Бу 1947 сыл сааһыары Хаҥалас улууһун Хачыкаат нэһилиэгин «Буотама» учаастагар, Буотама үрэх өрүскэ түһэр силбэһиитин сиһигэр, мас кэрдээччилэр дэлээнэлэригэр буолбута.
Дэлээнэ арҕаа өттө өрүстэн тахсар үрүйэ төбөтүн хабара. Ол иһин ити үрүйэ тардыыта ат көлөнөн мас тиэйээччилэргэ үгүс ыарахаттары үөскэтэрин бары билэр этибит да, бу сиргэ үүммүт мас үчүгэй туруктааҕа биһигини ымсыырдан, мас кэрдээччи Лэгэнтэй Анисимовы үрүйэ иһин диэки угуйа турбута. Биир үтүө күн мас кэрдээччилэр биригэдьиирдэрэ Анисим Санниковы көрсүбүппэр оҕонньорум:
— Мас тиэйээччилэр биригэдьиирдэрин Елисееви көрсөн эт. Үрүйэ иһигэр кэппит мастара өрө состорон, тиэйэллэригэр олус эрэйдээх. Онон аны салгыы кэппэтиннэр, Лэгэнтэйи үрүйэ иһигэр сискэ тахсан кэрдэригэр дьаһалла ыл, — диэтэ. Илдьитин мин Лэгэнтэйгэ тиэрдибиппэр, сарсын-өйүүн көһөн тахсыам диэн эрэннэрдэ.
Ити кэннэ үһүс күнүгэр эбиэт кэнниттэн Лэгэнтэйдээх мас кэрдэр сирдэригэр бүтэһик мастарын тутаары, көһүөхтээхтэрин туһунан сэрэтээри тиийбитим, дьонум эрбиилэрин, сүгэлэрин ыһан баран олорор бараак дьиэлэригэр баран хаалбыттар. Тоҕо маннык эрдэлээбиттэрин билбэт буоламмын, мастарын соҕотоҕун тутаат (клеймо ууран), эмиэ кинилэр сылдьар орохторун устун баран иһэн көрдөхпүнэ, орох икки өттүн дэлби мочоолообуттар. Ону мин бу эдэр дьон оонньоһон хаары оймообуттарыгар холуйдум. Лэгэнтэй мас мутугун хомуйааччыта Горнай оройуонуттан сыыппараҕа кэлбит Үлүксээс диэн кыыс этэ. Оччолорго дьону-сэргэни сэриигэ ыытаннар, судаарыстыбаннай былааны толоро кырдьаҕастар уонна эдэр кыргыттар эрэ кэлэллэрэ.
Бараак дьиэ ааныгар кэлэн хаарбын тэбэнэ турдахпына киһи саҥата: «Эриэн ситиибин аҕал», — дии-дии энэлийдэ. Киирэн истэхпинэ Лэгэнтэй утары тахсаары балааскайдаан миэхэ кэтиллэ түстэ. Соһуйан, нэһиилэ тутан ылан оронугар илдьэн сытыардым уонна:
— Бу киһи туох буолбутуй? Тугу эрэ баллыгырыыр да, киһи тугу да сатаан быһаарбат, — диэтим. Онуоха Санников оҕонньор:
— Киһибит сахалыы ыалдьан кэлбит, арааһа, иччилээх маһы охторбут быһыылаах. Олус айдаарымаҥ, — диэн сэрэттэ. Өйдөөн көрбүтүм: киһибит сирэйэ-хараҕа олус турбут, көлөһүн бөҕө тахсыбыт. Оронугар мөхсө сытан тугу эрэ саҥара сатыыр курдук. Бииргэ олорор дьоно бары ороннорун булбуттар. Куттаммыттара сүрдээх. Арай Балбаара Толстоухова диэн Мэҥэ Хаҥалас эмээхсинэ этэрбэһин устан, онтон сиэл унньалааҕын ороон, ынах арыытыгар былаан, уокка биэрэ-биэрэ, алгыы олордо:
— Алаһа дьиэ иччитэ Аан Алахчын эдьиийбит хотун, аал уоппут иччитэ Бырдьа Бытык, күл тэллэх, көмөр суорҕан Тойон эһэбит, сир-дойду иччилэрэ силис аннынан сибигинэспит уолаттар — бука бары кэлэн аһааҥ-сиэҥ, уос-тиис тииһиниҥ. Эһиги көй көс уоруккутун үлтү тэпсибит суох, үүнэр маскытын кэппит да буоллахпытына биһиги буруйбут суох. Үрдүк дьиэлээхтэр, толору былаастаахтар ыйаахтарын толоробут. Кыамматтаргытын кыһарыйымаҥ, аччыгыйдаргытын аһыныҥ. Уоттаах хараххытын халбарытыҥ, тэйиччинэн суолланыҥ, — дии-дии харса суох уотун аһатта.
Бу алгыһы ылыммыт курдук Лэгэнтэйбит өрө мөхсөрүн тохтотон, баттаҕын ыһан баран, икки илиитинэн таһына-таһына өрө ыстаҥалаан мэнэрийэн барда. Саҥарар тыла-өһө чуолкайдык иһиллэр.
— Мин обургу арҕаа хайа атыыр таас ойууна атаҕастанаммын, аанньанан арахсыбат санааны ылынан дьиэҕит оһоҕун үөлэһинэн таҥнары көрөн сытабын. Эһиги обургулар быйыл кыһын мин үрүйэбинэн уһаты-туора хааман, сүүрэн, ыйдаан-хайдаан, ыллаан-туойан ахан биэрдигит. Өссө ыалдьыбыт киһигитин быыһаары дэриэбинэҕэ киирэр санаалаах олороҕут. Киирэ да сорунумаҥ, киириэххит да биир кэбирэх соҕус ыйаахтааххытын хонууга охторон баҕалыы сыылларыам, — дэтэр. Биһиги бу иннигэр, кырдьык, оҕус таһааран Лэгэнтэйи тиэйэн дэриэбинэҕэ киллэриэх баара диэн кэпсэппиппит. Онтукпутун курдары этиттэрэммит бука бары кутталбытыттан кутуйах ороҕун кэҥэттибит. Онтон салгыы этэр:
— Эн охторбут мастарыҥ мин маспар кэлэн сыбана түстэхтэрин аайы, куһаҕан сыты ыытар этим, ону эн салгыны сытырҕаан билбитиҥ. Онтон мин маспын охторордуу оҥостон кэлэн истэххинэ, сирэйиҥ тириитин үмүрү тутан «имэрийэн» биэрбитим. Ону эмиэ билбитиҥ. Сирэйгин илиигинэн имэрийэн үмүрүччү тартарбыппын көннөрүммүтүҥ. Ол кэннэ салгыы маспын кэрдэн барбытыҥ. Маҥнайгы охсуугар сүгэҥ үөһэ аһыыта ойо ыстанан түспүтэ. Онтон иккис охсуугар эриэн ситиибин быһа охсубутуҥ кэннэ кыһыл уот тахсыбыта. Ону эмиэ икки хараххынан илэ көрбүтүҥ эрээри, бэйэҥ күүскэр эрэнэҥҥин, мэник санааҕын тумулук туттан тохтообокко, охторон түһэрэрдии кэрдэн барбытыҥ.
Мин обургу бэйэлээх сууллан түһэрбэр, эйигин анныбар саба баттыам диэбитим да, эдэриҥ баһыйан куота көтөн истэххинэ, саатар дьоройор сотоҕун тосту охсуохтаах этим да, ыйааһыныҥ чэпчэкитинэн туһанаҥҥын охсуу күүһүгэр эһиллэн баран бүтүн хааллыҥ. Дьэ ол да буоллар, мин эйиэхэ үйэҕэр умнуллубат бэлиэлэри хаалларыам, — диэмэхтиир.
Ити курдук икки чаас кэриҥэ мэнэрийэн муҥур уһугар кэриэс-хомуруос тылын этитэлиир:
— Хоммут уоспун хоҥнордугут, өрөөбүт уоспун өһүллүгүт, аптаах алгыскытынан айах тутан аһаттыгыт. Кэскиллээх тылгытынан кэп туоннугут, өйдөөх тылгытынан өҥө оҥоһуннугут. Ол да буоллар, тоҕус тоҕойдоох дорҕоон айан суолун биир тоҕойугар, кэрээнэ суох киһиэхэ, соҕотох айаннаан истэҕинэ дүҥүрдээх былаайахпын туппутунан утары тахсан илэ бэйэбинэн, чахчы дьүһүммүнэн көстүөҕүм. Оччоҕуна кутталыттан үс кутуттан биирэ (салгын кута) куотуоҕа. Орто дойду охсор салгынын уйбат, ыарыы-сүтүү аргыстаах олоҕу олоруоҕа. Ити мин киниэхэ оҥорор бастакы түгэним. Иккиһинэн. Мин маспын кэрдибит сэпкитин сытар миэстэлэриттэн тыытымаҥ. Бэйэм дьаһайыам. Үсүһүнэн. Маһым оннугар маста олордон баран эриэн ситиибин оннугар түһэриҥ. Бу этиллибит бэлиэтээһиннэрим тоҕус хонук туолуутугар оҥоһуллуох тустаахтар. Туолбатаҕына бэйэҕититтэн сиппэтэхпинэ, бэдэргититтэн ситиэм. Орто дойдуга олороргут тухары умнуллубат бэлиэни хаалларыам, — диэт, Лэгэнтэйбит дьэ уурайан, аматыгар түһэн оронугар олордо.
Кинини көрдөххө, сылайыы бөҕөнү сылайбыт. Көлөһүнэ сарт түспүтэ ырбаахы нөҥүө көстөр. Туох да саҥа-иҥэ суох. Тугу да эппитин-тыыммытын билбэт быһыылаах. Дьиэ иһинээҕилэр бары салламмыт ороммутун булан утуйдубут.
Сарсыныгар Лэгэнтэй Буотама төрдүгэр, олорор ыалыгар, сүбэ-ама ыла киирдэ. Уоннааҕылар дэлээнэлэригэр ыар сүгэһэрдээх, хобдох санаалаах үлэлии таҕыстылар. Үлүксээс дэлээнэтигэр соҕотоҕун баран хаалбыт мутугун хомуйан уоттуу сылдьан, били бөлүүҥҥү үлүгэр ойуун кэриэһин умнан кэбиһэн, мас төбөтүгэр мутук чоройон турарын ааһан иһэн сүгэ ончоҕунан туора охсубут. Онуоха эмтэркэйэ буулдьа курдук уһууран кэлэн аҥаар хараҕын үүтүн тэһэ тэбэн хараҕыттан маппыт. Ойуун эппит иккис бэлиэтэ ити курдук түмүктэммитэ.
Ойуун үһүс кэриэһин туһунан хойут Лэгэнтэй миэхэ кэпсээбэтэҕэ гынан баран, уруккутугар тэҥнээтэххэ, хайа охсубут курдук киһи аҥаара эрэ хаалаахтаабыт этэ. Ол да буоллар, ыйыталаһыым күүһүнэн кэпсээн турардаах.
Соҕотоҕун айаннаан истэҕинэ, били, кэрдибит маһын ойууна суолга утары тахсан кэлбит. Кутталыттан ханна да барбытын-кэлбитин билбэккэ хаалбыт. Биирдэ өйдөнөн кэлбитэ ойууна суох үһү. Дүҥүрүн, кыаһаанын тыаһа ыраатан, сүттэр сүтэн эрэрэ диирэ.
Үлүксээстээх Лэгэнтэй ыал буолбуттара. Кинилэр ыарыһах буолбут дьылҕалара ойуун иччини иҥэрбит маһыттан тутулуктаммыта. Ол сири, өрүстэн тахсар үрүйэни билигин даҕаны олус салла, дьулайа көрөбүн.
Илья Алексеев, Кыыл Бастаах
Хаартыскалар: интэриниэттэн.