Кыргыттар киэһээҥҥи астарын — «Доширак» сиэбиттэрэ уонна «Чокопай» бэчиэнньэни итии чэйгэ уга-уга, уопсайга олорор юрист, историк уолаттары, хайалара үчүгэйин-мөкүтүн, майгыта хайдаҕын, эбэтэр тас көрүҥэ эрэ «красавчигын» ырыппыттара. Онтон ким-кими ыраахтан сөбүлүү көрөрүн таайа сатаабыттара. Сарсыҥҥы эксээмэннэрэ олох да умнуллан, чэ, кэлин ааҕыахпыт диэн сыҕарытыллан испитэ.
ЭРГЭ УОПСАЙГА
Тылын дорҕооннорун хотугулуу унаарытан, ыллаан саҥарар Аленка:
— Бэһис этээскэ тахсан уолаттары дьээбэлиэххэ, ааннарын тоҥсуйан баран куотан хаалыахха, — диэн тыл киллэрдэ. Хап-сабар ону хабан ылан, түөрт буолан суксуруһан тахсан, күлэн саһыгырыылларын кыана тутта сатыы-сатыы, 505 хоһу тоҥсуйан тобугураттылар.
Бааһынайдыҥы хааннаах Толя: — Кимий? – диэбитигэр, сылгы үөрэ сүүрэн ааһарын курдук, аҕыс атах тыаһа этээс устун биирдэ лүһүгүрүү турда. Кыргыттар иэрийиэхтэригэр диэри күлэкүлэ, нэһииччэ хосторун буллулар.
Арай чочумча буолаат, ким эрэ хосторун тоҥсуйда. Кыргыттар бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбистилэр. Люба сүүрэн тиийэн ааны аспыта, ким да суох. Кыыс саннын ыгдах гынан баран, төттөрү кэлэн олордо. Чуумпу. Атах тыаһа иһиллибэт.
Онтон, арба сарсын эксээмэннээх этибит диэбиттии, философия устуоруйатын ааҕа сатаатылар. Теориятын баһылаан иһэн, олохтон холобур аҕаларга иҥнэн хааллылар. Саҥа онус билиэккэ тиийэн иһэн, сүрэҕэлдьээн, дьааһыйан бардылар.
Чаһыларын көрбүттэрэ, түүн икки чаас чугаһаан эрэр. Хойуу кыламан быыһынан хап-харанан чоҕулуччу көрбүт Маша:
— Ханнык билиэт түбэһэрин бүлүүһэ сүүрдэн билиэххэ, оччоҕо 22 билиэти буолбакка, биири эрэ ааҕыахха наада! – өй киллэрдэ.
УОРДАЙБЫТ ИЧЧИ
Аленка оччолоох халяваны истэн, ойон туран ыскаабын быыһыттан ватман илииһин ойутан таһаарда. Харандааһынан «Дорообо», «Быраһаай» суруйан, буукубалары бэлиэтээтэ. Икки чүмэчини туруоран, уоту сабан баран кыргыттар, кими ыҥырабыт дэстилэр.
Люба: — Миэхэ бүлүүһэ өрө ыстанан тахса-тахса, акаарытык сүүрэр, холорук курдук тыал түһээччи, ыҥырабын дуо? Бүлүүһэни эрэ сиргэ түһэримэҥ, хампы түстэҕинэ, ким эрэ куһаҕан буолуо, — диэн сэрэттэ.
Дьүөгэлэрэ ону соччо итэҕэйбэккэ: “Эс, сымыйалаама, наһаа дьии!” — дии-дии күлүстүлэр уонна бүлүүһэ иччитин ыҥыран, хайдах сүүрэрин көрдөрөрүгэр эттилэр. Ону эрэ кэтэһэн турбут Люба муннун анныгар тугу эрэ ботугураата, бүлүүһэлэрэ иһигэр иччилэммит курдук сыҕарыйан, кыах ылан, бэрт сыыдамнык сүүрбүтүнэн барда.
Кыргыттар соһуйан, ах бардылар, эксээмэн эрэ туох эрэ, аан бастаан ким кими сөбүлүүрүн, таптыырын-суоҕун сурастылар. Былдьаһа-былдьаһа: — Саша-Ваня кими таптыырый, кыыстаах дуо, кимниин доҕордоһуон баҕарарый? – диэбит курдук солуута суох бииртэн биир ыйытыыларын кутан-симэн бардылар. Бүлүүһэлэрэ кыйаханан, эппиэттиэх оннугар биир чүмэчилэрин тоҕо көтөн кэбистэ. Сиргэ ыстанан түһүөх айылаах өрө холоруктанан, сиргэммит сылгы кэриэтэ өрө эккирии түстэ.
Түөрт кыыс биир бүлүүһэни хам баттыы сатаатылар да, бүлүүһэ иһинээҕи күүс онно эрэ бэриммэттии өссө уордайан, аны иккис чүмэчилэрин тоҕо солоон ааста. Эмискэ им балай ыас хараҥа саба бүрүүкээтэ уонна остуолга бүлүүһэлэрэ өрө мөхсөр тыаһа иһилиннэ. Хараҥаҕа харбыалаһан, испиискэ булан, чүмэчилэрин уматтылар. Бүлүүһэни «Быраһаайга» атааран, көрдөһө сатаатылар даҕаны, барбата.
Сарсын эксээмэҥҥэ ханнык билиэт кэлэрин ыйыппыттарыгар, эмиэ хардарбата. Хата ол оннугар, бу хоско баар кыргыттартан биирдэстэрэ бастакы этээскэ баахтаҕа түһэн, саамай хараҥа муннугу булан, 160 диэри ааҕарыгар ыйда. «Мин онно кэлиэҕим», — диэтэ бүлүүһэ иччитэ.
ХАРАҤА ХОСКО ХОНО ХААЛЛЫН!
Туохха да итэҕэйбэт кыргыттар харахтарыттан уу-хаар баһыахтарыгар диэри дэлби куттаннылар эрээри, бары төрдүөн сорудаҕы толордулар. Дьолго муннуктан ким да ойон тахсыбата. Хосторугар киирэн, ыҥырбыт дууһалара сыыһа-халты саҥарбыттарын бырастыы гынарыгар көрдөстүлэр, ол да буоллар, сыыдам сырыылаах бүлүүһэ “Быраһаайга” барбата.
Аны: «Биир кыыскыт манна миигин кытта хараҥа хоско хоно хааллын!”, — диэн суругу таһаарда. Кыргыттар олох да буорайан, ытыы-ытыы көрдөһө сатаатылар даҕаны, туһа тахсыбата. Бүлүүһэлэрэ оруобуна 6 чааска, сарсыарда халлаан суһуктуйуута улахан эрэйинэн «Быраһаай» диэни ыйда.
Устудьуон кыргыттар ол түүн баттахтара туран, сирэйдэрэ курунньукка, хап-хара хоруоҕа биһиллэн, харахтара кытаран, аны хаһан да бүлүүһэ сүүрдүө суох буолан элэ-была тылларын эппиттэрэ. Үргүлдьү утуйбакка, 9 чаастан эксээмэҥҥэ тиийэн, бары төрдүөн философияларын «түөрт, биэс» сыанаҕа туттарбыттара.