“Идэһэ-2019” бырааһынньыга анысхан тымныыттан иҥнибэтэ

Ааптар: 
23.12.2019
Бөлөххө киир:

Ааспыт өрөбүл күннэргэ “Сайсары” бааһынай ырыынагар “Идэһэ” быыстапка-дьаарбаҥка тэрилиннэ.


Киин куорат олохтоохторо кыһын устата сиир эттэрин, арыыларын хааччынныннар диэн сыл ахсын баччаларга Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ итиэннэ «Сайсары» бааһынай ырыынага «Идэһэ» бырааһынньыгын тэрийэн ыыталлара үтүө үгэскэ кубулуйда.


Эт атаҕынан, собо куулунан

Быыстапка-дьаарбаҥканы арыйыы сиэрэ-туома ахсынньы 21 күнүгэр, ол эбэтэр ааспыт субуотаҕа, күнүс 12 чаастан саҕаланна. Тырыбынаҕа ырыынак эппиэттээх үлэһиттэрэ тахсан, бырааһынньыгынан бары мустубут дьону эҕэрдэлээтэ, дьаһал тэриллибит сыалын-соругун билиһиннэрдилэр. Куорат олохтоохторугар кыстыыр астарын атыылаһалларыгар, оттон улуустартан киирбит тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччулар бородууксуйаларын сөбүгэр сыанаҕа батаран, дойдуларыгар үөрэн-көтөн баралларыгар итиэннэ таһаарыылаах үлэҕэ тирэҕирэн кириисиис ытарчатын мүччү көтөн өссө үрдүк кирбиилэри дабайалларыгар баҕаларын эттилэр.


Балачча элбэх хаһаайыстыба кэлбит. «Сахаагропродукт» кэпэрэтииби таһынан чугастааҕы улуустар хаһаайыстыбалара (“Туймаада” агрохолдинг иһинэн үлэлиир хаһаайыстыбалар, “Хаҥалас-Ас”, “Чурапчы” кэпэрэтииптэр, Таатта, Горнай, Амма, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан бааһынай хаһаайыстыбалар) ынах сүөһү, убаһа этэ уонна арыы, кэбээйилэр собо аҕалбыттар.

Бэртэн бэртэр киирсэллэр

Халлаан төһө даҕаны тымныйан бытарыттар, илии-атах оонньуутугар кыттааччы элбэҕэ сөхтөрдө. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн бу анаан-минээн күрэхтэһэ кэлбит, ааттаах-суоллаах спортсменнар буолбакка, бары куораттан атыылаһа, көрө итиэннэ улуустартан атыылыы кэлбит эдэр дьон эбиттэр.


«Идэһэ оонньуута» хас да түһүмэҕинэн ыытылынна. Уонтан тахса эр бэрдэ күөн көрсөргө суруйтарбыт. Бастакы түһүмэххэ «Өһөс торбоско» холостулар. Судьуйалааччы Сааска Уол: «Чэй!» – диэтин кытары кэтэхтэриттэн быанан тардыһан утарыта турбут эрэттэр чиччигинэһэ түһээт, тардыспытынан бардылар. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр күүстээх сүнньүлээх уонна чиҥ тирэхтээх ыччат быаны уһулу тардан ылар. Утарсааччыларын кыайбыттар салгыы киирсэр буоллулар.


Иккис түһүмэххэ атаҕынан эти сүгэн баран, 100 миэтэрэни сүүрүүгэ күрэхтэһии, үһүс түһүмэххэ «ойбонтон уулааһын» курдук уол оҕо уйанын-хатанын уонна сымсатын-сылбырҕатын тургутар көрүҥҥэ күөн көрсүү буолла.
Кыайыылааҕы хапсаҕай түмүгэ быһаарар тыҥааһыннаах мүнүүтэлэрэ тирээн кэллилэр. Судьуйа хамаанда биэрээтин кытары, түһүлгэ нөҥүө маҥаа өттүттэн утарсааччылар тахсаннар, куустуһа түстүлэр.


Кыайыылаахтарга бириис да ботуччу буолла. Бастаабыкка убаһа буута, иккис миэстэни ылбыкка биир дьааһык арыы, үһүс миэстэҕэ тиксибиккэ “Нерюнгритааҕы көтөрү иитэр фабрика” сымыыта туттарылынна.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0