Хотугу норуоттар интэриэстэрин көмүскүөхтэрэ

Бөлөххө киир:

Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум үлэтин чэрчитинэн, Саха сирэ уонна Сибиир, Уһук Илин аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттарын ассоциацията бииргэ үлэлэһэр туһунан сөбүлэһии түһэристилэр.

Сөбүлэһиигэ Ил Дархан Айсен Николаев уонна ассоциация бэрэсидьиэнэ Григорий Ледков илии баттаатылар.

Киэҥ иэннээх сирдэри экэнэмиичэскэй өттүнэн сайыннарыы, биллэн турар, суолталаах, ол эрээри, тыйыс хоту дойдуга, Арктикаҕа олорор норуоттар сайдыыларын умнуо суохтаахпыт. Онон Саха сирэ ассоциацияны кытары бииргэ үлэлэһиитэ улахан суолталаах, — диэн Ил Дархан бэлиэтээн эттэ.

Григорий Ледков аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар бырааптарын көмүскүүргэ Саха сирэ көдьүүстээх бырайыактары үлэлэтэллэрин санатта.

Сөбүлэһии чэрчитинэн, норуоттар сокуоннай интэриэстэрин көмүскүүргэ, кыһалҕалары быһаарарга, култуурунай, социальнай сайдыыга туһуламмыт федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи бырагыраамаларга бииргэ үлэлэһиэхтэрэ.

Сибиир, Уһук Илин аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттарын ассоциацията 1990 сыллаахха тэриллибитэ. Билигин Арассыыйаҕа олорор аҕыйах ахсааннаах 40 норуоту түмэр. Кинилэр интэриэстэрин федеральнай уонна аан дойдутааҕы таһымҥа көмүскүүр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0