Худуоһунньук Гавриил Петров уонна Өксөкүлээх мэтириэтэ

Бөлөххө киир:

Саха АССР норуодунай худуоһунньуга, саха бастакы идэтийбит живописеһа Иван Васильевич Попов сиэнэ Гавриил Гаврильевич Петров Намнааҕы педагогическай кэллиэскэ преподавателлиир. Гавриил Гаврильевич РФ Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ норуодунай худуоһунньуга, СӨ үтүөлээх учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ орто профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ.


Норуодунай худуоһунньук Гавриил Петров дойдулаахтара, таатталар, көрдөһүүлэринэн  айар тыл аҕатын, бөлүһүөк Өксөкүлээх Өлөксөй мэтириэтин оҥорон соторутааҕыта илиилэригэр туттарда. Кини бу үлэтин дьон көрөөт, наһаа сөхтө, хайҕаата, улаханнык үөрдэ, долгуйда даҕаны. Улуу киһи мэтириэтэ ураты сонуннук көһүннэ. Ол да иһин: «Өксөкүлээх Өлөксөй илэ бэйэтинэн кэлэн олорор курдук!», — дэстилэр, худуоһунньукка махтаннылар, сүгүрүйдүлэр.

Оттон бүгүн Тааттаҕа, улуустааҕы хартыына галереятыгар, худуоһунньук Поповтар династияларын быыстапкатын арыллыыта буолар. Манна Гавриил Гаврильевич  уруһуйдаабыт ытык киһибит, саха литературатын төрүттээччи Өксөкүлээх Өлөксөй  мэтириэтин биһирэмэ буолуоҕа.

Түгэнинэн туһанан, мин худуоһунньук Гавриил Гаврильевичтыын кэпсэтэ сырыттым,  дойдулаахтарын үлэхтэрин хайдах оҥорбутун ыйыталастым.

—Өксөкүлээх мэтириэтин оҥорорго араас кэмҥэ түспүт хаартыскаларын ылан көрдүм.  Хайдах туттан-хаптан олороругар, туох таҥастааҕар-саптааҕар, настарыанньатыгар тиийэ болҕойон көрдүм-иһиттим, ырыттым. Барыта хаһыаттарга, сурунаалларга элбэхтэ бэчээттэммит, тэлэбиисэргэ көстүбүт, кулууптарга, оскуолаларга турар хаартыскалар буолан, толкуйдаан төбөбөр илдьэ сылдьар уобараспар маарыннаппатаҕым. Бэйэм туох эмэ сонуну оҥорбут киһи диэн баҕалаах буоллаҕым. Онон Дьокуускайга «Сахабэчээт» тэрилтэтигэр үлэлиир бырааппынан, Гаврил Иванович Поповунан, хаартыска көрдөппүтүм. Быраатым Өксөкүлээх Өлөксөй уопсай бөлөххө түспүт хаартыскатын ыыппытын сөбүлээн, ону талан ылбытым.

Хаартыска элбэхтэ хос-хос түһэриллибит буолан, хаачыстыбата мөлтөөбүтэ тута биллэрэ. Ону фотошопка арыый тупсаран,  уопсай түһүүттэн арааран ылан баран, үлэбин саҕалаабытым.

Маҥнай араас өҥнөөҕүнэн оҥорбутум. Оннук балачча ыраатыннаран иһэн, аны монохромунан (хара-үрүҥ) үлэлээтэххэ ордук көстүүлээх буолсу диэн, өҥмүн уларытабын.  Ол тухары сүрүн фоммун  араас барыйааннарынан уларыта-уларыта хос-хос  үлэлиибин. Рельефнэй паастанан сүрүн фоммар фактура оҥорон, эмиэ сөп түбэһэр өҥү көрдүүбүн.  Аны, ол кэннэ,  түмүктээн эрэр үлэбэр хара-үрүҥ оҥорбут барыйааммын  сөбүлээбэккэбин, төттөрү атын өҥү туһанан барабын. Бу сырыыга аҕыйах өҥү туттабын. Өҥө, күлүгэ, сырдыга, хартыына сүрүн хонуута (фона), кэриҥэ быһаарыллыбытын кэннэ, харахтарын быһыытын, хайа диэки, хайдах көрдөрөрбүн оҥоруу уустук үлэтин быһаарабын. Дьэ, ити курдук, кыратык да атын соҕустук ууруллубут киистэҥ суолун, өҥүн-дьүһүнүн адьас сөптөөҕүн булуор диэри хасыһан үлэлиигин. Сороҕор бүтэрэ чугаһаабыт үлэбин хаттаан кэриэтэ уларытар, атыннык быһаара сатыыр буолан, үксүгэр өр үлэлиибин. Бу үлэбэр аҥаардас хаартыскатын да көрдөөһүҥҥэ бириэмэ барбыта.  Онно аны уруоктарым быыһыгар, өрөбүллэрбэр ылсан,  дьолго, ытык киһилиин өйдөһөр курдук буоламмыт,  улахан иҥнигэһэ суохтук үлэлээтибит. Онон уопсай улахана 120х85 хартыына буолла, — диэн кэпсээтэ.

Гавриил Петров «Уруһуй учуутала», «Якутск зеркальный», «Саха сирин алааһа», натюрморт, бырааттыы Поповтары уруһуйдаабыт хартыыната, эһэтэ Иван Попов эдэр сылдьан үөрэммит куоратыгар — Петербурга сылдьара, олохсуйбут сиригэр-уотугар, тапталлаах Тааттатыгар олороро, о.д.а. элбэх киһини умсугутар кэрэ хартыыналарын көрбүт эрэ умнубат. Маны сэргэ, кини «Худуоһунньук уонна Муза», «Тыа саҕатыгар», «Байкал кытыла», «Индигиир кытыла»,  «Адам уонна Ева», о.д.а. үлэлэрэ Норвегияҕа, Венгрияҕа, Кытайга тас дойду дьонун сөхтөрө тураллар.

Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0