Национальнай бибилэтиэкэҕэ аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу норуоттар тылларын үөрэтиэххэ сөп.
Дьарыктар онлайнынан ыытыллаллар. Тылы үөрэтиэн, билиэн-көрүөн баҕалаахтар бөлөххө суруталлар. Бу туһунан СӨ Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрдэ. Бырагыраама хотугу норуоттар тылларын билбэт дьоҥҥо анаан оҥоһулунна.
Сэргээбиттэр, сэҥээрбиттэр Национальнай бибилэтиэкэ колл-киинигэр 455-855 ньүөмэргэ эрийэн сиһилии ыйыталаһыҥ диэн быһаараллар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1