Хотугу улуустарга 5 тыһыынча туонна таһаҕаһы тиэртилэр

Бөлөххө киир:

Муус устар 15 күнүгэр Арктика оройуоннарыгар уонна ыраах, суола-ииһэ суох сирдэргэ “Якутопторг” хайысхатынан кыһыҥҥы суолунан 4849 туонна социальнай суолталаах бородууктаны тиэртилэр.

Өссө 58 туонна таһаҕас айаннаан иһэр. Бу туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров брифинг кэмигэр иһитиннэрдэ. Бу айаннаан иһэр таһаҕаһы учуоттаатахха, бородуукта уонна табаар саппааһа 97 күҥҥэ, кууһунан атыыга саппаас 130 күҥҥэ тиийэр туруктаах.

Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ “Арассыыйа тимир суоллара” хампаанньанан 1018 богуон айаннаан иһэр, ол онтон Аллараа Бэстээх ыстаансыйатыгар 492 богуон тиксиэҕэ. Билигин 365 богуон Бэстээххэ кэлэн турар. Суол сабылларын баттаһа таһаҕаһы сүөкээһин үлэтэ күүскэ ыытыллар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0