Арктика зонатыгар 13 улуус киирдэ. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Ыйааҕын туһунан Дьааҥы улууһун Эҥэ нэһилиэгин баһылыга Виктор Бурцев санаатын эттэ:
— Дьааҥы улууһа Арктика зонатыгар киирбитэ улахан суолталаах. Тустаах боппуруоһу көтөхпүттэрэ, дьиҥэр, ыраатта.
Хотугу сиргэ уматыгы тиэрдииттэн саҕалаан, ас-таҥас, сөмөлүөт билиэтин сыаната ыарахана, олохтоохтору оройуон киинигэр таһыы, интэриниэт ситимэ суоҕа, эмп-том аҕалыы, оттооһун, о.д.а. кыһалҕа үгүс. Мин нэһилиэкпэр биир тыын боппуруоһунан оскуола тутуута буолар. Туруорсубуппут ыраатта. Арктика зонатыгар киирбиппитинэн сибээстээн, баҕар, тутуу боппуруоһа түргэтиэ диэн эрэл санаалаахпыт. Саҥа тэриллибит Арктика сайдыытын министиэристибэтэ хоту сир нэһилиэктэрин интэриэстэрин туруорсуо уонна көмүскүө диэн бүк эрэллээхпит. Арктика нэһилиэктэригэр, бастатан туран, уматык сыанатын кыччатыы улахан оруоллаах. Ол кэннэ олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын, элэктэриичэстибэ сыанатын кыччатыы олохтоохторго улахан көмө буолуох этэ.
“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска интэриниэттэн.