Былырыын Саха сиригэр уон биир тыһыынчаттан тахса табаны аһыылаах кыыл тардыбыт. Чуолаан, Алдан, Томпо, Муома, Булуҥ, Эдьигээн, Кэбээйи хаһаайыстыбалара улахан сүтүктэммиттэр. Бу туһунан бэҕэһээ буолбут брифиҥҥэ Арктика дьыалаларыгар кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Алексей Киселев суруналыыстарга иһитиннэрдэ.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru
Алексей Васильевич ардай аһыылаахтары сиринэн ир суолларын ирдээн бултааһын көдьүүһэ кыратын, оттон сүрүннээн хайа быыстарынан бөртөлүөтүнэн көтө сылдьан ытыалааһын олус ороскуоттааҕын, сыллата бу сыалга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 20 мөлүйүөн солкуобай көрүллэрин, ол туохха да тук буолбатын ыйда. Таба хаһаайыстыбаларыгар бөрөһүттэр сэттэ уон биригээдэлэрин тэрийиигэ биэс мөлүйүөн солкуобай тыырыллыбытын, олор баара-суоҕа 183 кыылы бултаабыттарын эттэ.
Кэмитиэти салайааччы бөрөнү эһиигэ дьааты туттуу көдьүүстээҕэ диэн санаатын үллэһиннэ, ол эрээри итинник ньыманан бултааһын сокуонунан бобуллубутун ыйда.
Былырыын Саха сиригэр 31 392 таба туһата суох өлбүт, онтон 11 433 бөрөлөр тардыбыттар. Ити кэм устата 800 тахса ардай аһыылаах суох оҥоһуллубут.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru