И.Н. Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатын 160 сылынан аахсыйалар саҕаланнылар
Ыам ыйын 1 күнүгэр Саас, Эйэ, Үлэ бырааһынньыгын көрсө, Уус Алдан улууһун Иван Николаевич Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатын кэлэктиибэ «Үүнэ-сайда тур, 160 саастаах Дүпсүммүт үөрэҕин кыһата!» аахсыйа-кэнсиэри нэһилиэкпит дьонугар-сэргэтигэр бэлэхтээтибит.
Кэнсиэргэ оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлара, бары үлэһиттэрэ кытынныбыт. Киэн туттар биир дойдулаахпыт В.Ф. Афанасьев-Алданскай тылларыгар, Грант Григорян муусукатыгар «Үлэҕэ, үөрэххэ кыһаныҥ!», оскуолабыт бэтэрээн учуутала Марфа Ивановна Ховрова тылыгар, Наталия Бочкарева мелодиятыгар «Дүпсүн сирэ» ырыаларынан кэнсиэри хор аста. Бииртэн биир сонун ырыалары, үҥкүүлэри олохтоохтор көхтөөх ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Кэнсиэри биир тыынынан көрдүбүт диэн көрөөччүлэрбит сэргээбиттэрин, астыммыттарын биллэрдилэр. Аахсыйа-кэнсиэртэн 37 300 солкуобай киирдэ.
«Үүнэ-сайда тур, 160 саастаах Дүпсүммүт үөрэҕин кыһата!» аахсыйа-кэнсиэр түмүгэр биир дойдулаахтарбыт аахсыйаны иилэ хабан ылан, оскуолабыт тупсарын, сайдарын, баҕа санаа оҥостубут былааннарбыт туоларын туһугар бэйэлэрин кылааттарын киллэрдилэр. Бастакынан аахсыйаҕа оскуоланы быйыл, 2021-2022 үөрэх дьылыгар бүтэрээччилэр кыттыбыттара. Муус устар 22 күнүгэр нэһилиэккэ кэнсиэрдээн, 14 000 солкуобай киллэрбиттэрин үөрэммит-иитиллибит оскуолаларыгар анаабыттарын саала иһэ үөрүүнэн-махталынан бэлиэтээбитэ. Салгыы Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, үлэ бэтэрээнэ, оскуола выпускнига, уон биир оҕотун соҕотоҕун иитэн, улаатыннартаан үтүө үлэһит оҥортообут Иван Маркович Прибылых оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ тапталлаах аҕалара, эһэлэрэ, хос эһэлэрэ 100 сааһын туолар үөрүүлээх сылынан, үөрэммит-иитиллибит үөрэхтэрин кыһатыгар 100 000 солкуобай суумалаах сэртипикээти Иван Николаевич Жирков скверэ тутуллуутугар аныылларын, дьиэ кэргэн улахан уола Гаврил Иванович Прибылых кэргэнэ Варвара Дмитриевналыын ытыс дохсун тыаһынан туттардылар.
Дүпсүн оскуолатыгар үөрэммиттэр Петр Николаевич Новгородов салайааччылаах «Аартык» маҕаһыын 50 000 солкуобай харчынан туттардылар, «Виктория» маҕаһыын хаһаайыттара Валентина, Юрий Сивцевтэр икки таптайыллан оҥоһуллубут ыскамыайканы И.Н. Жирков скверигэр анаатылар. «Сардаҥа» оҕо уһуйаана (салайааччы Галина Алексеевна Бочкарева) 15 000 суумалаах сэртипикээти, Дүпсүн нэһилиэгин участковай балыыһата (салайааччы Парасковья Николаевна Алексеева) 20 000 солкуобайы, «Кэскил» оҕо уһуйаана (сэбиэдиссэй Александра Вячеславовна Молокотина) 6 000 солкуобайы, бэтэрээн үлэһиттэрбит Светлана Иннокентьевна, Семен Николаевич Алексеевтар 5 000 солкуобайы, оскуолабытын 1978 сыллаахха бүтэрбит 10 «а» кылаас кэлэктиибэ 19 000 солкуобайы, 1981 сыллаахха бүтэриттэр 29 000 солкуобайы, 1997 сыллаахха бүтэрбиттэр 30 000 солкуобайы, 2001 сыллаахха бүтэрбиттэр 50 390 солкуобайы харчынан туттаран аахсыйаҕа кыттыстылар.
Оскуолабытын 1978 сыллаах бүтэрбит 10 “а” кылаас, кылаас салайааччыта педагогическай үлэ бэтэрээнэ Иван Иннокентьевич Куличкин ааттарыттын Агафья Ивановна Сивцева оскуолабыт бары выпускниктарыгар үтүө дьыалаҕа кыттыһыаҕыҥ, кэнчээри ыччаттарбыт сайдалларын туһугар үөрэммит-иитиллибит үөрэхпит кыһатын тупсарыыга, сайыннарыыга көмөлөһүөҕүҥ диэн ыҥырыы таһаардылар.
Бүгүҥҥү дьоро киэһэҕэ ыалдьыттаан аахсыйаҕа кыттыспыт биир дойдулаахтарбытыгар, Иван Маркович Прибылых оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр, Петр Николаевич Новгородов, Валентина Ивановна салайааччылаах урбаанньыттарбытыгар, Дүпсүн нэһилиэгин участковай балыыһатыгар (сал. Алексеева П.Н.), «Сардаҥа» (сал. Бочкарева Г.А.), «Кэскил» (сал. Молокотина А.В.) оҕо уһуйааннарыгар, оскуолабыт 1978 сыллаах 10 «а», 1981, 1997, 2001, 2022 сыллаах выпускниктарыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит, кытаанах доруобуйаны, үлэҕэ-хамнаска үрдүк ситиһиилэри, чэгиэн туругу баҕарабыт! Эһиги үтүө дьыалаҕытынан барыларыгар холобур буолаҕыт!
«Үүнэ-сайда тур, 160 саастаах Дүпсүммүт үөрэҕин кыһата!» акция бэс ыйын 1 күнүгэр диэри салҕанар. Күндү оскуолабытыгар араас сылларга үөрэммит-иитиллибит дьону, үлэлээбит учууталлары, Дүпсүнтэн төрүттээхтэри, аймахтары, Дүпсүн сирин олохтоохторун, тэрилтэлэри, түмсүүлэри, урбаанньыттары, бааһынай хаһаайыстыбалары оскуола 160 сылын көрсө аахсыйаҕа, үтүө тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттыһыҥ диэн барыгытын ыҥырабыт!
И.Н. Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолата.