Хотун Бүлүү туонатыгар — Олоҥхо Ыһыаҕа (ВИДЕО)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Түгэхтэй алааһыгар «Хотун Бүлүү туонатыгар — Олоҥхо Ыһыаҕа» диэн театрализованнай көрдөрүү саҕаланна.

Сыа Бүлүү, Бүтэй Бүлүү диэн ааттаммыт уйгу-быйаҥ дойдуга тигиилээх сирэйдээх дьирикинэйдэр, кус-хаас тойуктаах хоролор, онтон да атын омуктар олордохторуна, урааҥхай сахалар сылгыларын, сүөһүлэрин үүрэн, олохсуйа барбыттара ойууланар. Олоҥхоҕо хоөуллубут тоҕус Айыы бухатыыра Алгыс, Эйэ чороонун уһанан күпсүтэн айаллар. Ол кэмтэн ыла Орто дойдуга, Ил, Эйэ олохтоммуттара үһү…


Театрализованнай көрдөрүү кэрэ көстүүлээх, эрчимнээх үҥкүүлээх, чуор тойуктаах, дириҥ ис хоһоонноох буолла.
“Встреча шедевров Юнеско на земле Олонхо” кыттыылаахтара, араас дойдулартан кэлбит ыалдьыттар эҕэрдэлээтилэр, саха үгэһигэр кыттыһан, салама ыйаатылар. Саха сиригэр элбэх омук иллээхтик эҥээрдэһэн олороллоро бэлиэтэннэ.
Олоҥхо Ыһыаҕын өрөгөй ырыата (ааптар В.С. Парников) дуорайда.

Ангелина Васильева, »Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0