Хоту таһаҕаһы тиэрдии: былаан кыра аҥара туолла

Бөлөххө киир:

Усуйаана улууһугар ыксаллаах быһыы-майгы балаһыанньата олунньу 13 күнүгэр тохтотуллубута. Депутатскай — Уус Куйга суола аһыллан, уматыгы, оттугу таһа сылдьаллар. Нэһилиэнньэ олоҕор куттал суоһаабатын хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Юрий Зайцев Депутатскайга тиийэн улуус дьаһалтатын, энергетиктэри, суол-иис уонна хонтуруоллуур тэрилтэ үлэһиттэрин түмэн, мунньах ыытта. Манна Дьааҥы улууһун баһылыга Виктор Павлов тустаах үлэһиттэринээн саҥа арыллыбыт кыһыҥҥы суолунан айаннаан кэлэн, кыттыыны ылла.


Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Мунньахха үөскээбит балаһыанньаны ырыттылар, салгыы үлэлиир ньымалары торумнаатылар. Быйыл хотугу улуустарга барыларыгар ыксаллаах быһыы буола сырытта. Сайын элбэхтик ардаан, күһүн тоҥорон биэрбэккэ уонна кыһын сылаас буолан, хотугу улуустары оттугунан, бородууктанан хааччыйар суоллар хойутаан, тохсунньуга, олунньуга биирдэ аһылыннылар. Үрэхтэр, өрүстэр муустара чараас буолан, улахан уйуктаах массыыналар туоруур кыахтара суох этэ. Ону тэҥэ тохсунньуга күүстээх буурҕа түһэн, халыҥ хаар тибэн, сорох сирдэргэ суолу букатын бүөлээн кэбиспитэ. Депутатскайтан Уус Куйгаҕа тиийэр суол 37–50 уонна 105–140 килэмиэтирдэригэр, ордук хайаттан түһэргэ, тахсарга иккилии-үстүү миэтэрэ үрдүктээх хаар тибэн кэбиспитэ.

Ону тэҥэ суоппардар таһаҕаһы таһыы сыанатын үрдэтэргэ «Энерготрансснаб» АУо тэрилтэ салалтатыттан көрдөспүттэрин ылыммакка, дуогабарга илии баттаспатахтар. Суоппардар урут алтынньы-ахсынньы ыйдарга Депутатскайга оттук 80%-нын, Сайылыкка 35%-нын тиэйэр этибит дииллэр. Оттон быйыл бу саппаас оҥоһуллубакка хаалбыт, онуоха эбии күн-дьыл алдьанан биэрбит.

Суолу ыраастааһыҥҥа “Арктика суоллара” тэрилтэ күүскэ үлэлээтэ. Генеральнай дириэктэр Владимир Чусовской иһитиннэрбитинэн, барыта сүүстэн тахса тиэхиникэ, 130 киһи хорутуулаахтык үлэлээбит. Абый, Аллайыаха, Муома, Усуйаана, Орто Халыма улуустарыгар кыһыҥҥы суоллары икки нэдиэлэ, сорохтору биир ый хойутаан арыйбыттар. Депутатскай—Уйаандьы—Сыаганнаах суола арылла илик. Белай Гора— Чокуурдаах суола саҥа арылынна. Тополинай—Уус Куйга, Нижнеянскай—Уус Куйга, Дьааҥы, Эбээн Бытантай суолларыгар 30 туонналаах таһаҕаһы тиэйии көҥүллэммит. Депутатскай— Уус Куйга суола, дьиҥинэн, сылы эргиччи үлэлиэхтээх. Билиҥҥи туругунан, биир эрэ балаһалаах арылынна. Ол эбэтэр, суол кыараҕас, икки массыына утары көрсүтэҕинэ, биирдэһэ тохтоон, туораан биэриэхтээх.

ГИБДД үлэһиттэрин кытта өйдөстүлэр

Усуйаана улууһугар «Теплоэнергосервис» 25 тыһ. туонна чоҕу, «Сахаэнерго» 15 тыһ. туонна дизельнэй уматыгы аҕалыахтаахтар. Бу былаан 15-17% туолан турар. Дизельнэй уматык бары нэһилиэктэргэ тиэрдиллэр. Холобур, Тумакка 20 суукка, Хайырга 42 суукка, Депутатскайга 22 суукка, Сайылыкка 16 суукка тиийэр саппаастаахтар.
“Теплоэнергосервис” кылаабынай инженерэ Алексей Ивлев Хаһааччыйаҕа 121 туонна, Сайылыкка 416 туонна ньиэп тиэрдилиннэ диэн отчуоттаата. Сайылыкка ыксаллаах быһыы-майгы балаһыанньата уһулла илигинэн, ордук болҕомто ууруллар. Бу нэһилиэккэ 2,1 тыһ. туонна ньиэп тиэрдилиннэҕинэ эрэ, сылы туоруур кыахтаахтар. Билигин ол хайысханан уопсайа 44 туонна кээмэйдээх 4 тиэхиникэ үлэлиир, өссө 3 тиэхиникэни эбэн биэриэхтээхтэр. Уматыгы Нижнеянскайдааҕы нефтебазаттан уонна Уус-Куйгаттан таһаллар.

Юрий Зайцев иһитиннэрбитинэн, хотугу улуустарга барыта 707 тыһ. туонна таһаҕас тиэрдиллиэхтээҕиттэн, билиҥҥитэ 241 тыһ. туонна тиэйиллэн, былаан 34% эрэ туолан турар. Былаантан 220 тыһ. туоннанан хаалыы баар. Урукку сылларга 20-30 тыһ. туоннанан хаалар этилэр. Ол да буоллар, Юрий Николаевич бу сыл аайы баар көстүү, ону Усуйаана балаһыанньатыгар күүркэтии, омуннуруу баар диэн эттэ.

Уматыгы, оттугу таһар суоппардар өссө биир кыһалҕаны көрүстүлэр. Былырыыҥҥыттан ыла кутталлаах таһаҕаһы таһарга ирдэбиллэр тустарынан федеральнай сокуон үлэҕэ киирбитэ. Бу сокуон ирдииринэн, ньиэби, дизельнэй оттугу таһар массыына хайаан да тахографтаах, АБС туормастыыр систиэмэлээх буолуохтаах.
ГИБДД Усуйаанатааҕы отделын начаалынньыга Петр Абрамов иһитиннэрбитинэн, бу ирдэбиллэргэ эппиэттиир 8 эрэ массыына баар эбит. Тоҕо диэтэр, бу анал систиэмэни туруортарарга атын куораттан исписэлииһи ыҥыртарыахха наада. Онтон атыттар таһарга көҥүллэрэ суох буолан тахсар.

Ол эрээри, улууска үрдэтиллибит бэлэм буолуу эрэсиимэ биллэриллибитинэн, ГИБДД үлэһиттэрэ балаһыанньаны өйдөөн, утары барарга сөбүлэһэн, биир тылы буллулар. Бытааннык айанныыр буоллахтарына, көҥүллэнэр диэн буолла.
Кыһыҥҥы суол сабыллара икки эрэ ый хаалла. Бу кылгас кэмҥэ туох баар мэһэйдэри туоратан, баар тиэхиньикэни барытын үлэлэтэн, күнүстэри-түүннэри таһан, бары бииргэ түмсэн, былааны толоруу, таһаҕаһы тиэрдии соруга турар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0