Хоту улуустарга социальнай суолталаах ас тиийиитэ бүгүн түмүктэнэр
Ахсынньы 28 күнүнээҕи туругунан, былааннаммыт 26 рейстэн 22-тэ оҥоһулунна, 45 876 кг социальнай суолталаах ас-үөл хоту улуустарга тиийдэ.
Бүгүн өссө эбии «күөх рейстэр» Муома уонна Усуйаана улуустарыгар оҥоһуллаллар. Онно 11,2 туонна оҕуруот аһа уонна фрукта тиэрдиллэр. СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Василий Афанасьев, бу күннэргэ хоту улуустарга социальнай суолталаах табаары, аһы-үөлү барытын илдьэн бүтүөхтээхпит диэн эттэ:
—Аллайыаха, Булуҥ, Үөһэ Халыма, Дьааҥы, Кэбээйи, Аллараа Халыма уонна Орто Халыма улуустарыгар аһы-үөлү барытын илтибит. Бүгүн Муомаҕа уонна Усуйаанаҕа рейстэр көтөллөр. Онон, былааннаммыт ас-үөл бу киэһэ барыта тиийиэҕэ. Быһыыны-майгыны хонтуруолга тутабыт, эбээһинэһи толоруохпут диэн эрэннэрэбит, – диэн миниистири солбуйааччы иһитиннэрдэ.
Виктория Бястинова, edersaas.ru