Хоту уматык тиэрдиллибэт чинчилээх

27.03.2017
Бөлөххө киир:

Хоту улуустарга күн-дьыл туруга төһө да мөлтөөтөр, «Сахаэнерго» кытыы сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга уматыгы тиэйии-таһыы үлэтин салгыы ыытар.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

Бу күннэргэ Уус Куйга – Депутатскай хайысхатынан буурҕа түһэн, суол иккис нэдиэлэтин сабыллан турар. Онон тиэйии-таһыы үлэтэ бытаарда. Усуйаана Хаһааччыйатыгар, Туматыгар, Усуйаанатыгар, Хайырыгар уонна Сайылыгар 500 т дизельнэй уматык, 400 т таас чох уонна 2,6 тонна ньиэп тиэрдиллибит. Суол аһылынна даҕаны, өссө 4,7 тыһ. т уматыгы тиэйиэхтээхтэр. Бириэмэ ыгымынан, энергетиктэр тиэхиньикэ ахсаанын элбэтэр былааннаахтар.

Орто Халыма, Аллараа Халыма, Муома уонна Эбээн Бытантай улуустарыгар балаһыанньа эмиэ кытаатан турар. Сорох сиринэн тааҥнаан, массыыналар хастыы да хонук айаннаабакка турдулар. Аны кыһыҥҥы суол муус устар 15 күнүгэр номнуо сабыллыахтаах. Бүгүҥҥү туругунан Муомаҕа тиэллиэхтээх таһаҕас – 70%, Аллараа Халымаҕа – 72% тиэрдилиннэ.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0