Иччилээх иин

Ааптар:  Егор ЕГОРОВ
25.09.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Мин абааһы, иччи илэ бэйэлэринэн бааллара буолуо дии санаабаппын даҕаны, тус бэйэм олохпор буолбут түгэннэр бааллара… Олортон биири ыытабын.

Мин былыр, 40-тан тахса сыллааҕыта, алмааһы көрдүүр эспэдииссийэҕэ үлэлээбитим. Сүүрбэбиттэн тахсан эрэр, бэрт эдэркээн саастааҕым.

Биирдэ күһүн өрүс кыдьымаҕа кии­риэн иннинэ этэ. Оччоттон баччааҥҥа диэри саа сүгэн баран, айылҕаҕа сылдьарбын сөбүлүүбүн. Өрүс халдьаайылаах сыырыттан үөр куртуйаҕы көтүттүм. Онтукаларым ситтэриэхчэ-ситтэрбэккэ, биирдиилээн-иккилээн көтөллөр. Күһүҥҥү ыас хараҥа чугаһаабыта, онуоха эбии хаардаах самыыр саппарах сатыылаабыта. Ханна эрэ тиийэн, илини-арҕааны быһаарбат курдук буолбутум! Өйдөөн көрбүтүм, бэс чагдаҕа киирэн турарым. Мин аттыбар хойуу мутуктаах лаглаҕар бэс турарар, кини икки өттүнэн икки бэс ытарҕалыы үүммүт этэ.

Бүлүү өрүс бүлэ курдук бүүрүллүбүт хайа бүгүлэҕэр киирбитим буолла? Бу бэс төрдүгэр кулуһун оттунан сарсыарданы күүтэргэ сананным. Хаппыт мутугу хому­йан, кырдьаҕас бэс умнаһын булан, күүдэпчилээтим. Баҕар, нуктуу олорорум дуу? Кулуһун төлөнүн нөҥүө көрдөхпүнэ: мин харахпар сиһин тоноҕоһун бата самыытыгар диэри түспүт хара суһуохтаах эдэр дьахтар дуу, кыыс дуу турара. Төһө да арааран көрбөтөрбүн, саҥарбыт саҥатын чуолкайдык өйдүүбүн: “Манна чугас иинтэн сылдьабын, мин курдук дьоло суох эбиккин… Сарсыарда халлаан сырдаан, күн тахсыыта ыраас буолуоҕа. Испиискэҕин хааллараар. Тус илин түстэххинэ, үрдүк сыырга тиийэн, бэйэҕин көрүннэххинэ, туйгун доруобуйалаах, уһун үйэлээх буолуоҕуҥ”, – диэбитэ. Итини барытын толорбутум. Күн бүгүнүгэр диэри.

Нам улууһа.

«Эдэр саас» хаһыат архыыбыттан.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
2
+1
0