1993 сыллаахха “Эдэр саас” бастакы эрэдээктэрэ суруналыыс Иван Ушницкай Нам Хатырыгар командировкаҕа бара сылдьан, худуоһунньук Иннокентий Пестрякову, бастаан уруһуйдарын көрөн сөхпүт, онтон бэйэтин кытта билсэн, сэһэргэһэн кэлбит этэ. Ол түмүгэр, “Саха сирэ” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Василий Васильевич Кириллин уонна Иван Петрович Ушницкай ыҥырыыларынан, Иннокентий Юрьевич Пестряков 1994 сыллаахха биһиги хаһыаппытыгар үлэлии кэлбитэ.
Бу иннинэ Иннокентий Пестряков Намнааҕы мусукаалынай оскуола художественнай кылааһын, Хабаровскайдааҕы култуура уонна искусство институтун бүтэрбит, аармыйаҕа сулууспалаабыт, Биробиджан курдук улахан куоракка драматическай тыйаатырга сценограбынан, режиссерунан, дойдутугар Намҥа кэлэн уруһуй учууталынан, Култуура дьиэтигэр дириэктэринэн үлэлээбитэ. Сири-дойдуну, дьон олоҕун балачча билбит-көрбүт, олоххо бэйэтэ көрүүлээх, айар куттаах киһи этэ.
Онон, өрөспүүбүлүкэ хаһыатыгар кэлээт, худуоһунньук-иллюстратор, живописец, кыраайы үөрэтээччи быһыытынан киэҥник биллэн барбыта.
1999-2004 сылларга Иннокентий Арктикатааҕы институт живопись уонна графика факультетыгар үөрэммитэ. Бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Николаев стипендиата буолбута.
Кини “Эдэр саас”, “Саха сирэ” хаһыаттары уруһуйунан киэргэтэрин таһынан, пейзажтары, мэтириэттэри эмиэ бэркэ табыллан оҥороро, кинигэ кыһаларыгар эмиэ күүтүүлээх худуоһунньук этэ.
Талаана ордук олох-дьаһах-историческай тиэмэлэргэ арыллара. Иннокентий Пестряков ХIХ-ХХ үйэ саҥатынааҕы Дьокуускай куорат олоҕун, дьонун-сэргэтин туһунан кэпсиир хартыыналара искусствоны сыаналааччылар киэҥ сэҥээриилэрин ылбыттара.
Кини бэйэтэ ис-иһиттэн интэриэһиргээн, үлүһүйэн туран устуоруйаны, этнографияны, саха омук култууратын, үгэстэрин үөрэтэрэ. Кеша айар үлэтин кэргэнэ Варя истиҥник өйөөбүтэ.
Худуоһунньук “Улуу Кудаҥса” (1992), “Сир иччитэ” (1992), “Балбаара” (1994), “Дьүөгэлиилэр” (1997), “Ыйдаҥа түүн” (2000), “Куорат дьахталлара” (2001), “Прогулка по Старому городу” (2003), “Кэргэн кэпсэтии” (2004), “Төрөөбүт Хатырыгым”, “Бастакы көҕөн”, о.д.а. үлэлэрин биирдэ көрбүт, умнубат. Ол курдук кини ураты буочардааҕа. Кини хартыыналарын дьоруойдара бу сибилигин Дьокуускай куорат уулуссаларын устун тиэтэйбиттии хааман-сиимэн, кэпсэтэн-ипсэтэн барыахтарын курдук этилэрэ…
Биһиги көлүөнэ суруналыыстарга кини хартыыналара, айар үлэтэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Эдэр коммунист” хаһыат эрэдээксийэтин талааннаах худуоһунньуга Василий Федоров, “Молодежь Якутии” хаһыат айдарыылаах худуоһунньуга Борис Васильев айар үлэлэрин кытта дьүөрэлии тутан көрөрбүтүнэн, эмиэ күндүлэр.
Манна даҕатан эттэхпитинэ, Иннокентий Пестряков худуоһунньук Борис Васильев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи суруналыыстар бириэмийэлэрин 1997 сыллааҕы лауреата буолбута.
Кеша былаана элбэх этэ, дииллэр чугас доҕотторо. Олоҥхоҕо дириҥник ылсан үлэлиир баҕалааҕа…
Биһигини, коллегаларын, кини, Людмила Реасовна Кулаковская көрдөһүүтүнэн Өксөкүлээх Өлөксөй “Байанай алгыһа” кинигэтин иллюстрациялаабытынан сөхтөрбүтүн өйдүүбүт. Итинтэн сиэттэрэн, худуоһунньук Иннокентий Пестряков “Байанай” диэн бүтүн цикл буолбут үлэлэрэ баар буолбуттара.
Быйыл сахаларга Байанай сыла диибит. Онон, талааннаах худуоһунньук, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Иннокентий Юрьевич Пестряков (1962-2004) “Байанай” циклыттан ааҕааччыларбытыгар билиһиннэрэрбит тоҕоостоох дии саныыбыт.
Бу хартыыналары, кини кэргэнэ, айар үлэтин музата, олоҕун аргыһа, Саха академическай тыйаатырыгар труппа сэбиэдиссэйэ Варвара Семеновна Пестряковаттан көҥүл ылан, бэчээккэ бэлэмнээтибит.
Татьяна Маркова.