Хотугу улуустарга балыктааһын кыһалҕата

Ааптар: 
18.12.2018
Бөлөххө киир:

Былыр-былыргыттан саха норуота балыгынан аһаан, баччааҥҥа диэри тыыннаах кэллэҕэ. Сахабыт сирин өрүстэригэр, үрэхтэригэр уонна күөллэригэр  балык арааһа үөскүүр. Ол эрэн, маҥан эттээх тус хоту балыга күндү буолар. Ханнык баҕарар бырааһынньык, уруу остуолугар кыһыллыбыт чыыр, уомул, тууччах хайаан да баар буолар. Күндү балык сыаната да тос курдук. Кэлбит-барбыт киһи ааһан иһэн атыылаһан сиир кыаҕа суох балыга. Күндү көмүс хатырыктаах, кылбаа маҥан эттээх балык хайдах бултанарын, Дьокуускайга айаннаан кэлэрин туһунан Чурапчыттан төрүттээх Орто Халымаҕа олохсуйбут балыгынан дьарыгырар урбаанньыт Байбал Байаҕантаайап сырдатта.

Балыксыт үлэтэ сыралаах

— Мин балыгынан дьарыгырбытым бэһис сылым буолла. Дьон хотугу улуустарга балык ыһылла сытар курдук саныыр. Арыт ардыгар, ууттан босхо хостообут балыккытын ыарахан сыанаҕа атыылыыгыт диэн сирэй-харах анньааччылар. Балыгы бултуурга элбэх кыах уонна үп наада. Дьиэ таһынааҕы үрэххэ элбэх балыгы туппатыҥ чахчы. Анаан бултуур дьон дэриэбинэттэн аччаабыта сүүһүнэн биэрэстэ ыраатан бултууллар. Тыаҕа сылдьар киһи өйдүөҕэ. Бултуур сиргэр тиэхиньикэнэн тиийэргэр уматык, халыҥ таҥас, аһылык наада. Сүрүннээн, илиминэн уонна муҥханан бултуубут. Бултуур учаастактарбыт 180 км сиринэн тэнийэ сыталлар. Сайын суол-иис суох кэмигэр, үксүн өрүскэ балыктыыбыт. Күөллэргэ муус тоҥмутун кэннэ киирэбит. Балыктыыр сирбититтэн отуубут балачча ыраах. Балыксыт илимин бэрийэн, өйүөтүн уктан, биэрэккэ хааман барар. Аны биэрэк балачча үрдүк, ону түһэргэ-тахсарга сэниэ бөҕө баранар. Илими көрүү эмиэ элбэх сыраны ылар. Балык ыйааһына да ыарахан. Куулунан балыгы сүгэн барарга киһи дэлби илистэр. Балыксыт күҥҥэ илими иккитэ-үстэ көрөр. Дьон саныырын курдук боростуой буолбатах.

Балык сөпкө тоҥоруллуохтаах

— Балыгы Сэбиэскэй Сойуус саҕаттан баччааҥҥа диэри булууска тоҥоро сылдьабыт. Ити былыргылыы ньыма. Булууска илдьэн түһэрэргэр, балык ньамаҕын ыраастаабаккын, сууйбаккын, балык харааран хаачыстыбата мөлтүүр. Оннук балыгы дьон сирэн ылбат. Балык атыыга барбатаҕына, сыралаах үлэҥ таах хаалар. Сангаарга уонна Жатайга  2 мм уонна 1,5 мм халыҥнаах ыстаал тимиринэн, хаптаҕай түгэхтээх оҥочону оҥороллор эбит. Ити оҥочоҕо морозильнигы холбоон, дизельнэй ыстаансыйаттан үлэлэтиэхпин баҕарабын. Балыксыттарга көмө курдук оннук оҥочолору биэрэр киһи, үлэлэрэ чэпчиэ этэ. Сырыы аайы балыгы булууска таһан, төттөрү-таары сылдьыах оннугар, биэрэк кытыытыгар оннук оҥочоҕо мунньан, ыраастыы-ыраастыы тоҥорон истэххэ сынньалаҥ буолар. Ыстаал тимиринэн оҥоһуллубут буолан, тыатааҕы да балыгы кыайан тыыппат.

Тырааныспар кыһалҕата

— Ханнык баҕарар эйгэҕэ тырааныспар кыһалҕата сытыытык турар. Уматык ый аайы үрдүү турар, тиэхиньикэ сыаната тос курдук. Балыгы бултаан баран, сайын мотуорунан, кыһынын бураанынан нэһилиэккэ илдьэн туттарыахха наада. Аны дьылыттан эмиэ тутулуктаах. Хаар халыҥ буоллаҕына, өрүс тааҥнаан хаалар. Тааҥнаах сиргэ ханнык да тырааныспар сатаан сылдьыбат. Кэнники сылларга хаар элбэх буолан, эрэйи көрдүбүт. Быйыл дьэ хаарбыт аҕыйаата, өрүс эрдэ тоҥно диэн үөрэ санаабыппыт, аны хаар олох да түспэтэ. Кылыгыр мууһунан буран кыайан айаннаабат. Балыктары улуус кииниттэн сөмөлүөтүнэн Дьокуускайга ыытарга сыаналаах. Массыынанан ахсынньы бүтүүтэ, эбэтэр тохсунньу саҕаланыыта суол турдаҕына ыытар кыахтанабыт. Аны туран, сайын балыгы буочуканан бэнсиини үрдэрэ-үрдэрэ мотуорунан таһабыт. Ол оннугар, ыйга биирдэ тоҥорор кэнтиэйнэрдээх баарса кэлэн балыгы хомуйан, Орто Халымаҕа илдьэрэ наада. Балыксыттар бэйэлэр да ас, таҥас ыла таарыйа дьиэлэригэр барсан кэлиэ этилэр. Бөһүөлэккэ тиийэн, балыктаах кэнтиэйнэрдэри сүөкүүр. Дьэ ол кэннэ, күһүн “Макдебург” балыктары тиэнэн, Дьокуускайга илдьэр. Бу кыһалҕаны бырабыыталыстыба болҕомтоҕо ылан быһаарсара буоллар, промысловай балыктааһын тупсуо этэ.

Бырабыыталыстыба бэрээдэктиэн наада

— Билигин балыктааһыҥҥа бырабыыталыстыба болҕомтотун уурбат дии саныыбын. Балыксыттар усулуобуйалара олус ыарахан. Сайыҥҥы балыгы булууска тоҥоробут. Булууска балык элбээтэҕинэ сылыйан балык ирэн хаалар. Оччоҕуна хаачыстыбата мөлтүүр. Эрдэ эппитим курдук, ыстаал тимиринэн оҥоһуллубут, хаптаҕай түгэхтээх оҥочолору балыксыттарга түҥэттэххэ, балык урбааныгар улахан күүс-көмө буолуоҕа. Урукку курдук, балыксыттарга түмсүү оҥоһуллара тоҕоостоох. “Кэпэрэтиип» тэрийэн, тутуһан үлэлээтэхпитинэ, үлэ таһаарыылаах буолуо этэ. Эдэр, саҥа саҕалаан эрэр балыксыттарга бултуур сирдэрэ суох. Барыта сүүрбэ сылга түҥэтиллэн турар. Сир боппуруоһун саҥаттан ырытыһан, барыларыгар тиийэр гына быһаарыахха наада. Сөптөөх сокуон ылылыннаҕына биирдэ быһаарыллар кыһалҕа. Ханнык баҕарар эйгэни бэрээдэктээтэххэ таһаарыылаах үлэ барар. Балыгы сөмөлүөтүнэн таһыыга көрүллэр харчыны тиэхиньикэ атыылаһыытыгар ыыттахха, быдан туһалаах буолуоҕа дии саныыбын. Ол оннугар, балыгы «Макдебург» теплоходунан уонна массыынанан таһыахха. Балыгы туттарыы диэн билигин суох. Урукку курдук, судаарыстыба балыгы тутан саҕалыан наада.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0