Арассыыйа биллэр блогера, айанньыт Богдан Булычев хамаандатын кытта Саха сиригэр сырытта. Кинилэр Саха сиригэр уонна Уһук Илиҥҥи уокурукка саамай хотугу туочуканы — Пакс тоҕойун — туристическай маршрут оҥорор сыалтан кэккэ хоту улуустары кэрийэн көрдүлэр. Айанньыт ону ситиһэргэ сөптөөх инфраструктура уонна сервис баар диэн быһаарар. Бу эспэдииссийэ Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах, Ил Дархан Айсен Николаев быһаччы өйөбүлүнэн ыытыллар.
«Биһиги Саха сирин уонна Уһук Илиҥҥи уокурук саамай хоту туочукатыгар тиийэ сырыттыбыт. Инфраструктураны уонна төһө турист кэлиэн сөбүн анаалыстаан көрдүбүт. Маны сайыннарарга барыта баар диэн быһаардыбыт. Маҥнайгы тууру оҥоруохха сөп. Биһиги кэлэр сылга Саха сиригэр Кытайтан туристар бастакы бөлөхтөрүн аҕалары былааннаатыбыт. Кинилэргэ бу Пакс то5ойун көрдөрүөхпүт (Лаптептар муораларыгар Анаабыр хомотун биэрэгэр баар)», — диэн Богдан Булычев быһаарар.
Ил Дархан Айсен Николаев бу бырайыагы өйүүрүн биллэрдэ. Эспэдииссийэ кыттыылаахтара өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, чуолаан хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ ураты култуураларын, үгэстэрин олус интэриэһинэйдик билиһиннэрбиттэрин туһунан кэпсээтилэр. Билигин хамаанда Кытай туристическай оператордарын кытта ураты маршруту оҥорууга көмөлөһөллөрүгэр үлэни тэрийэн саҕалаабыттар.