И.Г. Кысылбаиков икки үөрэнээччитэ математикаҕа сүүс бааллаах
Быйыл Саха сирин 21 үөрэнээччитэ биир кэлим эксээмэни 100 баалга туттарда. Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт үөрэнээччилэрэ Наташа Васильева уонна Алена Петрова математика курдук уустук биридимиэккэ 100 баалы ыллылар. Учууталлара – СӨ үөрэҕин үтүөлээх үлэһитэ Илья Гаврильевич Кысылбаиков. 100 баалга туттарыы кистэлэҥэ туохханый?
Кыра кылаастан күрэхтэргэ кытыннарыы
И.Г. Кысылбаиков, СӨ үтүөлээх учуутала, уопсайа, 43 сыл педагогунан үлэлээбит уопуттаах, итинтэн 15 сылын — өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээккэ.
— Илья Гаврильевич, учуутал быһыытынан биир кэлим эксээмэни туох дии саныыгын?
— Маҥнай утарарым, кэлин исписэлиис быһыытынан көрдөхпүнэ, садаачалара арааһынайдар. Холобур, бастакы чааһыгар судургу, оҕо өйдүүрүн-өйдөөбөтүн бэрэбиэркэлиир садаачалар бэриллэллэр. Иккис чааһыгар сорохторо математик эрэ оҕолор суоттуур кыахтаах садаачалара бааллар. Билигин эксээмэн да садаачаларын оҥорооччулар таһымнара сайдар, онон, бииринэн, оҕону наардыырга үчүгэй систиэмэ. Иккиһинэн, биһиги туох эмэ буоллаҕына айманан оҕолорбутун долгутан, ыһан кэбиһиэхпитин эбэтэр бириэмэтэ тиийбэккэ хаалыан сөп. Билигин математиканы чахчы билиилээх уонна үчүгэй туруктаах оҕо 100 баалга туттарар кыахтаах. Үрдүк үөрэххэ киирэргэ БКЭ мэхэньиисим быһыытынан олус куһаҕана суох.
— Учууталлаабытыҥ тухары төһө элбэх үөрэнээччиҥ 100 баалга туттарда?
— Аахпаппын, уонтан таҕыстаҕа буолуо. Лиссиэйгэ кэлиэхпиттэн туттараллар.
— Уонтан тахса оҕо сүүс баалы ылбыт. Ити кистэлэҥэ тугуй, оҕону хайдах бэлэмниир ирдэнэрий?
— Анаан эмиэ бэлэмниибин. Ол быыһыгар оҕо математика биридимиэтин билэрэ эмиэ суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, ханнык, туох сорудах кэлиэ биллибэт. Садаача тутула, усулуобуйата уларыйдаҕына туох буоларын оҕо бэйэтэ толкуйдаан тиийэригэр турук ирдэнэр. Уонна биһиэхэ бэлэмнээх оҕолор киирэллэр, онон атын оскуолалардааҕар арыый судургу. Олимпиадаларга элбэхтик кыттыбыт оҕолор быһыытынан, учуутал быһаарарын түргэнник ылыналларынан чэпчэки. Сүүс бааллаах оҕолор анал оскуолаларга – В.П. Ларионов аатынан физика-тиэхиньиическэй лиссиэйгэ, биһиэхэ элбэхтэр. Математиканы кыра кылаастан дириҥэтэн үөрэтиилэрэ муҥутуур үрдүк баалга туттарыыга сирдиир.
— Эн хайдах быһыылаахтык үөрэтэҕин? Бука, уруогу таһынан дьарыгыҥ элбэҕэ буолуо.
— Уруогу таһынан мин сүрүннээн олимпиадаҕа бэлэмниибин, Арассыыйатааҕы олимпиадаларга да син миэстэлэһэр оҕолордоохпун. Норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах олимпиадаларга бэлэмнииргэ эмиэ балачча бэлэмнэнии эрэйиллэр. Ол бэлэмнэнии оҕону толкуйдуурга үөрэтэр. Толкуйдуу үөрэммит оҕо БКЭ-ҕэ бэлэмнэнэригэр сүмэтин сыыйан ылан, ис дьиҥин өйдүүр. Холобур, быйыл 100 баалы ылбыт үөрэнээччилэрбиттэн Наташа Васильеваны 5-с кылаастан үөрэппитим, араас олимпиадаларынан, матбойдарынан сылдьыбыт оҕо. Ол иһин кыахтаах.
Алена Петрова биһиэхэ Ньурбаттан 10-с кылааска кэлбитэ, икки сыл үөрэттим. Ньурба учууталлара эмиэ бастакы сылларыгар “Дьоҕурунан”, олимпиадаларынан бэлэмнээбиттэрэ көстөр. А.А. Николаеваҕа үөрэммит буолуохтаах, кини күүскэ эрчийээччи уонна кыра кылааска билигин СӨ Билим дьоҕус академиятыгар үлэлиир Н.Н. Николаев үөрэтэ сылдьыбыта. Алена 100 баалга туттарарыгар кинилэр эмиэ улахан сабыдыаллаахтар дии саныыбын.
— БКЭ-ҕэ чопчу хаһыс кылаастан бэлэмнэнэллэрэ ордугуй эбэтэр анаан бэлэмнэнии ирдэммэт дуу?
— Биһиги БКЭ-ҕэ анаан бэлэмнээһини 11-с кылааска сыл иккис аҥаарыгар эрэ саҕалыыбыт. 10-с кылаастан да саҕалыахха сөп, БКЭ сорудаҕыттан 70-80 баалга оҥорор кыахтаах.
— Урукку уонна билиҥҥи оҕолору тэҥнии тутан көрөҕүн дуу, туох уратылаахтарый?
— Оҕо оҕоттон улахан уратыта суох. Өрөспүүбүлүкэҕэ уопсай таһым, математикаҕа култуура диэн баар. Көлүөнэ көлүөнэнэн кэлэр, сороҕор букатын мөлтөхтөр тахсаллар, өрөспүүбүлүкэ күүстээх оҕолоро биһиги ирдэбилбитигэр сөп түбэспэттэр, күүстээх олимпиадаҕа кыайан кыттыбат буолаллар. Кыра кылааска интэриэһи үөскэтии улахан оруоллаах. Итиэннэ дьаҥ туран кэлии-барыы суох, оҕолор араас күрэхтэргэ сырыттахтарына эрэ таһымнара киһи хараҕар биллэрдик үрдүүр.
— ССРС норуодунай учуутала М.А. Алексеевка үөрэммит дьоллооххун. Кини уопутуттан үлэҕэр төһө туһанаҕын?
— Михаил Андреевич: “Саамай күүстээх мэтиэдикэ — мээрилээһин”, — диирэ. Ол аата элбэхтик хатылатыы, оҕону саҥардыы. Кини хаһан даҕаны “2” сыананы туруорбата, сөбүлүүр сыаната “5” этэ. Биэһи хото туруорара, оҕо болҕомтотун онон тардара, интэриэһи үөскэтэрэ. Мин даҕаны “иккини” туруорбат курдукпун, баҕар, сүрэҕэлдьээбит оҕолорго дэҥҥэ буолуо.
— Быйылгыттан БКЭ-ни 100 баалга туттарбыт оҕолор харчынан бириэмийэлэнэллэр. Итини сорохтор утараллар, 99 баалы ылбыттар көрбүтүнэн маталлар дииллэр. Эн санааҥ?
— Ити баар суол. Былырыын бэйэм кылааспар түөрт үөрэнээччим 99, үс оҕом 98 бааллаах этэ. Кылааһым орто баала 92,5 этэ. Ааспыт сыл 92 баалга туттарбыты мөлтөх диир этибит. Ол гынан баран биир да оҕо 100 баалы ылбатаҕа. Былырыын олус күүстээх оҕолор бүтэрбит эбит буоллахтарына, быйылгылар онно тиийбэттэр эрээри, икки оҕо 100 баалга туттарда. Итиннэ БКЭ охсуута эмиэ баар, хаарты тахсарын кэриэтэ.
Ил Дархан оҕолору көҕүлүүр соруктаах дьаһалы ылыннаҕа. Ол эрээри, эксээмэн иннинэ эрэ биллэриллибитин сирэ санаабытым: эбэтэр эксээмэн бүппүтүн, эбэтэр букатын эрдэ эбитэ буоллар диирим. Оҕолор 100 баалы ылыахпыт диэн долгуйан “умайан” хаалыахтарын эмиэ сөп дии саныырым.
“100 баалга эрэллээҕим”
Наташа Васильева өрөспүүбүлүкэтээҕи лиисиэй-интэринээккэ 5-с кылаастан үөрэнэр. Математикаҕа 100, нуучча тылыгар 98, информатикаҕа 90, физикаҕа 89 бааллардаах! Москва, Санкт-Петербург үөрэҕин кыһаларыгар математикалаах, физикалаах идэлэри көрүтэлиир.
— Наташа, биир кэлим эксээмэни сүүс баалга туттарарга төһө эрэллээх этигиний? Истэн баран төһө үөрдүҥ?
— Математикаҕа 100 баалы ылыахпын сөп диэн эрдэттэн эрэллээҕим. Туттарарбар олус кыһамматаҕым, эксээмэн түмүгэ биллиэн иннинэ долгуйбутум. 100 баалга туттарбыппын истэн баран үөрбүтүм.
— Хайдах гынан математика курдук уустук биридимиэккэ 100 баалы ылыахха сөбүй?
— Оскуолаҕа үчүгэйдик кыһанан үөрэннэххэ, уруогу көтүппэтэххэ, биир кэлим эксээмэн олус уустуга суох эбит. Учууталларбыт консультациялары ыыталлара, эбии сорудахтары биэрэллэрэ, дьиэҕэ үлэлэри барытын толорорум.
Эксээмэҥҥэ 11-с кылааска эрэ анаан-минээн уруок кэмигэр бэлэмнэнэр буолбуппут. Бэйэм эбии нэдиэлэҕэ үс чаас эҥин дьарыктанарым. Интэриниэккэ баар уустук садаачалары көрөн суоттуурум. Ордук болҕомтону нуучча тылыгар уурарым.
— Эксээмэни үрдүк баалга туттарарга учуутал оруола төһө улахан дии саныыгын? Эһигини Илья Гаврильевич хайдах бэлэмниир этэй?
— Тус бэйэбэр учууталым оруола ордук күүстээх. Тоҕо диэтэххэ, 5-с кылааска киниэхэ үөрэнэ кэлиэхпиттэн олимпиадаларга хото кытыннаран барбыта. Ити эксээмэҥҥэ эмиэ улахан суолталаах. Ону таһынан, консультациялары ыытара, элбэхтик суоттатара.
— Төһө кытаанаҕый, ирдэбиллээҕий?
— Олус кытаанах дии санаабаппын, сыл баһыгар-атаҕар мөҕөттүөн сөп. Арай, толорботохпутуна суобаспытыгар оонньооччу, онон бары даҕаны сорудаҕын толорорго дьулуһабыт.
— Эксээмэҥҥэ сакалаат эбэтэр тилэххэ кэпиэйкэ уктан киирэр көмөлөһөр дииллэр. Эн итинниктэргэ төһө итэҕэйэҕин эбэтэр бэйэҥ кыаххар эрэ эрэнэҕин дуу?
— Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээккэ үөрэнэ киириэхпиттэн элбэх олимпиадаҕа кытынным. Сакалаат саахардаах буолан, мэйии үлэтигэр көмөлөһөр дии саныыбын. Онтон кэпиэйкэ, баҕар, олус долгуйар дьоҥҥо эрэл санааны үөскэтэн көмөлөһөрө буолуо. Ол эрээри, тус бэйэм ити курдук туох да тутуһар бэлиэм суох.
— 100 бааллаахтарга 100 тыһ. солк. биэрэллэр. Ханна, хайдах туттар былааннааххын?
— Үөрэнэ барарбар туттуом дии саныыбын.
— Туох үлэһит буолуоххун баҕараҕын?
— Туох үлэһит буоларбын өссө да толкуйдана сылдьабын. Ол гынан баран, математика, физика эйгэтигэр сыһыаннаах идэ буолуо диэн чопчу билэбин. Биридимиэт быһыытынан физиканы сэҥээрэбин эрээри, математика миэхэ ордук табыллар. Аспирантураҕа атын да дойдуларга баран үөрэниэххэ сөп этэ.
— Эһиил эксээмэн туттарар оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Аҥаардастыы эксээмэнинэн эрэ олорбокко, сынньалаҥы кытта тэҥҥэ дьүөрэлээн сөбүгэр бэлэмнэниҥ, оҕо сааскытын умнуллубаттык атаарыҥ.
“Биир сорудаҕы – араас барыйааннарынан”
Алена Петрова Ньурба улууһуттан төрүттээх, өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээккэ 10-с кылаастан үөрэнэр.
— Алена, үөрэҕи таһынан тугунан дьарыктаммыккыный?
— Кыра кылаастарга үөрэнэр сылларбар оҕуруонан тиһии куруһуогун сөбүлүүрүм. Салгыы улуустааҕы муусука оскуолатыгар үс сыл фортепиано кылааһыгар үөрэммитим. Ньурбатааҕы тиэхиньиическэй лиссиэйгэ киириэхпиттэн олимпиадаларынан дьарыктанарым, кэккэ ситиһиилэрдээхпин.
— Биир кэлим эксээмэҥҥэ ханнык биридимиэттэри туттардыҥ? Баалыҥ төһөнүй?
— Үс биридимиэти, математикаҕа — 100, нуучча тылыгар — 85, информатикаҕа — 90.
— Ханнык идэҕэ туттарсар былааннааххын?
— Киин үрдүк үөрэх кыһаларыгар математика хайысхаларыгар.
— Биир кэлим эксээмэни төһө ыарахан дии санаатыҥ?
— Былырыын үөрэх дьылын саҕаланыыта БКЭ чэпчэки дии саныырым, онтон чугаһаан истэҕин аайы элбэҕи билбэппин эбит диэн толкуйдаабытым. Ордук математикаттан куттанарым, боруобалыыр эксээмэни 90 баалтан таһаарбат этим. Маҥнай нуучча тылыгар эксээмэни туттарбытым, олус үчүгэй барыйаан түбэһэн уоскуйа быһыытыйбытым. Онон математика эксээмэнигэр улаханнык долгуйбакка тиийбитим. Эксээмэн кэнниттэн 100 баалы ылыахпын сөп эбит дии санаабытым. Салгыы икки нэдиэлэ курдук информатикаҕа бэлэмнэммиппит, атын биридимиэттэрдээҕэр арыый чэпчэки дии санаабытым.
— Чопчу математика эксээмэнигэр хайдах гынан 100 баалы ылыахха сөбүй? Кистэлэҥэ тугуй?
— Учууталбыт Илья Гаврильевич сүрүннээн уруокка бэлэмниирэ, күн ахсын сорудах биэрэрэ, биир нүөмэри араас барыйааннарын суоттатара. Өйдөөбөтөх садаачалары ютубтан эмиэ көрөрүм.
Математикаҕа эрдэттэн бэлэмнээх буолан олунньуттан бэлэмнэнэн саҕалаабытым. Иккистээн кыах бэриллэрэ буоллар, сыл саҥатыттан ылсыам этэ.
Хайдах табылларынан эбии эрчиллэрим. Сүрүннээн нуучча тылыгар болҕомто уурарым, киэһэтин чаас курдук дьарыктанарым, оттон математикаҕа — уруок кэмигэр эрэ, сороҕор видеолары көрөттөөччүбүн.
— Дьиэ кэргэҥҥэр математиктар бааллар дуу?
— Суох. Төрөппүттэрим – урбаанньыттар, идэлэринэн уйулҕа үлэһиттэрэ.
— Ил Дархан 100 бааллаахтарга көрөр үбүн хайдах туһанар былааннааххын?
— Ол туһунан толкуйдуу иликпин, бука, үөрэнэ барарбар туттарым буолуо.
— Биир кэлим эксээмэни туттарааччыларга сүбэҥ…
— Математикаҕа дьоҕурдаах оҕолор нуучча тылыгар эрдэттэн бэлэмнэнэн саҕалааҥ диэн сүбэлиэм этэ. Математикаҕа син бэлэмнэниэххэ сөп, оттон нуучча тылыгар элбэҕи үөрэтэр ирдэнэр. Математикаҕа суот хас даҕаны барыйаанын көрөр ордук. Тугу эмэ өйдөөбөтөххүтүнэ ютубтан көрүҥ, хасыһан үөрэтиҥ.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Антонина СЕМЕНОВА хаартыскаҕа түһэриитэ.