айаннаан, эдэр учууталлары кытта билсэн, дипломнай үлэбэр туһаныахтаах матырыйаалларбын суруйбутум. Дипломнай үлэм салайааччытынан оччотооҕуга факультет саамай эдэр преподавателэ, кэлин факультет декана буола үүммүт-сайдыбыт Борис Николаевич Лозовскай салайбыта.
Үөрэхпин бүтэрэн баран өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыттан биирдэстэригэр – ыччат хаһыатыгар “Эдэр коммуниска”, эбэтэр өрөспүүбүлүкэбит улахан хаһыатыгар “Кыымҥа” үлэҕэ ананыахтааҕым эрдэттэн биллэрэ. Сайын устата ол үлэҕэ киирэр күммүн долгуйа күүппүтүм. Ол кэмҥэ каадырдары баартыйа обкомун иһинэн үлэлиир бэчээт сиэктэрэ быһаарара. Кэлин эрэдээктэрим буолбут Наталья Ивановна Харлампьева бэчээт секторыгар үлэлиирэ. “Эдэр коммунистка” киирэр буоллуҥ, баартыйа чилиэнэ буолбатаххынан, билигин “Кыымҥа” үлэҕэ ылылларыҥ табыллыбат эбит”, — диэн быһаарбытын өйдүүбүн.
Онон, суруналыыс быһыытынан үлэбин саҕалаабыт, хаһыат үлэтин дьиҥнээх куукунатыгар буспут-хаппыт сирбинэн “Эдэр коммунист” өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат хаһыата буолар. Этэргэ дылы, хомсомуол диэн ыччаты түмэр, бииртэн биир үтүө дьыалаларга көҕүлүүр түмсүү баар эрдэҕинэ, кырдьык даҕаны күрүлэс күргүөм күннэри ааспыппыт. Өрөспүүбүлүкэбит улуустарынан уһаты-туора айаннаан, улахан тэрээһиннэри сырдатан, күннэри-түүннэри уруучуканы, блокноту туппутунан сылдьыы түбүктээх күннэрэ ааспыттара. Типографияҕа хаһыат тахсарыгар дьуһуурустубалыыр буоллахха, тимиргэ буукубалары сааһылаан хаһыаппытын оҥорор тутар дьон кэнниттэн хаста да төхтүрүйэн, бэчээккэ илии баттаан баран түүн үөһэ дьиэбитин булар этибит.
Идэбэр ситиһиилэрим “Эдэр коммунист” хаһыаттан кэлэн барбыттара. Хомсомуол сийиэһин дэлэгээттэрин туһунан суруйбут ыстатыйаларым циклэ оччотооҕуга суруналыыһы бэлиэтиир саамай үрдүкү наҕарааданан “Кыһыл көмүс бөрүөнэн” бэлиэтэммитэ, Москваҕа эдэр суруналыыстар сүбэ мунньахтарыгар кыттар чиэстэммитим.
Кэлин өрөспүүбүлүкэбит сүрүн хаһыатыгар— “Саха сиригэр”, дьон-сэргэ олус сөбүлээн аахпыт сыһыарыытыгар “Саха ыалыгар “сүүрбэттэн тахса сыл айымньылаахтык үлэлээтим. Ханнык баҕарар суруналыыс идэтийэн, уопутуран бардаҕына сөбүлээн, табыллан суруйар тиэмэлээх буоларын сиэринэн, хаһыакка саҕалаабыт сиэр-майгы, дьон сыһыанын, дьахтар дьылҕатын туһунан суруйууларым атын үктэлгэ таһаардылар. Улахан суруйааччы убайдар Семен Руфов, Василий Сивцев, Николай Харитонов-Чуор, Василий Иванов таба көрөннөр, эппиэтинэһи сүктэрэннэр, уус-уран суруйууга холонон үлэлээн, 2008 сыллаахтан РФ Суруйааччыларын сойууһугар киирэр итэҕэли ылбытым эмиэ үрдүккэ кынаттыыр айар үлэҕэ алгыс кэриэтэ.
“Саха ыала “ сыһыарыыга үлэлээбитим, уһун сылларга дьахталлар өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүлэрин үлэтигэр көхтөөх кыттыыны ылбытым, кинилэр үлэлэрин сырдаппытым үтүө тирэх буоланнар, дьахталлар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Далбар Хотун” сурунаалларыгар ыҥырыллан кэлэн үлэлии сылдьабын. Сурунаал сүүрбэ биэс сыл анараа өттүгэр тэриллэригэр бэйэтэ штата суох этэ. Бу кэмҥэ “Саха сирэ “ хаһыакка үлэлии сылдьар суруналыыс кэрэ аҥаардар эрэдээктэрбит Наталья Ивановна Харлампьева салалтатынан, бары убаастыыр ытык киһибит Нина Иннокентьевна Протопопова такайыытынан бастакы сыллар нүөмэрдэрин бэлэмнээбиппит. Онон, бастаан саҕаланыаҕыттан бөрүөбүн сүүрдүбүт, хаһыатчыт түбүктээх үлэтин быыһыгар бириэмэ булан, сурунаал атаҕар турарыгар кылааппын киллэрбит таһаарыыбар төннөн үлэлии сылдьарбыттан үөрэбин эрэ.
Идэбин таба тайанан үөрэммиппиттэн, үлэлээбиппиттэн, кырдьык астына саныыбын. Суруналыыс идэтэ чэпчэки үлэ буолбатах. Киһиттэн сүрэхтээх, эппиэтинэстээх, дьулуурдаах буолууну ирдиир. Төбөҥ хаһан да кураанах буолбат, этэргэ дылы, санаа-оноо мэлдьи ытыллар, санныгар мэлдьи суруйуохтаах ыстатыйаларыҥ, кинилэр хайдах сааһыланыахтара, туох диэн төбөлөөх буолуохтара сүгэһэр буолан олорор. Сааһыҥ тухары сорудахтары, ол аата хаһыат уочараттаах нүөмэрин толороору, болдьоҕор туттараары күнүстэри-түүннэри түбүгүрүү, дьону сэҥээрдэр, умсугутар суруйууну оҥороору кыһаллыы күннэрэ аастахтара. Түөрт уонча сыл устата төһөлөөх элбэх ыстатыйа, интервью, репортаж оҥоһуллубутун үлэлээбит таһаарыыларбыт саһарбыт страницалара кэпсии сыттахтара. Ол аата Сахабыт сирин олоҕун-дьаһаҕын, уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй, социальнай-экэнэмиичэскэй олоҕун кэрдиис кэмнэрин лиэтэпиһин суруйсан, суруналыыс буолбут аналбытынан дойдубут сайдыытын түстэһэн кэллэхпит.
Түөрт уонча сыл бэчээт эйгэтигэр үлэлээн, айымньылаах үлэ умсугутар күүһүгэр абылатан, күүтэн, сэргээн ааҕар ааҕааччы эрэлин, итэҕэлин толорон, кинилэр үтүө махталларынан кынаттанан, алгыстарынан арчыланан таптыыр идэм эйэҕэс, сылаас, сэргэх эйгэтигэр баарбыттан олоҕум киэркэйэр.
Галина НЕЛЬБИСОВА — СӨ Суруналыыстарын сойууһун 1988 с. “Көмүс бөрүө “, 1997 с. “Көдьүүстээх суруйуу иһин “ номинацияларын лауреата.
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ ( 2011), СӨ бэчээтин туйгуна (2005), СӨ култууратын туйгуна (2001), СӨ социальнай сулууспатын туйгуна ( 2011).
“Суруналыыстыкаҕа кылаатын иһин “, “Дьиэ кэргэн бэлиитикэтэ сайдыытыгар кылаатын иһин», “Дьиэ кэргэн сылын олоххо киллэриигэ кылаатын иһин», «Дьахтар хамсааһынын сайыннарыыга кылаатын иһин», «Национальнай кинигэни таһаарыы сайдыытыгар кылаатын иһин», «Профессиональнай уопсастыба иннигэр өҥөтүн иһин», ”За заслуги перед профессиональным сообществом” бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта.
2008 с. — РФ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, 14 публицистическай, уус-уран кинигэ ааптара.
2010 “Бичик“ кинигэ национальнай кыһатын уонна СӨ Бэрэсидьиэнин иһинэн тыл бэлиитикэтигэр сэбиэт “Саамай ааҕыллар ааптар» номинациятын лауреата.
2015 с.— Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
«Саха сирэ», edersaas.ru анаан Галина НЕЛЬБИСОВА