Хотугулуу-илин улуустарга Арктическай урутаан сайдар сир тэриллиэҕэ
Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-илин өттүгэр айылҕа баайын хостуур уонна переработкалыыр Арктика урутаан сайдар сирин сүрүн тосхоллорун оҥоро сылдьаллар. Бу бырайыак олоххо киирдэҕинэ, 27 миллиард солкуобай инвестиция киирэн, 1,7 тыһыынча үлэ миэстэтэ тэриллиэҕэ. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Гайдаровскай форумҥа иһитиннэрдэ.
edersaas.ru
«Урутаан сайдар сир бизнес-былаана билиҥҥитэ ситэри оҥоһулла илик. Якорнай резиденнэр көрүүлэринэн, инвестиция киириитин мэктиэтигэр боппуруос элбэх. Онон бырайыагы ситэрэн-хоторон биэриэхпит», — диэн эттэ кини.
Сахабыт сирин тус хоту хайысхатынан Урутаан сайдар сир бырайыага РФ Арктикатын социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагырааматын чэрчитинэн оҥоһулунна. Онно олоҕуран, хотугулуу-илин улуустарга хорҕолдьун, көмүс, сэдэх таастар, углеводороднай сырье, таас чох хостонуоҕа, итиэннэ сэлии муоһун хомуйуохтара.
Санатан эттэххэ, Гайдаровскай форум диэн ааттаах экономика эйгэтигэр аан дойдутааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ 2010 сылтан ыытыллар. Манна дойду стратегическай сайдыытын, үтүмэн үбү-харчыны хамсатар саҥа сонун бырайыактары дьүүллэһэллэр.
Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru