Хотугу эдьиий кынчыатаабыт

Ааптар:  Максим Ксенофонтов
10.04.2023
Бөлөххө киир:
Фото: pxhere.com
Мохулу эбэ кытыытынан тарҕанан олорор ыаллар ТСОЗ-тан (кыттыһан сири таҥастыыр табаарыстыбаттан) Чыкаалап аатынан холкуос буолбуттара. Бурдук ыһар бааһына таһаараары, тыаны солоон, уматан, чөҥөчөктөрү түөрэн, эт-тирии элэйэн туран, бурдук буолата оҥорбуттара. Сайын от ыйын саҥатыттан, сарсыарда тыҥ хатыаҕыттан киэһэ күн киириэр дылы от үлэтин былаанын толороору ийэ-хара көлөһүннэрэ тохторо.

Кириилэ Никииппэрэп уонна Маарыйа Ыстаппаанап (1930-ус сылларга дьахтар араспаанньатын эр киһи киэнин курдук этэллэрэ, суруйаллара) холкуос бары үлэтигэр бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьаллара. Кинилэр уопсай үлэ туһугар сыраларын-сылбаларын харыстаабаттара.

Күһүн «көлөһүн күннэрин» аахсан, дохуоттарыгар бурдук, эт, арыы ылаллара. Соҕотох ынахтара Эриэкий сүрдээх хойуу үүттээх этэ. Холбуй үүттэрин аһытан, икки хос туоһунан тигиллибит улахан таналҕаҥҥа тар оҥороллоро. Таналҕаннарын балаҕаннарын арҕаа эркинин күлүгэр сиргэ көмөн, айаҕын эрэ быктаран тураллара. Тардарыгар кииһилэни, үөрэ отун, сиэбит балыктарын, кустарын, куобахтарын уҥуоҕун кэлэ-бара кута сылдьаллара. Сайыны быһа аһыйбыт тарга сытан, уҥуох өҥүргэс курдук сымныыра.

Кыһын ол тардара улаханнык абырыыра. Оҕолор, Бааскалаах Еля улаатан испиттэрэ. Кыһын, олунньу бүтүүтэ, биирдэ, ийэлэрэ Бааскаҕа тар көйөн киллэрэргэ соруйбута. «Халлаан сылыйбыт», — дии санаабыт уол халтаҥ сонун тимэхтэммэкэ, нэлэккэй сүүрэн тахсан, алтан хочулуокка тар көйөн киллэрбитэ. Ити киэһэ, тымныйан, бастаан тумуулаабыта. Онтон, этэ-сиинэ итийэн, устунан ыалдьан, лип сытынан кэбиспитэ.

Ийэтэ сиидэс былаатын сөрүүн ууга илитэн баран, уолун сүүһүгэр ууран, төбөтүн ыарыытын мүлүрүтэ сатаабыта. Үүт кыынньаран, сөрүүн уунан убатан, сиҥэ оҥорон иһэрдибитэ. Уоллара сарсыныгар эмиэ турбатаҕа. «Уҥуоҕум кыйар, төбөм ыалдьар», — диирэ уонна кураанаҕынан сөтөллө сатыыра.

— Доҕоор, кырдьаҕаһы ыҥырыахха дуу? — Маарыйа Кириисэттэн ыйыппыта.

— Арай, оннук гыныыһыбыт, — кэргэнэ тута сөбүлэһэн, кулун тириитэ сонун кэтэн, сэрэмээтинэн курданан, таҥнан хачыгырайан киирэн барбыта.

Киэһэлик аҕалара Малдьаҕар нэһилиэгин ытыктанар кырдьаҕаһын — Ойуун Киргиэлэйи кунанын сыарҕатыгар тиэйэн аҕалбыта. Кырдьаҕас киирэн, дорооболоспута, түүтэ соролоон эрэр таба сонун, сахсайбыт бөрө бэргэһэтин устан, сатанахха ыйаабыта, нээлбилэммит моойторугун куруму этэрбэһин сототугар охсуолаан кырыатын тэбээбитэ уонна сонун сиэҕигэр симпитэ. Таҥара холоруга турар муннугун диэки хайыһан, кириэстэнэн сапсыммыта: Киргиэлэй ойун (арҕаа эҥэр сорох түөлбэлэргэ итинник, кылгатан этэллэр) да буоллар, бырасылаабынай миэрэни утарбат этэ. Онтон көмүлүөк иннигэр кэлэн тарбахтарын сараадытан ытыһын иттэ түспүтэ.

— Киргиэлэ-эй, ити кыра уолбут үгээрдээн хаалла. Көрбөккүн ээ, — Маарыйа төгүрүк остуолугар киэһээҥҥи аһылыгын бэлэмнии туран эҥээрийбитэ.

Ойун тула көрбүтэ. Кырачаан Иэлэ ийэтин кэннигэр саһан, ырбаахытын тэллэҕиттэн тутуһан сэрбэйэн туран, ыалдьыты одуулаһан кылахачыйбыта. Киргиэлэй уолчаан сытар наара оронугар кэлэн кытыы олорбута. Оҕону сөрүүн илиитинэн сэрэммиттии тутан-хабан көрбүтэ.

— Хотугу Эдьиий кынчыатаабыт. Үнүр дьиэҕит аттыгар үрүҥ мэкчиргэ буолан көтөн кэлэн, күрүө сүлдьүгэһин баҕанатыгар олорбут. Ону бу оҕо тоҥ сылгы сааҕынан быраҕан, куттаан ыыппыт. Онно соһуйан, куһаҕан хараҕынан кынчайан ылбыт. Ол эрэн, уолгут үс хонон баран үтүөрүүһү, — Киргиэлэй намыын куолаһынан сыыйан саҥарбыта.

Ыарыы ытарчатыгар хам ыллара сытар Бааска уол «үтүөрүүһү» диэн тылы сүрдээх үчүгэйдик, чэпчии истибитэ уонна тонолоҕор өндөйөн, аттыгар ийэтэ сарсыарда кытыйаҕа уурбут лэппиэскэтин тооромоһун ылан, кырдьаҕаска махтаммыттыы ууммута.

— Бу оҕо барахсан бэрсигэнэ бөҕө, дьэ, бэрт, киһи киһитэ буолсу, — диэн ойуун күлүм аллайбыта.
Туран, сибигинэйэн кэриэтэ сахалыы, эбэҥкилии уонна былыргы тыллары туттан, ботугураан саҥара-саҥара, көмүлүөк холумтанын чоҕугар үрүҥ сиэли ууран, сыт таһаарбыта, алҕаабыта.

Онтон Киргиэлэй киэһэни быһа уол түөһүн, агдатын имэрийбитэ, илбийбитэ, тугу эрэ уоһун иһигэр ботугураан уһуннук саҥарбыта. Тохтуу түһэн баран, уһун, саҥардыы кыырыктыйан эрэр баттаҕын кэтэҕин диэки өрө ньиккэрийбитэ, уоттааҕынан чолбоодуччу көрбүтэ уонна суордуу «хуухтаан» баран, балаҕан эркинигэр силлээн «палк» гыннарбыта. Ойуун силэ эркиҥҥэ, тары сыбаабыт курдук, маҥхас гына түспүтэ…

Киэһэлик Баһылай ыарыыта арыый мүлүрүйбүтэ, түүн син ханныктык эмэтик утуйбута. Сарсыныгар биллэрдик чэпчээн уһуктубута. Тыыннаҕына түөһүн иһэ аһыйара аччаабыкка дылы буолбут этэ.

…Ойуун силэ балаҕан эркинигэр хас да сылы быһа кубарыччы маҥхайан турбута. Ону Баһылай сүрдээхтик сөҕөрө. Дьээбэҕэ, бэйэтэ эркиҥҥэ силлээн көрдөҕүнэ, силэ хатан, сүтэн хаалара. Оттон Киргиэлэй силэ бэрт өргө дылы кубарыччы хатан турбута. «Иэдьэгэйи ыстаан баран силлээн кэбиспиккэ дылы буолан», — дии саныыра уолчаан.

Ойуун кэлэ сылдьан эмтээбитин уолчаан умнубаттыы өйдөөн хаалбыта. Кэлин, биирдэ, Киргиэлэй кырдьаҕас ыалдьыттыы кэлэ сылдьыбытыгар, Кириискэ: «Бу, улахан уолум, Уйбаан, хаһан ыал буолуоҕай?» — диэн ыйыппыта.

Киргиэлэй, ону ылынан, инникини тымтыктанан көрөөрү, хаартынан бараһыайдаабыта.
Бастаан, холуодалаах хаартыны чэрдээх илиитигэр ылан, имигэс тарбахтарынан бэрт үөрүйэхтик ырытан тыһырҕаппыта. Онтон Уйбааҥҥа быстарбыта. Дьиэлээхтэр бары төгүрүк остуол тула үмүөрүспүттэрэ. Кинилэр «кырдьаҕас» тугу сэрэбиэйдиирин олус сэргээн кэтэспиттэрэ. Бэл, кырачаан Иэлэ, ийэтин түһэҕэр көтөхтөрөн сэрбэллэн олорон, ойун хас хамсаныытын дьиктиргээбиттии одуулаһара.

— Уолуҥ, бу, сотору кэминэн, уһун суһуохтаах, көнө уҥуохтаах, көрсүө майгылаах, үтүө дьүһүннээх, орто сэниэ ыал кыыһын сүгүннэрииһи. Тарбыйахтаах, бэрт үүттээх эриэн ынах энньэлээх буолсу, ол кыыс, — диэбитэ Киргиэлэй бэрт эрэллээхтик, «хаарты-маатыска» холуодатыттан ылан, уонча хаартыны утуу-субуу тэлгии уурталаан баран.

Өр буолбатаҕа, Уйбаан, кырдьык даҕаны, үкчү ойун ойуулаабытын курдук кыыһы — Натааны — кэргэн ылбыта. Кырдьаҕас, бэл, кийиит кыыс энньэтин кытта сөпкө эппит этэ. Натаа бэрт үүттээх, эриэн ынах энньэлээх кэлбитэ. Ынаҕа тарбыйахтаах этэ.

Сэбиэскэй кэмҥэ ойууну, удаҕаны көлөһүннүүр, баттыыр кылаас бэрэстэбиитэлин, баай хос моонньоҕун курдук суруйаллара, көрдөрөллөрө. Аҥардас Күндэ «Мааппатын», Амма Аччыгыйа «Сааскы кэмин», Суорун Омоллоон «Аанчыгын» даҕаны ылан ааҕан көрдөххө, ойуун диэн албын-көлдьүн шарлатаан, үлэһит дьону сүүлүктүүр массыанньык диэн өйдөбүл үөскүүр. Оттон Ойуун Киргиэлэй бэрт көнө, иҥсэтэ суох, дьадаҥы олохтоох, бар дьонугар туһалыы эрэ сатыыр кырдьаҕас этэ. Кинини сэнээн, атаҕастыырга холоммут дьону эрэ, «абааһыларын кигэн», кытаанахтык «боччуйара». Ол — бэйэтэ туспа кэпсээн.

+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0