Хотугу улуустар олохтоохторо «Күнү көрсүү» бырааһынньыгын тэрийдилэр

Ааптар: 
16.02.2020
Бөлөххө киир:

Арктическай уонна хотугу улуустартан төрүттээх дьон  төрөөбүт  дойдуларыгар сардаҥалаах күн тахсыбытын уруйдаатылар.

edersaas.ru

Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр хотугу улуустартан төрүттээх аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ уонтан тахса айар кэлэктииптээхтэр. Кинилэр субуота күн Ленин болуоссатыгар мустан, «Күнү көрсүү» бырааһынньыгын тэрийдилэр.

Арктическай  уонна хотугу улуустартан төрүттээх дьон бэйэлэрин норуоттарын таҥаһын таҥнан, алгыс тылларын этэн-туойан һээдьэлээтилэр, Күн тахсыытын бырааһынньыгын үөрэ-көтө тэрийдилэр.

Наһаа үчүгэй тэрээһин буолла. Аллайыаха улууһуттан сылдьар Акулина Трайзе уот оттон дьону ыраастаата, алҕаата. Оттон Михаил Едукин алгыс оҥордо.

Бары төгүрүччү һээдьэлээтибит. Кэлбит дьону тоҥ балыгынан, сып-сылаас таба этинэн, алаадьынан күндүлээтилэр.

Балыктара, эттэрэ олус эмис уонна минньигэс.  Һээдьэҕэ бэрт элбэх киһи кытынна, — диэн санаатын үллэстэр Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгин олохтооҕо Валентина Прокопьева.

Хоту дойдуга Күн тахсыыта — саас кэлиитин бэлиэтэ. Холобура, Булуҥҥа күнэ суох хараҥа халлаан икки ый кэриҥэ турар. Онон хоту дойду киһитигэр Күнү көрсүү улахан үөрүүлээх түгэн.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа Валентина Прокопьева түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0