Өрөспүүбүлүкэҕэ бүгүҥҥүттэн “Үтүөр!” (“Поправляйся!”) диэн аахсыйа саҕаланна. Бастакы кыттааччынан “Хозмаркет” атыы-эргиэн ситимэ буолла (дириэктэр Максим Феоктистов).
edersaas.ru
“Хозмаркет” маҕаһыын бэйэтин үбүгэр атыылаһан, “Резерв” өрөспүүбүлүкэтээҕи мэдиссиинэ киинигэр 1000 харыстанар көстүүмү биэрдэ.
— Бэйэлэрин доруобуйаларын, олохторун да кэрэйбэккэ, күнүстэри-түүннэри коронавируһу утары охсуһа сылдьар быраастарбытын, сиэстэрэлэри, санитардары харыстыах, кинилэргэ көмөлөһүөх тустаахпыт. Онно баай, дьадаҥы, эдэр, кырдьаҕас диэн арахсыбакка, хас биирдиибит кылааппытын киллэриэхпитин наада, — диэн этэр аахсыйаны тэрийбит Владимир Булкин.
Бу коронавируһу утары охсуһууну өйүүр аахсыйаны ханнык да тэрилтэ, уопсастыбаннай түмсүү буолбакка, эн, мин курдук боростуой дьон тэрийбиттэр. Билиҥҥитэ аҕыйахтар, ол эрээри, кэҥиир, улуус аайы бөлөхтөрү тэрийэр былааннаахтар.
— Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн мааскалар, дезинфекциялыыр, харыстанар сириэстибэлэр тиийбэттэр. Уопсастыба күүһүн түмэн, бу итэҕэһи туоратарга үлэлиэхпит. Бэйэ холобурунан уопсастыбаны түмэн, дьоҥҥо көмөлөһөн, таах олорбокко, туох кыалларын оҥоруох тустаахпыт, — диэн кини бэлиэтиир.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru