Хотугу улуустарга нэһилиэнньэ ахсаана эбиллэр

Ааптар: 
08.01.2018
Бөлөххө киир:

Ааспыт 2017 сылынан Арктикатааҕы уонна хотугу улуустар 2014-2017 сс. итиэннэ 2020 с. диэри социальнай-экономическай сайдыыларын кэлим бырагырааматын маҥнайгы түһүмэҕэ түмүктэннэ.

edersaas.ru.

Арктика дьыалаларыгар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Прокопий Николаев иһитиннэрбитнэн, бырагыраама чэрчитинэн 69 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх, ол иһигэр бүддьүөт үбүнэн 13,7 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх олорор дьиэ, 17 социальнай эбийиэк (уон уһуйаан, биэс спортсаала, үс оскуола, үс балыыһа, биир култуура дьиэтэ) тутуллубуттар. Энергия көдьүүстээх технологиятын киллэрии үлэтэ көхтөөхтүк ыытыллан, аҕыс дизельнай электроыстаансыйа, аҕыс күн күүһүнэн үлэлиир ыстаансыйа үлэҕэ киллэриллибит, Булуҥҥа тыал күүһүнэн үлэлиир ыстаансыйа тутуллар. Федеральнай бырагырааманан 2017 с. Тикси, Саккырыыр, Орто Халыма уонна Чокурдаах аэропортарын саҥардыыга үп көрүллүбүт, билигин Белай Гора, Депутатскай, Жиганскай, Зырянка уонна Черскэй аэропортарын өрөмүөннээһин боппуруоһа үөрэтиллэр.

Ханна даҕаны олох таһыма нэһилиэнньэ ахсаанынан сыаналанар. Тус сыаллаах бырагыраама үлэлиэҕиттэн тыйыс айылҕалаах хотугу дойдуттан дьон көһөн барыыта биллэрдик аҕырымнаабыт, өссө 2017 сыл түмүгүнэн нэһилиэнньэ ахсаана эбиллибит. Бу көстүү түөрт национальнай улууска — Анаабырга, Өлөөҥҥө, Эдьигээҥҥэ уонна Эбээн-Бытантайга ордук бэлиэтэнэр.

Арктика түбэтин 2030 сылга диэри социальнай-экономическай сайыннарыы өрөспүүбүлүкэтээҕи Стратегиятын бигэргэтии кэнниттэн, эрэгийиэн судаарыстыбаннай бырагыраамаларыгар Арктикаҕа уонна хотугу оройуоннарга аналлаах салаалар баар буолуохтара.

Раиса Сибирякова, Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0