Художественнай училище үөрэнээччилэрэ Дельфийскэй оонньуулартан дипломнаах кэллилэр
Аҕыйах хонуктааҕыта Саха сирин хамаандата Ростов-на-Дону куоракка ыытыллыбыт Ыччат XVIII Дельфийскэй оонньууларыгар ситиһиилээхтик кыттан кэллэ. Куонкуруска 10-25 диэри саастаах, дойду араас муннугуттан 2459 ыччат, 29 айар номинацияҕа күрэхтэстэ. Саха сириттэн үс устудьуон диплом тутта. Итинтэн иккитэ Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр искусство училищетын, биирдэрэ Аксения уонна Наталья Посельскаялар ааттарынан Дьокуускайдаҕы балет оскуолатын (кэллиэс) устудьуоннара.
edersaas.ru
Быйыл Саха сирин Аксения уонна Наталья Посельскаялар ааттарынан Дьокуускайдаҕы балет оскуолатын (кэллиэс), М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһин, В.А. Босиков аатынан Муусука үрдүкү оскуолатын, П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр искусство 10 талааннаах үөрэнээччитэ көмүскээтэ.
Урутаан эттэххэ, бу кыттыбыт оҕоттон үһэ дипломнаах кэллэ. Итинтэн иккитэ П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училище үөрэнээччилэрэ. Ол курдук, 3-с куурус устудьуона Антонина Каженкина “Ойуулуур-дьүһүннүүр искусство” номинацияҕа, 3-с куурус устудьуона Анна Алексеева “Уус-уран оҥоһук” номинацияҕа кытыннылар.
Училище преподавателэ Надежда Корнилова: “Антонина Каженкина кыттыбыт номинацията икки түһүмэхтэн – дьиэҕэ үлэ уонна куонкурус сорудаҕын толоруу турар. Манна кини автопортрет, натюрморт уруһуйдаата. Ону таһынан, дьүүллүүр сүбэ “Тулалыыр эйгэм” диэн тиэмэҕэ уус-уран куонкуруһу биллэрбитэ. Антонина уһуннук толкуйдуу барбакка, кэрэ эйгэлээх, бэйэтэ олорон уруһуйдуур, үөрэнэр мастарыскыайын композициятын оҥордо. Инньэ гынан, гуаһынан бары өттүнэн дьүөрэлэһэр, күөхтүҥү-күрэҥ дьүһүннээх олус табыллыбыт композицияны оҥорон таһаарда.
Иккис үөрэнээччибит Анна Алексеева кыттыбыт номинацията бэйэ-бэйэтин кытта ситимнээх үс чаастан турар. Манна бэлэм үлэни быыстапкалааһын, илии оҥоһугун уус-уран уонна тиэхиньиичэскэй өттүн төһө баһылаабыттарын көрдөрүү, презентация баар. Кыттааччылар быыстапкаҕа уонтан тахсалыы үлэлэрин туруордулар. Маҥнайгы күн саас тиэмэтигэр куонкурус сорудаҕын толордулар уонна дьүүллүүр сүбэҕэ, сонуну киэҥник тарҕатар ситим үлэһиттэригэр айар үлэлэрин билиһиннэрдилэр, көрдөрдүлэр. Иккис күн саамай уустук уонна долгутуулаах буолла – бэйэлэрин үлэлэрин тылынан кэпсээн билиһиннэрдилэр. Манна төрөөбүт дойдуларыттан саҕалаан айар үлэлэригэр, педагогтарыгар тиийэ кэпсээтилэр.
Анна быыстапкаҕа, куонкуруска уонна презентацияҕа үлэлэрин национальнай уратыбытын арыйан чаҕылхайдык көмүскээтэ. Бэйэтэ тиктибит, оҕуруонан киэргэппит сахалыы таҥаһын кэтэн хомустаата. Дьүүллүүр сүбэ, кыттааччылар, ыалдьыттар улаханнык сэҥээрдилэр, сэргээтилэр”, —диэн куонкуруска кыттыыларын туһунан санаатын үллэһиннэ.
Инньэ гынан, Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр искусство училищетын устудьуоннара Антонина Каженкина (преподаватель Е.П. Романова), Анна Алексеева (преподаватель Н.Е. Корнилова) Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээлгэ дьоҕурдарын, сатабылларын дьоһуннаахтык көрдөрөн, дипломунан наҕараадаланнылар. Дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ Аннаҕа бэйэтин анал бирииһин туттарда уонна устудьуоннар бөлөхтөрүн (преподавателлэрин кытта) Санкт-Петербург куоракка этнография түмэлигэр үлэҕэ холонон көрөр быраактыкаҕа (стажировкаҕа) ыҥырда. Онтон дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Волгоградка буолар уустаан-ураннаан оҥоруу быыстапкатыгар кытталларыгар ыҥырда.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: Н.Е. Корнилова архыыбыттан.