VI Аан дойдутааҕы ыччат куонкуруһа саҕаланна
Биллэрин курдук, эдэр мусукааннар куонкурустара бэс ыйын 26-от ыйын 3 күннэригэр Дьокуускайга Муусука Үрдүкү оскуолатыгар ыытыллар.
Саха сирэ быйыл хайыы-үйэ алтыс төгүлүн Россия регионнарыттан итиэннэ аан дойду араас дойдуларыттан – Казахстантан, Кытайтан, Соҕурууҥҥу Кэриэйэттэн, Францияттан, Италияттан тиийэ эдэр скрипачтары, дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрин көрсөр. Манна даҕатан эттэххэ, дьүүллүүр сүбэни, үгэс быһыытынан, Москватааҕы консерватория профессора Эдуард Грач салайар.
Аан бастакы куонкурус 20 сыл анараа өттүгэр ыытыллыбыта. Ол аата — 1997 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Муусука Үрдүкү оскуолата аһыллыаҕыттан баара-суоҕа 3 сыл буолаат, тэриллибитэ. Билигин, “Хотугу скрипка” куонкуруска интэриэс сыллата күүһүрэн иһэрэ тэрийээччилэри үөрдэр.
Бу 20 сыл устата куонкурус үгүс эдэр талааннары, чаҕылхай мусукааннары арыйда. Быйылгы куонкурустан эмиэ элбэҕи күүтэбит.
Сергей Кухотов.